Бүгүн Өйдөбүл уонна кутурҕан күнэ. Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр төһөлөөх киһи олоҕун толук биэрэн эйэлээх олоҕу аҕалбытын биһиги өйдүөх, ытык дьоммутугар махтаныах тустаахпыт. Маннык хара күннэр дьон-аймах олоҕор хаһан да хатыламматынар!
КУТУРҔАН КҮНЭ
Хара былыт халыйда
Ааспыт дьайы саната,
Хааны тохпут бу күнү
Хайа сүрэх умнуоҕай?
Хайдах курдук уолуйан
Уһуктубут үһүлэр,
Оҕо-ийэ ытаһан
Сэрии буолтун билинэн?
Фашист үөрэ бомбалаан
Уоран саба түспүтэ,
Ийэ сирбит биир түгэн
Дьигиһийэн ылбыта.
Аба-сата сатыылаан
Аймаабыта дьон кутун,
Быдан сылга ол сэрии
Былдьаабыта дьон дьолун.
Тыыннаах хаалбыт ол кэмтэн
Кырдьаҕаспыт аҕыйах,
Көҕүрүүллэр күннэтэ
Уоттаах сэрии дьонноро.
Элбэх киһи дьылҕатын
Самнардаҕа ол сэрии,
Кэнчээритин ыччатын
Кэҕиннэрэн аастаҕа.
Хара санаа бу сиргэ
Хатыламмат буоллун дуу!
Хара былыт кый бырах
Халыһыйар буоллун дуу!
Полина-Победа,
Уус-Алдан.
Хаартыска ria.ru ылылынна