Тыа сирин дьонугар дьиэни-уоту өрөмүөннээһин үлэтэ, ол иһигэр сытыйбыт акылааты уларытыы түбүгэ саҕаланна.
Үгэс курдук, биһиги дьиэ акылаатын кырыска олордор идэлээхпит. Онуоха кырыс сымнаҕас буолан, акылаат бастакы мастара буорга батары түһэллэр итиэннэ сытыйаллар, эмэҕирэллэр, тэллэйдэнэллэр.
Дьиэ акылаата сытыйбатын наадатыгар маннык албаһы туттарга сүбэлиибин:
Акылаат устун 30-40 см кэтиттээх, 30-50 см дириҥнээх ханаабаны хаһан, онно ыраас буору кутан, дэлби симэбит уонна чиҥэтэбит, өссө кырыстаан 10 см үрдэтэн таһаарабыт. Акылааты ол үрдүгэр түһэрэбит.
Оччоҕуна, хаппыт буор үрдүгэр сытар акылаат маһа сытыйбат, эмэҕирбэт, тэллэйдэммэт. Хата, кииллийэн үйэ тухары туох да буолбакка сытар. Аны туран, акылаат кырыстан 10 см үрдүк буолан, дьиэ анныгар ардах-хаар уута киирбэт. Акылаат бастакы маһа лафет буолара ордук. Тоҕо диэтэххэ, лафет көннөрү бэрэбинэтээҕэр кэтит уонна чиҥэтиллибит буор үрдүгэр сытар буолан, түспэт. Түстэҕинэ даҕаны, бэрт кыратык түһэр.
Михаил ТИМОФЕЕВ, Амма улууһа, Лээги.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан.