1710 с. нуучча хаһаахтара түһээн хомуйан, сурукка-бичиккэ киллэрбиттэриттэн ыла Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгин аата ааттанар.
1923 сыл сэтинньи 5 күнүттэн II-c Хайахсыт нэһилиэгэ диэн аата тохтоон, улуус Сэбиэтин сийиэһин уурааҕынан “Хайахсыт нэһилиэгэ“ диэҥҥэ уларыйар. Дьэ, итинтэн ыла Хайахсыт Чурапчы оройуонун биир туспа суоллаах-иистээх нэһилиэгэ буолан сайдыбытынан барар.
Бүгүн нэһилиэк баһылыга Тарас Тарасовы кытта Хайахсыт бүгүҥҥү олоҕун туһунан кэпсэтэбит.
Дьон олохсуйар усулуобуйата тэрилиннэ
— Тарас Лукич, кэпсэтиибитин нэһилиэк биллэр дьонуттан саҕалыахха.
— Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ытык Хайахсыт 120 ньургун уолаттарын Ийэ дойду көмүскэлигэр атаарбыта. Кыһыл Сулус уордьаннаах И.П. Марковынан, Р.А. Никитининэн, А.Я. Борисовынан, П.Р. Нестеревынан, А.К. Прокопьевынан онтон да атын чулуу дьоммутунан киэн туттабыт. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сэрии сылларыгар Эдьигээн Натааратыгар көһөрүллүүгэ барбыттара. Кинилэр ааттара үйэлэргэ умнуллуо суоҕа.
Номоххо киирбит Бырыдааһап ойуун, Саха сиригэр биллэр олоҥхоһут И.Г. Тимофеев-Теплоухов, өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыт мамонт муоһунан Ленин бюһун оҥорон, И.В. Сталинтан кыһыл көмүс чаһынан наҕараадаламмыт И.Н. Максимов-Тараахчыт Уус, СӨ Ил Түмэн бэрэстэбиитэллэрин Балаататын бастакы салайааччыта, бэйиэт, тылбаасчыт А.П. Илларионов, ССРС доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна, кэпсээҥҥэ киирбит айылҕаттан айдарыылаах, биллиилээх хирург, травматолог быраас В.В. Божедонов курдук ааттаах-суоллаах, төрөөбүт Хайахсыттарын аатын дорҕоонноохтук ааттаппыт дьон төрөөбүт-үөскээбит ытык сирдэрэ буолар.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ Хайахсыт туһунан киһи болҕомтотун тардар холобур үгүс буолуо?
— Сопхуос, колхуос кэмнэриттэн саҕалаан кирбиини ылар үлэһит үтүөтэ дьонноох буолан, күн бүгүн һилиэкпит кэпсээн-сэһэн аргыстанан, үүнэр-сайдар, чэчириир.
Кэлиҥҥи сылларга нэһилиэк харахха быраҕыллар гына үүнэн-сайдан, урукку өттүгэр кыра нэһилиэк буоллаҕына, күн бүгүн эдэр дьиэ ыаллар олохсуйуулара, урут көспүт саастаах ыаллар дойдуларыгар төннөн кэлиилэрэ үксээтэ. Маныаха дойду үрдүнэн ыытылла турар үлэ-хамнас үтүө бачыыма өйөбүлүнэн буолара чахчы.
Холобур, кэлиҥҥи сылларга Хайахсыппытыгар “Олохтоох көҕүлээһини өйүүр” (ППМИ) бырагыраама чэрчитинэн үлэ-хамнас былааннаахтык ыытыллар. Ол курдук, 2019 сылга ”Алаһа” норуот айымньытын дьиэтин ис өрөмүөнэ аныгы матырыйаалынан оҥоһуллан, түннүктэрэ аныгы пластиковайга уларыйан, сылаас кулууптар ахсааннарыгар киирдэ. Онон дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустарыгар усулуобуйа толору тэрилиннэ, дьиэ ис-тас көстүүтэ аныгылыы көстүүлэннэ.
