Кээмэйэ
1. Эрэгийиэн уонна муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр, өрөспүүбүлүкэ саппаас пуондадыттан көрүллэр:
— Биир кэмнээх көмө : хас биирдии киһиэхэ 5 тыһ. солк.
— Баай-дуол сороҕун сүтэриигэ: хас биирдии киһиэхэ 10 тыһ. солк.
— Баайы-дуолу олорчу сүтэриигэ: хас биирдии киһиэхэ 20 тыһ. солк.
2. Федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэр түгэнигэр, федеральнай саппаас пуондаттан бэриллэр:
— Биир кэмнээх көмө: хас биирдии киһиэхэ 10 тыһ. солк.
— Баай-дуол сороҕун сүтэриигэ: хас биирдии киһиэхэ 50 тыһ. солк.
— Баайы-дуолу олорчу сүтэриигэ: хас биирдии киһиэхэ 100 тыһ. солк.
Тугу гыныахха?
1. Сайабылыанньа. Нэһилиэк баһылыгын аатыгар суруллар.
2. Докумуоннар: хас биирдии киһи пааспарын, оҕо сибидиэтэлистибэтин бигэргэтиллибит куоппуйалара.
3. Болдьоҕо: ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитин кэннэ, сайабылыанньаны биир ый иһинэн бэриллэр.
4. Докумуоннары көрүү болдьоҕо: хамыыһыйа сайабылыанньаны биэс күн иһигэр көрөр.
5. Уу ылбыт дьиэлэрин көрөн оҥоһуллубут акт дьаһалта баһылыгынан бигэргэнэр.
6. Көмөнү ылар дьон испииһэгэ: нэһилиэк хамыыһыйата испииһэги оҥорон улуус дьаһалтатыгар ыытар. Улуус таһымыгар бары нэһилиэнньэлээх пууннартан түмүллүбүт испииһэк оҥоһуллар.
7. Олохтоох салайыныы уорганнара ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитин кэннэ, биир ый ааһа илигинэ Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын саппаас пуондатыттан көмө харчы оҥоһулларын туһунан биллэриэхтээхтээхтэр.
8. Үбү-харчыны биэрии: докумуоннар оҥоһуллан бигэргэтиллибиттэрин кэннэ, Саха Өрөспүүбүлэкэтин Айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ саппаас пуондатыттан үбүлээһин туһунан боппуруоһу көрөр. Федеральнай көмөнү Россия Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ быһаарар.
Эмсэҕэлээбиттэр испииһэктэрин, үп-харчы ороскуоттаныытын дааннайдарын иһин эппиэтинэһи муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара сүгэллэр.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ”, edersaas.ru