Халаан содула: Бастакы көмөнү чугас дьонноро оҥороллор

Бөлөххө киир:

Амма улууһугар халаан содулун туоратыыга үлэ-хамнас барар. Ону тэҥэ дьиэлэрэ ууга барбыт дьоҥҥо көмөнү өрөспүүбүлүкэ үгүс тэрилтэлэрэ, биирдиилээн дьон оҥордулар. Куоракка оперативнай ыстааптар, көмө пууннара тэриллэннэр, дьонтон малы-салы хомуйан, билиҥҥитэ “Ирбиһинэн” ыыта олороллор. Көмө миэстэтигэр хайдах түҥэтиллэрин туһунан төлөпүөнүнэн ыйыталастыбыт.

edersaas.ru

3 оҕолоох Платоновтар дьиэ кэргэттэрин дьиэлэригэр уу муостаны 50-70 см кэриҥэ үрдүгүнэн таһыйбыт. Муоста анна-үрдэ, оһох, туох баар миэбэл, кыһыҥҥы, сайыҥҥы таҥас-сап барыта сытыйан, буорту буолбут. Яна Геннадьевна “Хатыҥчаана” уһуйааҥҥа иитээччинэн, Петр Семенович Амма лицейигэр педагог-тэрийээччинэн үлэлииллэр.

— Бу маннык ыксаллаах быһыыга-майгыга биһиги дьиэ кэргэн бастакыбытын түбэстибит. Хаһан да маннык элбэх уу кэлбэтэҕин кэллэ. Гуманитарнай көмө өттүттэн улууспут олохтоохторо, кэлиэгэлэрбит туора турбакка, олус көхтөөхтүк аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан көмөлөстүлэр, өйөбүл буоллулар, — диэн кэпсиир ыал ийэтэ.

— Маннык ыксаллаах кэмҥэ ким ордук өйөбүл буолар эбитий?

— Бастакы өйөбүлү чугас аймахтарбыт оҥордулар. Эдьиийбит Мария Афанасьевна дьиэтигэр киллэрэн, аһатан-сиэтэн, көмөлөһө сылдьар. Ону тэҥэ бииргэ үлэлиир кэлиэгэлэрбит өйөбүл буолан, көмөнү оҥордулар. Кинилэргэ, биир дойдулаахтарбытыгар махталбыт муҥура суох!

— Куораттан тиийбит гуманитарнай көмөнү хайдах түҥэтэллэрий? Ким онно тиксэрий?

— Гуманитарнай көмөнү, мин билэрбинэн, ЗАГС дьиэтигэр аҕалаллар. Онно таҥас-сап арааһа барыта баар. Ууга барбыт дьоҥҥо аадырыстарынан түҥэппэттэр, ким наадыйар кэлэн ылар быһыылаах. Биллэн турар, сорох дьон кыбыстан, “миэхэ сөбө суох эргэ таҥастар бааллара буолуо” эҥин диэн, барбаттар быһыылаах. Холобур, бүгүн утуйар таҥас кэлбит диэни истибитим да, үгүстэр үлэлэрин үгэнэ буолан, кыайан барбакка да сылдьаллар.

— Оттон өрөспүүбүлүкэттэн  уонна федеральнай көмө хаһан кэлиэх курдугуй?

— Ити боппуруоһу билбэппин, хаһан кэлэрэ эбитэ буолла. Аҕабыт докумуоннарын биэрбитэ, көмө чопчу хаһан кэлэрин эппэтэхтэрэ.

Билигин Аммаҕа уу түспүтүн кэннэ, куурдунуу, чөлүгэр түһэрии үлэтэ күүскэ ыытыллар. Платоновтар дьиэлэрин муостатын анна уулаах. Дьиэлэригэр хаһан киирэллэрэ биллибэт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0