Үгүс сылларга ыра санаа ымыыта буолбут — уулуссаны сырдатыы үлэтэ 2020 сылга ыытыллан, үөрүүбүт муҥура суох. Барыта 120 диоднай уулусса прожектордара турдулар, оҕо-аймах хараҥаҕа сылдьара тохтоон, куораттартан итэҕэһэ суохтук сандааран олоробут.
Саҥа саҕахтар
– Кэлэр сылга ханнык бырайыактары олоххор киллэрэр сорук турарый?
— Салгыы бу тэтиммитин ыһыктыбакка үлэлэһэн, 2021 сылтан сайыҥҥы уу ситимин ыалларынан киллэриигэ I-II этаптаах бырагыраама эһиил олоххо киирэр буолла. Онон уу ситимигэр 2,5 километрдаах уу турбата Лена уута түһэр “Кэтит Күөл” сириттэн нэһилиэккэ диэри тардыллан, биир дойдулаахтарбытын ыраас Өлүөнэ Эбэ уутунан хааччыйыахпыт. Маны таһынан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” бырагырааматын чэрчитинэн, сынньалаҥ искибиэрин тутуутун 2021 саҕалаан, эһиил 2022 сылга үлэҕэ киллэриэхтээхпит.
Нэһилиэккэ элбэх тэрилтэ түмсүбүт киинин (многофункциональный центр) тутуутун бырайыагын оҥоттордубут. Ааспыт сылтан гаастааһыҥҥа үлэни күүскэ ыытан, нэһилиэнньэ 97% күөх төлөҥҥө холбонно. Аны биһиги нэһилиэкпит географическэй тутула сөптөөхтүк сытарынан, бу кэккэ сылларга куоракка Мэҥэнэн быһа тахсар, “Абалаах-Халыма” трассатын оҥоруу бырайыагын эспэртиисэтэ түмүктэнэн, аны тутуу үбүлээһинин кэтэһэбит.
Дьэ, бу суол оҥоһуллан үлэҕэ киирдэҕинэ, Хайахсыттан Аллараа Бэстээххэ диэри массыына айана балтараа чаас эрэ курдук буолуо. Онон хайахсыттар сайдыы суолун сорох нэһилиэктэртэн таһыччы тутарбыт саарбахтаммат. Ол курдук, ыарахан уйуктаах таһаҕас массыыналара, биирдиилээн таксистар сылдьыылара үксээн, ис суолу да оҥоруу боппуруоһа киэҥник туруоҕа дии саныыбын. Инникитин олохтоох хаһаайыстыбалар бэйэлэрин оҥорон таһаарар бородууксуйаларын быһаччы Аллараа Бэстээххэ туттарарга атыыга таһаарарга үчүгэй саҕахтар аһыллаллар.
Бырагыраамалар өйөбүллэринэн
— Онон норуот көҕүлээһинин бырагырааматын курдук федеральнай да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да, анал бырайыактар баар буолан…
— … Дьон сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолла диэххэ сөп. Балысхан сайдыы кэмигэр маннык кылгас болдьохтоох бырагыраамалар тыа сирин сайыннарарга туһуланаллара улахан өйөбүлү оҥорор.
Тыа сирин сайыннарар федеральнай бырагыраамаҕа киирсэн, 2021-2022 сылларга саҥа таас оскуола-саад тутуута эһиил балаҕан ыйыгар тутуллан бүтүөхтээх, бу тугунан да кэмнэммэт үөрүүлээх хамсааһынынан буолар. Манна олохтоох нэһилиэнньэ, дьаһалта баҕа санаата, кыһамньыта толору учуоттанан, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит былааннаахтык ылсан, бары бииргэ үлэлэһэрбит олус табыгастаах.
