Олунньу 21 күнүгэр вице-премьер Денис Белозеров салайааччылаах өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын оробуочай бөлөҕө дойду хотугулуу-илин кырдьаҕас куораттарыттан биирдэстэригэр – Верхоянскайга отчуоттаата. Бу куорат Дьааҥы оройуон кииниттэн – Баатаҕайтан 67 км тэйиччи сытар. Бүгүҥҥү туругунан нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 1342 киһи олорор, оскуола, оҕо икки саада, 4 хочуолунай, кулууп, кыраайы үөрэтэр мусуой үлэлииллэр.
Куорат уонна оройуон киэн туттуутунан “Тымныы полюһа” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ буолар. Бу хаһаайыстыбаҕа “Алгыс” сүөһү иитэр хаһаайыстыба уонна ас-үөл кэмбинээтэ киирэллэр. Үс сыл устата ТХПК сүөһү ахсаанын үс төгүл элбэттэ. Тэрилтэҕэ билигин 104 киһи үлэлиир. 224 сүөһү сыл тахсаары турар. Ас-үөл кэмбинээтэ улууска үрүҥ ас арааһын атыылыыр.
“Тымныы полюһа” ТХПК салайааччыта Екатерина Портнягина бырабыыталыстыба отчуотугар хаһаайыстыбаҕа саҥа хотону тутууга көмөлөһөргө, ону тэҥэ ас-үөл кэмбинээтэ үлэлии турар “Туймаада-лизинг” бас билиитигэр баар дьиэни атыылаһарга көмөлөһөллөрүгэр көрдөстө. Кини “Тымныы полюһа” хаһаайыстыба хоту уонна Арктика оройуоннарыгар ситиһиилээхтик үлэлиирин бэлиэтээтэ. Кини санаатынан, ынах сүөһү ахсаанын элбэтиигэ хаһаайыстыбаларга өйөбүл ирдэнэр. “Оччоҕуна норуот сүөһү иитиитинэн дьарыктаныа этэ”, — диир. Холобур, Дьааҥыга оту илиинэн охсоллор, тыраахтары туһанарга сир-уот барсыбат. Биир ынахха сылга 120 тыһыынча солкуобай ороскуоттанар. Манна уматык сыаната киирэр.
Верхоянскай олохтоохторун кытылы бөҕөргөтөр үлэ долгутар, кытыл суулуннаҕына, куорат икки аҥы арахсар кутталлаах. Маныаха бырайыага уонна сметата судаарыстыбаннай чинчийиини барбыта.
2020-2021 сылларга Верхоянскайга инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн саҥа оҕо саадын дьиэтин тутуу былааннанна.
Олохтоохтор ыраас ууну сэргэ саҥа киин хочуолунайы, оҕо саадын, Оҕо искусствотын дьиэтин уонна “Тымныы полюһун” мусуойун тутуу боппуруостарын эмиэ көтөхтүлэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата