Халаан кэмигэр дьиэтигэр 60 оҕону олордубут

Ааптар: 
13.04.2019
Бөлөххө киир:

Уус Маайа улууһун Күп нэһилиэгин олохтооҕо Евгений Алексеев олохтоох хочуолунайга чоҕу киллэрэр-таһаарар оператор.

edersaas.ru


Алексеевтар үс уоллаахтар. Улахан уол үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, Өймөкөөҥҥө силиэдэбэтэлинэн, орто уол суол оҥорооччунан үлэлииллэр. Кыра уоллара — ХИФУ устудьуона. Соторутааҕыта Нерюнгригэ тиийэн тустан, спорт маастарын нуорматын толорон, чугас дьонун уонна биир дойдулаахтарын үөрдүбүт.

Евгений Алексеев  кэтэх хаһаайыстыбатыгар 8 ыанар ынахтаах, 6 козалаах, 4 кууруссалаах.

Былырыын Күп нэһилиэгэр буолбут улахан халааҥҥа Евгений Евгеньевич бэйэтин дьиэтигэр 60 оҕону олордон, биир дойдулаахтара киниэхэ махталлара муҥура суох. Мин итиччэ элбэх оҕону, эбии улахан дьону дьиэтигэр хайдах батарбытын ыйыттым.

Мантан килэмиэтир курдук тэйиччи үрдүк сиргэ олоробун. 8x8 кв м иэннээх дьиэлээхпин. Халаан кэмигэр онно нэһилиэк оҕолорун ылан олордубутум. Улахан дьону ааҕа да барбаппын. Баанньыкпынан, гарааспынан, ампаарбынан нэдиэлэ курдук толору киһи олорбута. Бэйэм дьиэбэр баппаккабын, үс сиэммин кытта массыынабар хоно сылдьыбытым. Үрдүк сир буолан, мин эрэ дьиэм ордон хаалбыта. Нэһилиэк дьиэтин бүтүннүү уу ылбыта. Муус барар кэмэ буолан, хаар да хаар, тымныы да тымныы кэм этэ, — диэн былырыыҥҥы халаан алдьархайын кэпсиир.

62 саастаах спорт бэтэрээнэ: «Билигин да тэрээhиннэргэ, күрэхтэhиилэргэ барытыгар кытта сатыыбын. Бу бэтэрээннэргэ туста бараары сылдьабын», — диэн этэр.

Маннык дьонноох буолан, Күп олохтоохторо эркин курдук эрэллээхтик сананаллар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха  сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0