Нэһилиэкпит араас дьаһалларга таһымнаахтык кыттан, бииртэн-биир үчүгэй сурах, социальнай ситими тилийэ көтөр. Манна барытыгар нэһилиэк уопсастыбанньыктара, эдэр ийэлэр, аҕалар, холобур буолар аҕа көлүөнэ дьоммут оруоллара сүҥкэн. Дьиэ кэргэттэр улуус ыытар дьаһалыгар сыллата былааннаахтык кытталлар. Ол курдук, быйыл пандемия кэмигэр ыытыллыбыт “Дьиэҕэр олор, дьиэ кэргэн экэниэмикэтинэн дьарыктан» бырайыакка көхтөөхтүк кыттан, оҕуруот аһыгар, сир астааһыныгар урукку дьыллардааҕар тураты ситиһиини ситистибит. Дьиэ кэргэттэр үгэс буолбут кэтэх хаһаайыстыбан дьарыктаныы таһынан, түргэнник ситэр дьиэ кыылларын, көтөрү-сүүрэри иитэр буолбуттара кэрэхсэбиллээх.
Түмсүүлээх буоллахха
— Быйыл Хайахсыкка улахан баһаар буолан ааспыта…
— Нэһилиэккэ өтөрүнэн буолбатах иэдээн тахсан, ыксаллаах балаһыанньа биллэриллэн, өр кэмҥэ баһаары бохсуу үлэтэ барбыта. Ордук ыарахан кэмҥэ киһи туга ханныга биллэрдииллэрэ кырдьык. Өтөрүнэн биһиги нэһилиэккэ буолбатах иэдээҥҥэ, хаан-уруу чугас дьоммут көмөлөрө муҥура суох.
Ыксаллаах балаһыанньа биллэриллээтин кытта тута Дьокуускайга, Чурапчыга баар биир дойдулаахтарбыт биригээдэ тэринэн, араас мал-сал, бородуукта аҕалан бэйэлэрэ биригээдэ тэринэн, баһаар кэмигэр күүс көмө буолбуттара. Атын сирдэргэ олорор биир дойдулаахтарбыт биир киһи курдук түмсэн көмөлөстүлэр. Нэһилиэкпит дьонун-сэргэтин түмсүүтэ, биир да киһи туора туран хаалбакка, бэйэлэрэ кыанар дьон бэйэлэрин көлөлөрүнэн уоту кытта охсустулар, саааһыра барбыт эр дьоммут, эдэр дьиэ хаһаайкалара нэһилиэги тула мин полоса оҥоһуутугар бэйэлэрин күүстэрин харыстаабакка үлэлээтилэр. Онтон дьиэҕэ олорор хаһаайкаларбыт, кырдьаҕастарбыт, күннэтэ ас астаан, бэрэски алаадьы, минньигэс астары астаан, уоту утары охсуһааччыларбыт күндүлээтилэр. Үрүҥ илгэни үксэтээччилэр бааһынай хаһаайыстыбалар туора туран хаалбакка, ким 100 кг, 50 кг этинэн көмөлөстүлэр. Бу буолар түмсүү диэн. Онон бу буолбут ыарахаттары түмсүүлээх буоламмыт нэһилиэкпит тула көмүскэнэр сири оҥордубут.
Биир санаанан салайтаран
— Нэһилиэккит дьоно көхтөөх да эбит.
— Тыа сиригэр олохсуйан олорор дьон өй-санаа өттүнэн сайдыыны бэйэлэрэ салайан, ыытыллар үлэттэн кынат ылан, үчүгэйи эрэ ыралыыр буоллахтарына, дьон тоҕуоруһа түмсүүтэ, биир санааҕа кэлиитэ, олох сайдар укулаата чахчы ууруллар. Бу маннык көстүүнү киэҥ сиртэн төннөн кэлэн, төрөөбүт дойдубар үлэлиир кэммэр чахчы биллим диэххэ сөп.
Олохтоох көҕүлээһини (ППМИ) өйүүр бырагыраама курдук бырайыактар үгүстэрэ утары үбүлээһини ирдииллэр. Маныаха, үбү-харчыны хомуйар мунньахтарга да, илии баттатыытыгар да, олохтоох нэһилиэнньэ биир киһи курдук дьаһанара, үлэлииргэ улахан көмөнү оҥорор. Онон, түгэнинэн туһанан, нэһилиэгим дьонугар-сэргэтигэр махталбын тиэрдэбин. Инникитин даҕаны биир санаанан салайтаран, нэһилиэкпит сайдыытын салайыахпыт диэн эрэлим улахан.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — Тарас Тарасов тиксэриитэ.