Халаан хоромньутун ааҕыы түмүктэниэ

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр сааскы халааҥҥа тахсыбыт  хоромньу кээмэйэ 200  мөлүйүөн курдук  солкуобайга тэҥнэстэ. Онно сүрүн өлүүнү суоллары чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ уонна халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо төлөбүрдэр ылаллар.

“Сааскы халаан хоромньутун суумата бастаан 170 мөлүйүөн курдук этэ, онтон өссө чопчуланан улаатан таҕыста, 200 мөлүйүөҥҥэ тиийдэ”, — диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сааскы халаан уутуттан хоромньу ороскуотун ааҕыы сотору кэминэн түмүктэниэхтээҕин туһунан эттэ.

«Баайдара-дуоллара уонна дьиэлэрэ эмсэҕэлээбит дьоҥҥо төлөбүрдэр хамыыһыйа үлэтэ түмүктэннэҕинэ оҥоһуллуохтара.  Суолу чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ыытылла тураллар”, — диэн СӨ Ил Дархана бүгүн “Якутия-24” ханаалга быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ»,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0