Хаххан (Кэпсээн)

Ааптар:  Алаас Уола
16.04.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Иллэрээ күн даачабар хойутаан бардым. Субуота буолан сиэним уолчааны илдьэ бардым. Кыыһым аах куоракка массыыналарынан бардылар. Кинилэри кытта аарааҥҥа дылы барсаары хойутаатыбыт. Сиэним уолчааны кууруссаларым сарайдарын хаарын түһэттэрээри үөһэ таһаардым. Сарайым соччо үрдүгэ суох тутуу.

Былырыын ити тутууну кинини көмөлөһүннэрэн туппуппут. Тоһоҕону саайарга улгум. Сөбүлүүр. Кырыыһаҕа сиэммин көтөҕөн өндөтөн биэрбиппин киһим кытаахтаһан таҕыста. Мин этиибинэн, уһун кыһыны быһа халыҥаабыт хаары кырыытыттан көөрөтөн түһэрэн истэ. Ол быыһыгар бэйэтэ сатыырынан баһа- баһа быраҕаттыыр. Дьэ, хайаатын да, кылаабынайа үлэлии үөрэннин. Мин атын үлэҕэ сырыттахпына уолум:

— Деда, там что- то сидит -диэтэ.

Аттынааҕы ыалым соҕотох улахан харыйаларын ыйда.

Көрбүтүм сүрдээх улахан хаххан түүтүн саратан, үллэн ахан харыйа муҥутуур чыпчаалыгар олороохтуур эбит. Итиччэ улахан, ити синньээбит харыйа төбөтүгэр хайдах сатаан тоһуппакка олорорун муодарҕыы санаан ыллым. Мин билбэппин кини билии бөҕө буоллаҕа. Уһун айантан сылайбыта дуу?.

Олорор. Бу эргин итини көрбүппүн өйдөөбөппүн. Биир саас куораттаан иһэн Таатта эргин суол кытыытыгар элбэҕи көрөн соһуйбутум. Биир эрэйдээх түргэн массыынаҕа киирэн биэрдэ быһыылааҕа. Айанныыр кэмнэрэ эбитэ дуу?

Кини эмиэ ол айанныыр доҕотторуттан арахсан кэлэн олороохтуура дуу?

Балачча уһуннук олордо. Үлэм быыһыгар биирдэ эргиллэн көрбүтүм суоҕа. Көппүт. Айаннаатаҕа, ааһа бардаҕа.

Аныгы киһи буолан биидийэҕэ уһуллум. Санкт-Петербург куоракка баар сиэммэр ыыттым. Сиэним «колыбельная» ырыанан муусукалаабыт.

Күммүт арҕаалаабыт. Сотору борук-сорук буолуо. Бары да утуйар кэммит кэлиэ. Хаххаммыт ( бэлиэр бэйэ киһитэ буолла) көппүт. Утуйа барда дуу, дьэ киниэнэ күнэ саҥа үүннэ дуу. Хамныыр-харамай күннээҕи түбүгэ тус-туһунан. Олох да оннук, араастаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1