Хаһаайыстыбалары чэбдигирдэр бырагыраама 5 сылга диэри уһатылынна
Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы 67,3 бырыһыанын сүөһү иитиитэ ылар. Ол иһигэр ынах сүөһүнү иитии салаатыгар баалабай бородууксуйа 53 бырыһыана тиксэр. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ бу дьоһун суолталаах салааны өйүүр инниттэн 2015-2017 сылларга ынах сүөһү иитэр орто уонна улахан кээмэйдээх хаһаайыстыбалары үп-харчы өттүнэн чэбдигирдэргэ анаан бырагыраама ылынан үлэлээн кэллэ.
Маҥнайгы сыл 47, иккис сылыгар 50, үһүс сылыгар 57 хаһаайыстыбаны чэбдигирдэргэ бүддьүөттэн сыл аайы үп (222 мөл. солк., 250 мөл. солк., 297 мөл. солк.) көрүллэн түҥэтиллибитэ. Бырагыраамаҕа барыта 18 улуус хабылынна. Бааһынайдар 3-тэн саҕалаан бырагыраама бүтэһик сылыгар 12-гэ тиийдилэр. Үс сыллаах үлэ түмүгэ хайдаҕый? 2015 сыллаахха 47 хаһаайыстыба 884 мөл. солк. суумалаах бородууксуйаны оҥорон таһаарбыт эбит буоллаҕына, 2016 сыллаахха 50 хаһаайыстыба 1 млрд 409 мөл. солк., 2017 сылга 57 хаһаайыстыба, быһа барыллаан, 1 млрд 580 мөл. солк. суумалааҕы оҥорон таһаардылар. Онон көрдөрүү сылтан сыл улаатан иһэр. Ити иһигэр үүт ыама 16085 туоннаттан 23148 туоннаҕа, төрүөҕү ылыы 6112 төбөттөн 9041 төбөҕө, ыччат сүөһүнү төлөһүтүү 1289 туоннаттан 2048 туоннаҕа диэри үрдээтилэр.
Ынах сүөһүнү иитэр, министиэристибэҕэ отчуоттуур 80 хаһаайыстыба баарыттан 57-тэ бырагыраамаҕа киирэн үлэлээтилэр, баар ынахтан кинилэргэ 88 бырыһыана иитиллэн турар. Ааспыт сыл түмүгүнэн 1 ынахтан ортотунан 2357 киилэ үүт ыанна. 2357-3740 киилэни ыабыт 22 хаһаайыстыба бастыҥ көрдөрүүлээххэ киирсэр. Оттон 35 хаһаайыстыба көрдөрүүтэ намыһах. Ол иһигэр 8 хаһаайыстыба 2 тыһыынчалаах кирбиигэ тиийэ илик. Ону тэҥэ 4 хаһаайыстыбаҕа төрүөҕү ылыы 69 эрэ бырыһыан.
Ким былааннаан үлэлиир, бородууксуйаны элбэтэргэ дьулуһар, технологияны тутуһар, материальнай базаны оҥостор, сүөһү аһылыгын аттаран тэринэр, искусственнай сиэмэлээһини баһылаабыт – ол үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэр. Холобур, Бүлүүгэ “Ампаардаах” хаһаайыстыба аҕыйах сыллааҕыта Новосибирскайтан аҕалбыт симментал сүөһүтүн искусственнайдык сиэмэлээн, төгүрүк сыл төрөтөн, үүтү кыһыннары ыыр. Ол түмүгэр биир ынахтан ортотунан сылга 3740 киилэ үүтү ыатылар. Аммаҕа “Илгэ” хаһаайыстыба Алтай сүөһүтүттэн 2900 киилэ үүтү ылла. Бааһынайдар Михаил Павлов (Хаҥалас) 2910, Аксинья Левина (Кэбээйи) 2612, Петр Данилов (Горнай) 2542 киилэҕэ тиэртилэр. Сылга 1000-1500 киилэни биэрэр икки ынаҕы аһатар дуу, 3000 киилэни ыатар биир үүттээх ынаҕы тутар дуу барыстааҕын ааҕан-суоттаан үлэлиир эрэйиллэр кэмэ кэллэ.
Бырагыраамаҕа киирбиттэртэн 2014 сылы 10 хаһаайыстыба ночооттоохтук түмүктээбит буоллаҕына, эһиилигэр 4-кэ диэри аҕыйаабыта. Онтон 2016 сылы 50 хаһаайыстыбаттан “Баҕарах” (Хатас) уонна “Батамаайы” ХЭУо-лар ночооттоохтук түмүктээбиттэрэ. Ааспыт 2017 сылга “Сахаплемхолбоһук” тэрилтэ эрэ тиһэххэ хаалла уонна былаанын толорботоҕун иһин ылбыт үбүн төннөрүөхтээх. Билиҥҥи туругунан, 5 хаһаайыстыба кытаанах хонтуруолга сылдьар.
Биллэн турар, айгыраабыт хаһаайыстыбаны атаҕар туруорарга 3 сыл кылгас. Ол эрээри, бырагыраама ынах сүөһүнү иитии салаатыгар сэргэхситиини таһаарбыта көстөн турар. Манан сиэттэрэн бырабыыталыстыба, министиэристбэ бырагырааманы 2019 сылга диэри уһатарга быһаардылар. Ити гынан баран, 3 сыл үлэлээн кэлбит хаһаайыстыбаларга субсидия кээмэйэ икки төгүл намтатыллан, төрдүс-бэһис сылларга 1 усулуобунай сүөһү төбөтүгэр 10 тыһ. солк. бэриллиэҕэ. Бырагыраама 5 сылга диэри уһатыллыбытынан, 3 сыл үлэлээн кэлбит хаһаайыстыбалар чэбдигирдии былаанын салгыы 2 сылга, оттон саҥа киирээччилэр 5 сылга оҥорон, улуустарын экономикаҕа сэбиэтинэн бигэргэттэрэн баран, министиэристибэҕэ аҕалан туттарыахтаахтар.
Хаартыскаҕа: Бүлүү Сыдыбылыгар «Ампаардаах» ХЭУо киэҥ-куоҥ комплекса. Дириэктэр Симон Томскай турар.
Василий НИКИФОРОВ.