21-с үйэ ыччатыттан «Хакатон» диэн тугун ыйыттахха, тута сэргии түһэн, бу өйдөбүл ис хоһоонун кэпсии түһүөҕэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Оскуола оҕолоро, устудьуоннар аны «Хакатон» ньыматынан интэриниэт ситимигэр сонун бырайыактары торумнуур, ырытар буолбуттар. Бу туһунан мин Владимир Ларионов аатынан физико-техническэй лицейга ыытыллыбыт «Хакатон» дьыалабыай оонньууга сылдьан биллим. Тиийээппин кытта: «Суруналыыс киһи хараҕыҥ ураты көрүүлээх буолуо», — диэн дьүүллүүр сүбэҕэ олордон кэбистилэр. Ырытар бырайыактарын тиэмэтэ — туһалаах идэни таба талыы. Эбиэт иннинэ биэс хамаандаҕа арахсан, үлэ күөстүү оргуйбута быданнаабыт эбит. Бырайыактары көмүскээһин саҕана тиийбит буолан, «кэллиэгэлэрим» туохха ордук болҕомтобун ууруохтаахпын кэпсээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ да анаан талбыт курдук бэйэлэрин дьыалаларын үчүгэйдик билэр, хас биирдиилэрэ тус эйгэлэригэр «ыйааһыннаах» дьон буолан биэрдилэр.
Ол курдук, Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатын научнай кафедратын сэбиэдиссэйэ, экономическай наука хандьыдаата Виталий Алексеев, Дьокуускайдааҕы «Статус» каадыр киинин дириэктэрэ Татьяна Томская, Дьокуускай куораттааҕы лицей дириэктэрин солбуйааччы Ирина Соколова, физико-техническэй лицей үрдүкү кылаастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Юлия Владимирцева уонна кини солбуйааччыта Игорь Парников уонна мин, суруналыыс, бырайыактары биэс хайысханан дьүүллээтибит. Ол эбэтэр, бырайыак олоххо төһө туһалааҕын, сонун көрүүлээҕин, хамаанда чилиэннэрэ эбээһинэстэрин төһө сөпкө аттарбыттарын. Онтон да атын киһи ааҕа туруох ирдэбилэ үгүс.
Мин саамай сэргии көрбүтүм, хас биирдии хамаанда учууталтан, төрөппүттэн уонна оҕоттон таҥыллыбыт. Аны араас оскуолалар: ФТЛ (физико-техническэй лицей), 17 №-дээх оскуола, ЯГЛ (Дьокуускай куораттааҕы лицей), ГКГ (Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия). Хамаанда аайы — алталыы киһи. Түөрт чаас иһигэр бэйэ-бэйэлэрин олох билсибэт улахан дьон уонна оҕолор өрөспүүбүлүкэ инники сайдар саҕахтарын ытыска ууран биэрдилэр.
«Саха сирин инники кэскилэ» диэн хаһыытыы сылдьар ааттаах хамаанда чилиэнэ Олег Едисеев кэлэр кэмҥэ почтальон, юрист курдук идэлэр сүтүөхтэрэ, медицина, тутуу, авиация, туризм эйгэлэрин идэлэрэ инники күөҥҥэ тахсыахтара диэн туран, хамаанда «виртуальнай» ньыманан оҥорбут бырайыагын көмүскээтэ. Үксэ инфографика, схема нөҥүө буолан, киһи кинилэр толкуйдарын тута ылынар. Ол эрээри бу хамаанданы дьүүллүүр сүбэ 3-с миэстэҕэ таһаарда (мин кинилэргэ 2-с миэстэни «биэрбитим»).
2-с миэстэҕэ «Спутник» хамаанда тигистэ. Биир сөбүлээбитим диэн, манна аҕалар баһылыыр-көһүлүүр оруолу ыллылар.
Оттон 1-кы миэстэҕэ «Содружество» хамаанда тигистэ. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ бары да кинилэр бырайыактарын сөбүлээтибит. Ол курдук, хамаанда бэйэтин көрүүтүн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһаайда. Бырайыактарын Москва биир уобалаһыгар үлэлии турар «Идэ эйгэтэ» диэн Оонньуу куоратын уопутугар олоҕуран оҥорбуттар. Онно каникул кэмигэр саастарынан арааран, араас идэҕэ уһуйуу сменалара үлэлииллэр эбит. Уонна биир саамай кэскиллээх этии — үрдүкү кылаас оҕолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи интернет-портал аһан үлэлэтии. Бу, кырдьык, олус бэрт этии. Олоххо ким эмэ киллэрдэр ханнык!
— Портал ыччаты өрөспүүбүлүкэ 2030 с. диэри стратегиятын сайыннарыыга көҕүлүүр төһүү күүһүнэн буолуо этэ, — диэн бэлиэтээтилэр «Содружество» хамаанда чилиэннэрэ. Оҕоттон маннык тыллары истэр үчүгэйэ бэрдэ!
«Хакатон» дьыалабыай оонньуу модератора, ХИФУ финансовай-экэнэмиичэскэй институтун социологияҕа уонна персоналы салайыыга кафедратын сэбиэдиссэйэ, экономическай наука хандьыдаата Анна Михайлова бэлиэтээбитинэн, маннык хамаанданан оонньуу оҕону, учууталы уонна төрөппүтү биир ситимниир.
— Оҕону үрдүкү кылаастан буолбакка, 6-с кылаастан ханнык идэни таларыгар толкуйдуу үөрэтиэххэ наада. Төрөппүт оҕо идэтин таба таларыгар улахан оруоллаах. Онон бырайыактары толкуйдуур кэмнэригэр төрөппүттэр оҕолор оруолларыгар киирэн ыллылар, — диэн санаатын үллэһиннэ оскуолалары кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир социолог-учуонай Анна Михайлова.
«Хакатон» дьыалабыай оонньуу оскуолаларга тэнийэрэ буоллар, иитэр үлэҕэ олус туһалаах үлэ биир көрүҥэ эбит.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.