ХАДААЙЫГА — ТОЙОН СЭРГЭ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ытык Тааттаҕа Саха АССР 100 сылынан, үөрүүлээх умнуллубат бэлиэ күн үүннэ.

Сибэккинэн симэммит Хадаайы маанылаах сиригэр-уотугар дьон-сэргэ тоҕуоруста. Манна, түһүлгэҕэ, бу күн Тойон сэргэ туруорулунна. Бу сэргэни кууһан сирэйгинэн даҕайдаххына, баҕа санаан туолар, ыраастанаҕын, бөҕөргүүгүн, этэҥҥэ буолаҕын.

Улуус дьаһалтатын үлэҕинэн сэргэни Саха сирин норуотун маастара Федор Иванович Чээрин оҥордо. Оһуохайга СӨ үтүөлээх этээччитэ, алгысчыт Афанасий Попов аал уоту оттон айах тутан алҕаата.

Күүтүүлээх, үөрүүлээх күн сэргэни улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин уонна «Сарыал» сынньалаҥ киинин эр дьоно туруордулар.

Хаартыскаҕа М.Сунхалырова түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0