Халаан кэмигэр үөскүөн сөптөөх ыксаллаах балаһыанньа кэмигэр санитарнай-эпидемиологическай дьаһаллары кэмигэр хааччыйар уонна сыстыганнаах ыарыылар көбөллөрүн сэрэтэр туһугар СӨ Роспотребнадзора кэккэ сүбэлэри биэрэр.
edersaas.ru
— Билбэт сиргититтэн ууну туһанарга ылымаҥ;
— Иһэргэ оргуйбут ууну эбэтэр бытыылкалаах ыраастаммыт ууну эрэ туһаныҥ. Уу хараллыбыт усулуобуйатыгар болҕомтону ууруохха наада (бытыылка таһыгар суруллар). Өскөтүн дьиэҕэ эбэтэр үлэҕэ кулертан уу иһэр буоллаххытына, сотору-сотору кулеры ыраастыахха, фильтрин уларытыахха наада;
— Тус гигиенаны кытаанахтык тутуһуохха (туалекка сылдьан, дьиэ кыылын кытары хантаактаһан баран уонна ас бэлэмниэх иннинэ илиини мыылалаах уунан кичэллээхтик суунуохха);
— Оҕуруот аһын уонна фруктаны сиэх иннинэ уунан үчүгэйдик сууйан баран, итии уунан саба ыстарыахха;
— Сыстыганнаах ыарыы сибикитэ билиннэҕинэ, суһал мэдиссиинискэй көмө наадатын умнумаҥ. Ыарыһаҕы дьиэҕэ эмтиир буоллахха, киниэхэ туспа иһит-хомуос көрүллүөхтээх. Тоҕо диэтэххэ, оһоҕос инфекциятыгар хантаагынан сыстар куттал улахан. Ыраастыыр сириэстибэлэри туһанан дьиэни сууйа-сото, илиини кичэллээхтик сууна сылдьыллар.
Сэрэнэр дьаһаллары толорон, оһоҕос ыарыыларыттан харыстаныаххыт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru