I
Аппанаас дэриэбинэ кытыытыгар турар эргэрэ барбыт дьиэҕэ чугаһаан, өндөйө-өндөйө олбуор аанын үрдүнэн тиэргэн иһин кэрийэ көрүөлээтэ. Ыт баар сибикитэ биллибэтиттэн эр санааны ылынан олбуор тимир аанын арыйан, дьиэ диэки өссө да сэрэхэчийэн, оргууй тулатын көрүнэ-көрүнэ баран истэ. Аара чалбах баарын көрөн, бадараан буолбут саппыкытын сайҕанна. Олбуор иһигэр эргэ хачыал соҕотохсуйбуттуу салгыҥҥа ыйанан турар, манна хачыаллаабатахтара ырааппытын туоһулуурдуу күһүҥҥү хагдарыйбыт отунан бүөлүү үүммүт. Аҕыйах бугул оҕото ардахха баттатан, хараара хатан чөкөспүттэр. Аппанаас саппыкытын суунан санаатын сиппиттии, дараҕар санныгар сүгэн иһэр суумкатын быатын миэстэтин буллараат, ыксаабакка дьиэҕэ хааман тиийдэ. Тирии бүрүөһүннээх ааны тоҥсуйан тобугуратаат, дьиэ иһигэр биирдэ барыс гына түстэ. Түннүгүнэн күн уота тыргыллан киирэн, ыраас муостаҕа сыдьаайбыт сиригэр хара куоска сылаанньыйа сытар. Киирээти кытта төгүрүк остуол, урукку өҥө-дьүһүнэ оччо барбатах ыскаап, эргэ-урба олоппостор кэчигирэһэн тураллар. Сыбаҕа онон-манан хайыта барбыт оһох киэптээбиттии утары көрөн турар. Хаҥас диэки кубарыйбыт таҥас сабыылаах хос аана көстөр.
Аппанаас киһи киирбитин биллэрэн көхсүн этитээт:
– Дорооболоруҥ! Ким баарый? – диэн кэһиэҕирбит куолаһынан саҥа таһаарда. Уу-чуумпу. Сэрэнэн суумкатын өрдөөҕүттэн кырааскаламматах муостаҕа уурда. Киирэбин дуу, суох дуу диэбиттии саараҥныы турдаҕына, таҥас сабыыны оргууй арыйан кыра уҥуохтаах, хатыҥыр оҕонньор «Кимҥиний?» диэбиттии көрөн таҕыста.
– Дорообо, кырдьаҕаас! Мин Аппанаас диэммин, – диэт уол илиитин уунна.
– Дорообо, да буоллун. Туохха кэллиҥ? – оҕонньор кытаанахтык, бэйэтигэр сөбө суох дьэбир куолаһынан саҥарда.
– Миигин нэһилиэк дьаһалтатыттан эйиэхэ дьукаах олордо ыыттылар. Оскуолаҕа история учууталынан үлэлии кэллим. Уопсайдара саҥа тутулла турар буолан, ити… – Аппанаас оҕонньор кини ууммут илиитигэр кыһамматаҕыттан мух-мах баран ытыстарын холбуу тутунна.
– Ону? – оҕонньор тоҥуйдук батары көрдө.
– Онтон эн дьукаах олордорго сөбүлэһэҕин дуу, суох дуу? – Аппанаас тулуйбата. Кинини чинчилиирдии көрөн турар, тимир-тамыр курдук кэпсэтэр оҕонньортон толло санаатар да быһаччы ыйытта.
– Соҕотох олоро үөрэммит оҕонньорбун. Аны сөбүлээбэтэхпин малтаччы этээччибин. Ону эн тулуйуом дии саныыгын дуо?
– Онтон, хайдах эмэ тапсан олорор инибит.
– Хантан кэлбит оҕоҕунуй? – оҕонньор аны атын ыйытыыны биэрдэ.
– Кэбээйиттэн.
– Ыраах сиртэн кэлбит эбиккин. Дьонуҥ аах бааллар дуу?
– Бааллар.
– Миигин кытта олоробун диир буоллаххына, мин тылбыттан тахсыа суохтааххын. Испэт-аһаабат инигин?
– Суох.
– Олорорун олор да, испэр киллэрбэтэхпинэ хаһан баҕарар эйигин үүрүөхпүн сөп. Чэ, туруоҥ дуо? Киир дуу, хайаа дуу?.. – оҕонньор оһох иннигэр баран хамсатыгар табах уурунна. Аппанаас «туох оҕонньоругар түбэстим» дии саныы-саныы чараас кууркатын устан көхөҕө ыйаата.
II
Күһүҥҥү былыттар күөх халлааны бүөлүү нүһэрдик барыйа халыйбыттара. Ардах быстах-быстах да буоллар салгымтыалаахтык хас да күн тохтообокко түһэн, дэриэбинэ уулуссалара чалбаҕынан туолла. Аппанаас Охонооһойго дьукаах буолан олорбута нэдиэлэттэн орто. Киэһээҥҥи аһылыгы астааһын, дьиэ ис-тас үлэтэ эдэр киһиэхэ сүктэриллэр. Оҕонньор үксүн сытан тахсар, хаһыат ааҕар, бэл, тэлэбииһэри да көрөрө ахсааннаах. Хам-түм араадьыйатын холбоон, сонуннары истэр. Аһыылларыгар да эдэр киһиттэн тугу да ыйыталаспат. Бастаан утаа Аппанаас чугаһыы сатаан сонунун ыһа-тоҕо кэпсиир бэйэтэ, кэлин сэргээбэт дьукааҕыттан тэйэ быһыытыйда. Быйыл эмиэ саҥа үлэлии кэлбит математика учуутала Саргылаана Михайловнаны сөбүлүү көрөн, оскуолатыгар сылтах булан уһуур буолла. Оннооҕор оҕолору үөрэтэ сылдьан кинини көрсөөрү тохтобулу кэтэһэ сатыыр идэлэннэ. Саргыта уһун долгулдьуйбут суһуохтаах, көнө дьылыгыр уҥуохтаах, ыйаастыгастыҥы сырдык харахтардаах, муус-маҥан кэчигирэспит тиистэрдээх, томтойбут түөстэрдээх. Итинник бэйэлээх кыыс кэтит самыытынан эриллэҥнэтэн хаамтаҕына хайа да бэйэлээх эр киһи хаанын хамсатыах айылаах. Саргылаана да киниттэн кыбыстар быһыылаах, кыл түгэнэ утары көрсөн ыллахтарына умса көрөн хараҕын куоттарар. Ол аайы Аппанаас долгуйан сүрэҕэ өрүтэ мөхсөр, тыына кылгаары гынар. Кини маннык күүскэ кимиэхэ да ыллара илигэ. Аппанаас да кыыс аймахха сирдэрбэт ис киирбэх дьүһүннээх. Оннооҕор улахан кылаас кыргыттара кинини кистии-саба сэргии көрөллөр. Аттыларынан аастаҕына үөр чыычаах курдук мустан кэпсэтэ туран, чуумпуран ылаллар, онтон тугу эрэ кистээбиттии ботур-ботур кэпсэтэн, күлсэн ылаллар.
III
Биирдэ Аппанаас дьиэтигэр кэлбитэ, тэлгэһэҕэ баар хачыалга Охоноос нүксүйэн олорор эбит. Уол дьукаах оҕонньоро тоҕо күһүҥҥү сииктээх салгыҥҥа, буолаары буолан хачыалга олорорун дьиктиргии санаата.
– Охоноос, дьиэҕэ киирбэппит дуо? – Аппанаас ыксаабыттыы киэҥник хардыылаан оҕонньор аттыгар баар буола түстэ. Оҕонньор сири тобулу көрөн олорон эмискэ санаатын ыспыттарыттан мэһэйдэппиттии, сөбүлээбэтэх хараҕынан уолу көрөн ылла.
– Бар. Мэһэйдээмэ! – диэн эмискэ көһүппэтэх өттүттэн тыл бырахта. Аппанаас кэлэйэн улгумнук туора хааман дьиэҕэ киирэн, бэйэтин сөбө суох балаһыанньаҕа киирбит курдук сананан, хардаҕастары кураанах оһоххо симэ олордо. «Дьикти да оҕонньор. Саатар миэхэ эмиэ тоҕо кыыһырар? Түргэнник уопсай тутуллан бүттэр барыам этэ», – диэн санаалар элиэтээн аастылар. Оһоҕун оттон түннүгүнэн көрбүтэ, оҕонньоро кыра бэйэтэ өссө кыччаан, хамсаан да көрбөккө олорор эбит. Аппанаас абарбыта ааһан, оҕонньору аһыныах санаата кэллэ. «Бэйи эрэ, бу оҕонньор туох санаатыгар ылларда? Аны сыыстаран ыалдьан хаалара буолуо», – диэн долгуйа санаата. Лааҕа онон-манан ойута барбыт миискэҕэ уу кутан күөс өрөөрү оһох үрдүгэр уурда.
IV
Охоноос ол дьикти күн нөҥүө сарсыардатыгар ханна да барбат бэйэтэ, эрдэ хомунан саҥата суох тахсан барда. Аппанаас үлэтигэр баран иһэн, ыраах тыа саҕатынан оҕонньор баран эрэрин дьиктиргии көрдө. Ол киэһэ аһыы олорон Аппанаас тугу эрэ этээри дуу, ыйытаары дуу, көхсүн этитэн баран хайыан да булбакка биилкэтинэн остуол сибэкки ойуулаах сабыытын сууралаамахтаата.
– Сүгүн аһыыгыт дуу, суох дуу? – оҕонньор кыыһыран ньуоскатын остуолга «талыр» гына бырахта. Кини тоҕо эрэ наар элбэх ахсааҥҥа туһаайан этэр. Аппанаас биилкэтин ууран, Охоноос салгыы тугу этэрин кэтэспиттии көрөн олордо. Киһитэ онно эрэ кыһаллыбакка иэдэс биэрэн баран, туран хоһун диэки барда.
Икки ый ааста. Аппанаас эбиэттэн киэһэ мас хайыта туран, билэр куолаһын истэн хайыһан көрбүтэ, Саргылаана оскуола диэки физкультура учуутала Денис Михайловичтыын күлэ-күлэ аргыстаһан иһэллэр эбит. Аппанаас диэки хайыһан да көрбөт. Арай Денис Аппанааһы көрөн дорооболоспутугар уол күнүүлээбит дуу, хомойбут дуу санаатыгар аат эрэ харата дорооболосто. Саргылаана Аппанаас кинилэри бииргэ көрбүтүттэн астыммыт курдук туттан, ыраатан иһэн өссө улаханнык күллэ. Аппанаас Саргылааната тоҕо кинилиин аргыстаһар бэйэтэ итинник быһыыламмытыттан иһигэр хомойо санаата. Кинилэр ааспыт ыйтан билсиһэр, доҕордоһор буолбуттара эбээт! Үөрэ-көтө көрсөр бэйэтэ сарсыардаттан туохтан эрэ кыыһырбыт курдук көрүдүөргэ кини диэки көрөн да ылбакка ааһа турбута. Аппанаас туох алҕаһы оҥорон кыыс итиччэ түргэнник уларыйа охсубутун таайа сатаабыта. Уруогу быһа ол санаатыгар ылларан, дуоскаҕа таһаарбыт оҕото тугу эппиэттиирин да өйдөөн истибэккэ, күлүүгэ барбыта. Эбиэттэн киэһэ эбии уруок биэрэ барарыгар хайаан да кэпсэтиэм дии санаан, маһын ыксыы-ыксыы хайыта сылдьыбыта, түмүгэ ити баар!
Оҕонньор хаһыат ааҕа олорон, дьукааҕа таһырдьаттан уку-сакы көрүҥнээх киирэн, өрөһөлүү көтөхпүт маһын сүр тыастаахтык оһох иннигэр бырахпытыттан соһуйан, ачыкытын үрдүнэн сыныйа көрдө.
– Туох буолан бурҕайдыгыт?
– Ээ… Бүгүҥҥү күнүм табыллыбата, кырдьаҕас, – Аппанаас үтүлүгүн хаарын тэбэннэ.
– Табыллыбата диэ. Санааны түһэрбэт куолу, – оҕонньор тоҕо эрэ тэһэ кэйдэрэн сүбэлии былаастаан тыл быктараат, хаһыатын сирэйин бүөлүү тэниттэ.
Охоноос дьукаах уола аҕыйах хонуктааҕыттан санаата түһэ сылдьарын бэлиэтии көрбүтэ. Ол гынан баран эдэр киһи олоҕор орооспот туһуттан тугу да ыйыталаспат. Аппанаас аһыыр аһаабат, утуйар утуйбат икки ардынан аат харата эрэ сылдьар. Саргылааната көрө-көрө көрбөтөҕө буолан, Денистиин күн ахсын аргыстаһар. Бэл учууталлар кинилэри ырытан кэпсэтиһэр буоллулар. “Денис Михайлович соторутааҕыта эрэ кэргэниттэн арахсан баран, булара түргэнин. Сорох арахсыбыта уонтан тахса сыл буолла да, сулумах сылдьар дии”, – диэн биология учуутала Марфа Васильевна күлэн саһыгыраабыта. “Онтон кини эр киһи буоллаҕа эбээт. Айылҕатынан көрдүү сырыттаҕа”, – диэн омук тылын учуутала Дария Егоровна сыыбырҕаабыта. “Көр эрэ, ити Саргылаанабыт даҕаны сытыыта. Быһа эриллэҥнээн, хата кини ииртэҕэ буолуо. Ыал олоҕун аймаан”, – диэн саха тылын учуутала Ольга Саввична барытын саба тарыйан барҕалаабыта. Ити тыллар Аппанаас сүрэҕин сыппах быһах ааларыныы иһиллэннэр, кабинетыгар куотарыгар эрэ тиийбитэ.
Биирдэ Саргылаанатын көрсөн, быыс булан ким да суоҕар кэпсэтэ, туохтан хомойбутун ыйыта сатаабытын кырыылаах хараҕынан көрөн баран саҥата суох ааһа турбута. Аҕала сатаан сурук сыыһын суруйан биэрбитин хардарбатаҕа.
Күнүскү аһылыктарын саҥата суох аһыы олордохторуна оҕонньор эмискэ уолтан: «Хайа кыыскыттан муннуга бэрдэрдиҥ дуо?» – диэн ыйытан соһутта. Ону эрэ көһүппэтэх Аппанаас ыстыы олорор килиэбэр хара сыһан, ыараханнык ыйыһынна. Чэйин итиитин да умнан, ыксаан улаханнык омурта. Онтон олох да буорайда. Итии чэйи испититтэн дуу, кыбыста санаабытыттан дуу, имэ кэйэн кытаран ылла.
– Ону хайдах сэрэйдиҥ?
– Хайдах буолуой? – оҕонньор дьиибэлээхтик көрөн ылла. – Эһигинньиктэр кыыс аймахтан эрэ санааҕыт түһэр буоллаҕа.
– Оттон эн таптал диэни билбитиҥ дуо? – Аппанаас оҕонньор өрөөбүт уоһун өһүлбүтүттэн үөрэ санаата.
Оҕонньор итии, үүттээх хойуу чэйин сыпсырыйбахтаат, түннүк нөҥүө ханна эрэ ырааҕы одуулаан чыпчылыйбакка көрөн олордо.
– Мин олоҕу билбит саастаах киһи, таптал диэннэрин эмиэ биллэҕим дии. Ол эрээри миэнэ дьиктитик уонна хойут кэлбитэ.
– Билигин хаһыҥ буолла?
– Бээ, эн киһини иһит, һэптиэ. Киһини быһа түһэллэрин абааһы көрөбүн. Сэттэ уоммуттан таҕыстым. Эн эдэр киһи биири өйдүөхтээххин. Таптал курдук күүстээх иэйии бу олоххо суох.
Оҕонньор көхсүн этитэн баран, салгыы тугу да көтүппэккэ кэпсээри гыммыт киһилии боччумурбут сирэйдэннэ.
– Мин үйэбэр ойохтоммотох киһибин. Аҕам эрдэ өлөн, биэс оҕолоох соҕотох ийэҕэ улааппытым. Онон да буолуо, олох араас кыһалҕаларын эппинэн-хааммынан билэн бэйэм саастыылаахтарбыттан эрдэ сайдыбытым. Ийэм өрүү биһиги дьон тэҥинэн сылдьарбытыгар кыһаллара. Куһаҕаны, мөкүнү арааран үчүгэйгэ, кэрэҕэ эрэ тардыһарга үөрэтэрэ. Аны санаатахха ыарахан да кэмнэр ааспыттар. Халыҥ аймаҕа суох, соҕотох хаалбыт огдообо дьахтарга төһөлөөх ыараханын санаатахпына, билигин сүрэҕим ыалдьар. Ийэм барахсан күүстээх санаатын ыһыктыбакка, эрэйин-муҥун көрдөрбөккө, биһигини барыбытын көрөн-истэн атахпытыгар туруордаҕа. Миэхэ, аҕаҥ оруолун эн улахан уол толоруохтааххын диэн, тоһоҕолоон этэрэ. Мин төһө да мэник-тэник, элбэхтэ оскуолаҕа мөҕүллэр киһи буолларбын, ону испэр иитиэхтээн улааппытым. Кыра эрдэхтэн уруһуйдуурбун сөбүлүүр буолан худуоһунньук буолуохпун баҕарар этим. Ол баҕа санаабын толорон уруһуй учуутала буолбутум. Ийэм миигинэн киэн туттара, кыра да ситиһиилэрбиттэн долгуйан кистээн хараҕын уутун сотторо. Кини эдьиийдэрим, быраатым оҕолорун көрөн, сиэн диэн минньигэһин билэн барбыта. Миэхэ тыыннаахпар ойох ылбатыҥ, сиэн көрдөрбөтүҥ диэн хомойоро. Ол да буоллар, мин оҕом талааннаах, биллэр-көстөр киһи буолуо диэн санаатын саататара. Үлэбэр үлүһүйэн дьахтар аймахха чугаһаабакка, олохпун уруһуйга, искусствоҕа анаабытым. Ол үлэлэрим син норуокка тарҕанан, быыстапкаларга туруоруллан, хаһыакка бэчээттэнэн, санаабын сиппит курдук буолбутум. Ол гынан биирдэ өйдөммүтүм сааһым ыраатан, соҕотох сылдьар эбиппин.
Биир сыл миэхэ дьукаах олордо үөрэҕин саҥа бүтэрбит Катя диэн кыыһы ыыппыттара. Манна кулуупка үлэһитинэн ананан кэлбит этэ. Өйдүүбүн ээ, ол күнү… – оҕонньор ол күнү хараҕар ойуулаан көрдө быһыылаах, күөхтүҥү хараҕар үөрүү кыыма оонньоото. – Уот кыһыл сэлээппэлээх, кугас халтаҥ сонноох, икки улахан чымыдааннаах, тириппиит да тириппит кыыс оҕо көтөн түспүтэ ээ, дьэ. Оҕом сыыһа… Олордум ини, олорботум ини… Ол курдук дьикти көстүүнү көрө иликпин. Кини баара, дьэ, хатыламмат, айылҕа маанылаабыт кэрэтэ! Буспут моонньоҕон курдук кип-киэҥинэн тэрбэччи көрбүт харахтардаах, күллэҕинэ хойуу кыламаннара сабыта түһэннэр өссө киэргэтэн биэрэллэрэ. Ханан да күлүк түспэтэх көнө ньуурдаах, уураһарга эрэ анаммыт обуйук уостаах, кылгас эрээри төгүрүк сирэйигэр барсар муннулаах, кыраасканан эбиликтэммэтэх хойуу хаастардаах, куба кыыл курдук күөкэйбит уһун моойдоох, быһыылыын-таһаалыын, туттардыын-хаптардыын эчи нарына-намчыта… Аттыбар сырыттаҕына күн сыдьаайа кыыһарын курдук тулам барыта сырдаан, сылааһынан илгийэр курдуга. Оҕом барахсан… Онтун-мантын умнан хаалларан, төттөрү кэлэн ылара. Ыал соҕотох оҕото буолан буолуо, атаахтыҥы этэ. Чобуо, саныыр санаатын этэн баран тэйэрэ. Үлэҕэ да сыстаҕас, туохтан да иҥнибэт-толлубат буолара. Дьоҥҥо сыһыана элэккэйэ, аламаҕайа. Туохтан эмэ кыыһыран хаастара түрдэстибитин көрбүтүм да ахсааннаах. Маҥнай дьиэ үлэтигэр сыстаҕаһа суоҕа, оннооҕор муостаны үрдүнэн-аннынан сууйара-соторо. Ону мин сөбүлээбэккэ көнөтүнэн итинник гыммат баҕайы диэн үөрэтэр, сэмэлиир этим. Бастаан сөбүлээбэтин биллэрэн баран, син кэнники ылынан, киһи этиитин толорор буолбута. Үөрэ-көтө сылдьан кыраттан да хомойон саҥата суох бардаҕына, санаатын көтөҕөөрү олохпор истибит, көрбүт көрүдьүөс түгэннэрбиттэн кэпсээн күллэрэрим. Оччоҕо санаам да чэпчээбиккэ дылы буолара, – оҕонньор өрө тыынан ылла, салгыбакка тарпыт хамсатын уматынна. – Мин бу көрдөххүнэ саҥата-иҥэтэ суох киһибин да, урут эдэр эрдэхпинэ дьээбэлээх киһи этим. Бэйэм уонна көрдөөх-нардаах дьоннуун алтыһарбын, доҕордоһорбун сөбүлүүрүм. Ол доҕотторум олохтон туорааннар, билигин бэйэбин соҕотохсуйбут курдук сананабын. Эн эдэр киһи күннээҕинэн олорбокко, уһуну-киэҥи санаан үлэлиэхтээххин. Мин көрдөхпүнэ иллэҥсийдиҥ да төлөпүөҥҥүн манаан баран сытаҕын. Киһи элбэхтэ ааҕыахтаах, бэйэтин сайыннарыахтаах. Оччоҕо дьэ, киһи быһыытынан эргиччи ситэҕин-хотоҕун. Олорор олоҕуҥ устата үөрэниэхтээххин.
Аппанаас оҕонньору кытары саҥа билсэрдии, соһуйбут харахтарынан көрүтэлээтэ.
– Эмиэ ханна эрэ халыйдым. Катя оҕолуу кэнэн майгытынан барытын ыраас мууска түһэрэн иһэрэ. Мин саастаах киһи быһыытынан, кинини харыстааммын элбэхтэ сүбэлиирим. Онуоха кини сорох түгэннэргэ бэйэтин сиппит-хоппут саҕа сананан өһүргэнэн ылаттыыра. Ол эрээри кэлин саҥата суох болҕойон истэр буолбута. Киниэхэ ити үтүө хаачыстыба баара. Сатаан истэри киһи эрэ барыта сатаабат ээ. Быһата, мин кинини бэйэм оҕом курдук сөбүлээн, ылларан барбытым. Нэһилиэк да дьоно кинини киһи быһыытынан сыаналаабыттара, сөбүлээбиттэрэ.
”Катенька кэлэн чуумпурбут кулуубу өрө тардан нэһилиэнньэни сэргэхситтэ”, – дииллэрин дьонтон истэн испэр үөрэрим. Араас тэрээһиннэргэ хойутаатаҕына тэһийбэккэ, ол быыһыгар долгуйан да, кэтэһэн олорорум. Арыт оһоҕум ойоҕоһугар иттэ олорон утуйан хаалбыт буоларым. Кыыһым, Кээчиим, кэлэн уһугуннаран баран, аһыммыт харахтарынан чоҕулуччу көрөн турар буолара: “Эһээ, эмиэ утуйан хаалаахтаабыккын дии. Ороҥҥун оҥордум. Баран сыт”, – диэхтиирэ. Мин кинини таптаан Кээчии диэн ааттыырым. Ити олбуорга баар хачыалы мин киниэхэ анаан оҥорбутум. Тоҕо диэтэргин, аҕата кини кыра сырыттаҕына хачыал оҥоро сылдьан, тымыра быстан олохтон туораабыт. Ол баҕа санаатын толорбут дьүһүнүм этэ. Төрөөбүт күммэр саамай күндү бэлэх буолла диэн барахсаным сыыһа кыра оҕолуу үөрэн мичилийэн турара харахпар бу баар. “Хачыалга олордохпуна толкуйум киирэр, холкутуйабын. Аптаах хачыал курдук”,– диэхтиирэ.
Аппанаас иһигэр оҕонньор тоҕо хачыалга санаата түһэн олорбутун дьэ таайда. Ол санаатын өтө билиэ диэбиттии чааскытын түгэҕин көрбүтэ буолла.
– Ол Кээчии билигин ханна баарый? – Аппанаас тулуйбакка быһа түстэ.
– Кэпсии олоробун буолбат дуо! Истиҥ ээ, эһиги, – оҕонньор, быһа түспүппүн сөбүлээбэккэ, үгэһинэн үһүс сирэйинэн эттэ. – Ыһыллан хаалабын мин, итинниккэ. Ханна кэллим этэй? – төбөтүгэр тугу эрэ сааһыланардыы икки илиитин холбуу тутан сүүһүн өйөөтө. – Биирдэ мин туһахпын көрөбүн диэн сыыстаран ыалдьан хаалбытым. Хас да күн улаханнык ыалдьан тоҥор икки, титириир икки ардынан турбакка сыппытым. Кээчиим барахсан онно кыһаллыбытын көрүөҥ этэ. Үлэтиттэн көҥүллэтэн миигин ыарыылаан аттыбыттан тэйбэтэҕэ, – оҕонньор уруккутун санаан уйадыйыах курдук буолла. – Онно билбитим аан маҥнай дьахтар киһи сылаас, харыстыыр сыһыанын. Нарын-намчы тарбахтарынан сэрэнэн сүүспүн тутан ылара. Быраас анаабыт эмтэрин чөкө ууран, бириэмэтигэр иһэрдэн иһэрэ. Кыра оҕону аһатар курдук ньуоскаттан минньигэс миини сыпсырыйтарара, – Охоноос бөтө бэрдэрбит курдук тохтоон ылла.
– Маннык баалатан сыттахпына аһааҕыран хаалыам диэн биир күн турарга сананным. Мэйиим эргийэн охтуох курдугум. Сэниэтэ суохпуттан кыйаханан нэһиилэ алтахтаан саала хоспор тахсыбытым. Кыыһым хоһун аанын саппакка ис эрэ таҥастаах ырбаахытын кэтээри турар этэ. Мин тахсыбыппын өйдөөн да көрбөтөҕө. Айылҕа уустаан-ураннаан чочуйбут дьахтар быһыытын-таһаатын мин саҥа көрбүт киһи таалан турбутум. Ийэ көлөһүнүм иэмминэн, аҕа көлөһүнүм арҕаспынан саба түһэргэ, сүрэҕим тиҥиргии тэбэн кулгаахпар иһиллэргэ дылы гыммыта. Санаабар Кээчиим буолбакка аанньал турарын курдуга. Самыытыгар диэри хойуу баттаҕа намылыйан түспүтэ күн уотугар көмүһү ыспыттыы толбоннуран көстөрө, муус-маҥан этэ-сиинэ кылбайан турара айылҕаҕа суох ураты көстүү курдуга. Кээчиим хараҕын кырыытынан көрөн ылаат, дьэ өй ылан: «Һуу, тоҕо турдуҥ, эһээ?» –диэт бэрт түргэнник ырбаахытын сыыһынан бүөлүү тардыммыта. Мин кыбыстан тугу этэрбин билбэккэ тахсар аан тутааҕын харбыаласпытым.
Күннэр-дьыллар ааһан испиттэрэ. Оҕом көмөтүнэн этэҥҥэ атахпар туран, кыралаан дьиэ таһыгар тахсан үлэлиир, чугас эргиннээҕи тыаларга тахсан бултуур буолбутум. Биирдэ сааһыары мас саһааннаан хойутуу кэлбиппэр, дьиэм иһигэр биир эдэр киһи мин Кээчиибин кууһан олорор этэ. Киирээппин кытары Кээчии ойон туран чаанньыгын сылыта сүүрбүтэ. Сөбүлээбэтэхпин таайан буолуо: «Эһээ, билсэн кэбис, бу мин табаарыһым Баанньа», – диэн баран тугу этэҕин диэбиттии чоҕулуччу көрөн турбута. Баанньата барбатах балык миинин курдук хараҕынан көрө олорон: «Һэ-һэ, аата бэйэҥ билиһиннэрдэххин. Бэйэм да ааппын билэр курдугум дии. Дорообо, кырдьаҕас. Иван Степанович Бойбурдаанап диэммин. Эһэҥ туохтан эрэ кыыһырбыт дуу, тугуй? Чэ, Катенька, мин барыым», – диэн баран, туран аан диэки барбытыгар Кээчиим атаарар аатыгар түспүтэ. Уураһар тыас чуумпуга элэктээбиттии чубугураан иһиллээтин кытары, аан тыастаахтык сабыллыбыта.
Кээчии буруйдаах оҕо курдук миигин көрөн ылаат: “Эһээ, Баанньа үчүгэй уол. Улуус кииниттэн сылдьар. Боппуоп Сэмэннээх аймахтара. Дискотекаҕа билсибиппит”, – диэн баран элбэҕи кэпсии барбакка хоһун диэки куоппута. Мин тугу этиэмий, ыар санааларбын кытары сааһы атаарбытым. Кээчиим дьиэҕэ сүгүн да олорбот буолбута. Сиэркилэ иннигэр көрүнэрэ, таҥаһын-сабын бэринэрэ үксээбитэ. Өрөөтөҕүнэ Баанньата кэлэн ылара.
Бииргэ остуолга олорон киһилии чэйдиирбит да аҕыйаабыта. Мин буоллаҕына быһа күнүүлээн кыыспар сылтах булан мөҕүттэрим элбээбитэ. Быһа хаһыытаан, ытатан да турардаахпын. Онтон сөбүлээминэ көһөн барыа диэн куттанан, бэйэбин нэһиилэ туттунар буолбутум. Кэтэһэн, бэйэм хоспор сытан утуйбута буоларым. Этэргэ дылы утуйар уум да уу буолбатаҕа, аһыыр аһым да ас буолбатаҕа. Ардыгар ол эрэйдэнэрбин аһыммат диэн кыйахана санаан, үүрэн да кэбиһиэхпин санаталыырым. Ол гынан баран, санаабар, кинитэ суох сатаан олоруо суох курдугум.
Охоноос сирэйигэр баар сурааһыннара өссө биллэрдик күлүгүрэн көһүннүлэр. Хараҕын уота сыыйа өлбөөдүйэн уунан-хаарынан туолла. Аппанаас хараҕын уутун киэр сотто олорор оҕонньору олус аһынна. Охоноос ону таайбыт курдук:
– Ээ, мин итинникпин. Сороҕор хараҕым уута мээнэ сүүрэ сылдьааччы. Кыһаныма, – диэт, тохтуохха диэбиттии илиилэрин кириэстии уурунна. – Биирдэ кыһын туһахтан ылбыт куобахпын сибиинньэ сыатын кытары булкуйан кыыспар анаан, кыһаллан аҕай астаабытым. Кээчиим киирээт даҕаны: “Ммм… Мин эһээм тугу эрэ буһарбыт. Биллим! Куобах сыта кэлэр!” – диэн баран үөрүүтүттэн өрүтэ ыстаҥалаабыта. Саҥардыы остуолга олорон эрдэхпитинэ Баанньата киирэн кэлбитэ. Кини киирээтин кытары ол түгэҥҥэ көстүбүт үөрүүбүт сыыһа үрэллэн хаалбыта. Кээчиини дьоно аах күүтэн олороллорун, куобах этэ ханна да куотуо суоҕун этэ-этэ, бэрт ыксалынан илдьэ барбыта. Дьиэбэр эмиэ уу-чуумпу кулгаахпар чуҥкунаан, саҥа хоторуллубут куобах этэ буруолуу сыппыта. Ис-испиттэн кыбдьырыйан, хаһыытаан сатарытыахпын, бэл, сэниэм да суох буолбут курдуга. Эгэ, ити кэннэ айахпар батаран аһыам дуо…
Ол сайын Кээчиим Баанньатын кытта көһөн барбыта. Сээкэйин хомунан барарыгар киниэхэ хом санаалаах киһи курдук саҥата суох сыппытым. Кээчиим хоспор киирэн мин аттыбар олорбута уонна: «Мин бардым, эһээ, этэҥҥэ ыалдьыбакка сырыт. Билсэ сылдьыахпыт. Хомойума», – диэн баран, ыксаабыт киһилии ойон туран, тахсан барбыта. Мин кини тахсаатын кытта ороммуттан ойон туран, түннүгүнэн көрбүтүм, Кээчиим Баанньатынаан массыынаҕа олорон баран эрэллэрэ. Санаабар тапталбын куоттаран, бэйэбин бэйэм аһынан хараҕым уутун кыана туттубакка сайыһа хаалбытым. Дьиэм иһэ эрэ буолбакка, дууһам эмиэ кураанахсыйбыкка дылы буолбута. Соҕотохсуйар диэн кырыыс тэҥэ буоларын дьэ онно билбитим. Санаа-оноо түһүүтүттэн аһаабат да, утуйбат да буолан хаалбытым. Бириэмэ эмтиир дииллэрэ сымыйа эбит, сыл-хонук аастар да сүрэх бааһа оһоро биллибэт. Арай бу дойдуттан бардахпына эрэ барыта сүтүө буоллаҕа… – Охоноос умса көрөн ылла. – Биирдэ сааһыары кустаан кэлбиппэр, дьиэм тэлгэһэтигэр хачыалга баттаҕа ыһыллыбыт биир дьахтар умса туттан арбайан, утуйа олорор этэ. «Кимҥиний бу, тоҕо манна олороҕун?» – диэн кыыһыра былаастаан ыйыппыппар, дьахтар өндөйөн көрбүтэ, сирэйин аҥара күөх баламах, уҥа хараҕа сүүлэ иһэн көрөргө дьулаан этэ. «Дорообо, эһээ, миигин билбэтиҥ дуо?» – диэбитигэр бэркэ билэр куоласпыттан “дьик” гына түспүтүм. Аһыы утах сыта муннубун тумнара аҥылыйбыта. Мин көрбүппүн итэҕэйбэккэ саҥата суох турдахпына, адьас атын дьахтар Кээчиим куолаһынан: «Тугуй? Олох в шоке да?» – диэн баран саһыгыраччы күлбүтэ. «Хайдах буоллуҥ, Кээчии?» – күөмэйбэр турбут бөлүөххэ мэһэйдэтэн нэһиилэ саҥа таһаарбытым. «Хайдах да буолбатым! Бу кэргэним дии! Маннык кэбилиир, дьэ», – диэн баран умса туттан, ытаан санна титирэстээн барбыта. Санаабар күннээх халлааҥҥа этиҥ сааллыбытын курдуга. Сулбу тиийэн ол Бойбурдаанабы бэйэтин бодуулуох санаалар киирбиттэрэ. «Ама Кээчиини, сибэкки курдук нарын, аанньал курдук бэйэтин хайдах манныкка тиэрдиэххэ сөбүй?» – диэн испэр абара-сатара турдахпына, Кээчиим тымтан киирэн барбыта. «Тугуй?! Манна эйиэхэ бэйэбин көрдөрө кэлбит үһүбүн дуо? Харчы көрдүү кэлбитим. Биирдэ кэлэн көрдөһөрбөр аккаастаммат инигин?» – диэн бытарыппыта. «Тохтоо эрэ, бэйи, дьиэҕэ киирэн кэпсэтиэххэ», – диэт кутум-сүрүм ыараан дьиэбэр киирбитим. Кээчиим хаһан эрэ бииргэ эһэ оҥостон дьукаах олорбутун таһыччы умнубут, хайдах-туох олорорбун да ыйыталаһар санаата суох, түргэнник харчы ылан, арыгы эрэ иһэ охсубут киһи диэн баҕалаах турар курдуга. Ону таайаммын мин: «Тоойуом, тохтуу түс. Хайдах олордугут, кэпсээ?» – диэбиппэр тулуйбатахтык чаһыны көрөн баран олоппоско олорбута. «Чэ, сөп. Саатар уута кутан биэр эрэ. Аһыыры да умуннум», – диэбитэ. Мин күнүскү мииммин сылыта охсон биэрбиппин сүр иҥсэлээхтик иһэ охсубута уонна олоҕун дуомун кэпсээн киирэн барбыта. «Баанньам бастаан олох атын киһи этэ. Дьон уларыйар да буолар эбит диэхпэр дылы. Аны санаатахха тыҥыраҕын кистии сылдьыбыт эбит. Маҥнай кини дьонун аахха кыбыллан олорбуппут. Дьоно миигин хара маҥнайгыттан сөбүлээбэтэхтэрэ. Ийэтэ наар дьиэҕэ тугу да гыммаккын, кулуупкуттан ордубаккын диэн мөҕүттэрэ. Баанньа бэйэтэ улуус иһигэр дьону таһан таксилыыра. Мин туспа барыахпын баҕарарбын эн үлэҕинэн туох бэлэмигэр түбэһиэмий диэн утарара. Онтон син тылбын ылынан эргэ дьиэлэригэр көспүппүт. Туспа барыахпытыттан түптээх олоҕу олорботохпут. Баанньам күнүүһүт буолан турбута. Бу санаатахха ийэтэ онно өй уган биэриэн сөп эбит. Биирдэ улаханнык иһэн кэлэн баран: «Миисэ диэн киһи күн аайы бильярдаабыта буолан эйиэхэ үлэҕэр сыбыытыыр, эн да кинилиин эрийсэр, хоскор хатанар үһүгүт», – дии-дии охсуолаабытынан, муостаҕа төкүнүтэ сылдьан тэбиэлээбитинэн барбыта. Мин ытыы-ытыы көрдөспүппэр аһынан тохтуох санаата суох этэ. Биирдэ өйдөммүтүм сирэйгэ сырбата турара. Этим-сииним итийэн, ынырыктаах ыарыы биллибитэ. Хамсанар да кыаҕым суоҕа. Онтон кини дьэ өй ылбыт курдук кууһа сытан ытаан, бырастыы гын диэн көрдөһөн барбыта. Мин буруйун билиммититтэн бырастыы гынарбар эрэ тиийбитим. Сарсыҥҥы күнүгэр өйдөнөн баран буруйдаммыттыы хараҕын куоттаран утары көрбөт этэ. Мин үлэбэр барбакка ол күн ороммуттан турбатаҕым. Ол кэмҥэ аны ыарахан буолбуппар, кини оҕото буолуо диэн уорбалыыра, онон сылтах булан сирэй-харах анньан кырбыыр буолбута. Ол түмүгэр эрдэ төрөөммүн биэс ыйдаах оҕом ситэ сайдыбакка да суох буолбута. Ким эрэ таҥнары кыраабытын курдук олохпор да, үлэбэр да табыллыбатаҕым. Баанньабынаан аны тэҥҥэ исиһэр буолбутум. Дьиэбитигэр араас арыгыһыттары мунньан, күн-ый ыһыаҕын ыһарбыт. Эрим боруогуран турдаҕына дьон ортотугар да кырбыыра. Арыгы обургу син ыарыыны биллэрбэт дьайыылаах ээ. Сарсыныгар этим барыта ыалдьан, көһүйэн турдаҕына эмиэ ыарыытын үмүрүтээри абырахтанарым. Кэлин арыгыта суох сатаммат буолбутум. Баанньа үлэлээх киһи туттунар буоллаҕына, оттон миигин үлэбиттэн ууратыахтарыттан киниттэн да ыйыппакка, көҥүл ылбакка иһэр буолбутум. Дьахтар арыгыга түргэнник ылларар дииллэрэ кырдьык эбит. Мин ыллартарбыппын бэйэм да өйдөөмүнэ хааллым. Иннибэр туох да үчүгэй күүппэт. Эһээ, наһаа кэлэйбиттии көрүмэ, оттон…» – диэн баран Кээчии сымыйанан күлэн ылбыта.
Иннибэр ханан да айылҕа кэрэтэ хаалбатах, биллэ дьүдэйбит, олоххо туохха да дьулуспат дьахтар олороро. Мин манна хаалан урукку үлэҕэр үлэлээ, куһаҕан дьаллыккын бырах дии сатаабыппын туох да иһин истибэтэҕэ. Баар-суох тапталым, ыра оҥостубут аанньалым бу курдук түһэн, сиргэ-буорга тэпсиллэн, киһи аатыттан ааһан эрэриттэн сүрэҕим ытырбахтаабыта. Биэнсийэм тобоҕуттан арыгы эрэ иһимэ, киһилии тото аһаар диэммин биэрбиппин, бэрт улгумнук сулбу тардан ылан сиэбигэр уктубута. «Сөп, испэппин, Охоноос. Эһээм тылын истэр буоллаҕым дии», – диэн баран иччитэ суох хараҕынан көрөн ылбыта. Түүн үгүһү эргитэ санаан, Кээчиим да олоҕуттан долгуйан сарсыарда диэкинэн утуйбут этим. Турбуппар Кээчии хоһугар суоҕа. Туумба үрдүгэр сурук сыыһын хаалларбытын ааҕан баран, дьэ арыый уоскуйбутум. “Эһээ, миигин баалаама. Эн тэлгэһэҕэр киирээт көмүскэнэр сирбэр кэлбит курдук санаммытым. Оттон хачыалбар олороот… Хачыалбын ахтыбыт да эбиппин!.. Онно олорон олохпун эргитэ санаабытым. Акаары да эбиппин! Бу түүн утуйбатым. Эн этиигин ылынан, манна төннөн кэлииһибин. Бииргэ олоруохпут дии, эһээ? Малбын хомунан баран өйүүн кэлиэҕим. Кээчии”.
Мин адьас үөрүүбүттэн көтүөх курдук буолбутум. Ол суругун хаста-хаста аахпытым буолуой?! Ол гынан баран, аны кэргэнэ ыытымаары гыныа диэн, эмиэ да долгуйан ыларым. Өйүүнүгэр Кээчиим кэлбэтэҕэ. Мин кыыһым хоһун бэлэмнээн, ас астаан кэтэһэн хачыалга күммүн бараабытым. Ол нөҥүө күнүгэр Кээчиини эрэ буолуохсут дьиэтигэр тиийбитигэр быһаҕынан сэймэктээн өлөрбүтүн туһунан ыар сурах тилийэ көппүтэ… Истибит күммэр сүрэхпинэн улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирбитим, – оҕонньор хараастан, остуолга биир сири тобулу көрөн олордо. Оттон Аппанаас истибэтэҕин истэн, дөйүөрэн хаалла.
– Ол кэнниттэн кинилиин бииргэ суох буолбут курдук хаҕым эрэ сылдьар. Биһигиттэн чугас, аттынааҕы дэриэбинэҕэ, ийэтин уҥуоҕун таһыгар көмпүттэр этэ. Мин билиҥҥээҥҥэ диэри, манан быһалыы баран, уҥуоҕар сылдьааччыбын.
Аппанаас Охоноос тыа саҕатынан ханна эрэ барбытын өйдөөн кэллэ. Бэйэтин тапталыгар көрсүбүт кыһалҕатыттан кыбыста санаата. Оҕонньорго тугу эмэ этэн санаатын көтөҕүөн билбэккэ чааскытын эргитэ олордо. Онтон:
– Өлбүтэ хас сыл буолла? – диэн сэрэнэ соҕус ыйытта.
– Бэһис сылыгар барда. Уонна кини төннүбэт… Ол да буоллар урукку курдук үөрэн-көтөн киириэ, тугу эрэ кэпсээн-ипсээн чуопчаарыа диэн санаабар кэтэһэр курдукпун. Ардыгар кини суорума суолланарыттан быыһаабатахпар бэйэбин буруйданабын… Кинилиин барсыбатахпар. Кэмсинэр кэмсиниим ити. Уҥуоҕар тахсан ыанньыйбыт санаабын кэпсээтэхпинэ санаам көнньүөрэргэ дылы буолар. Кини тыыннааҕар тапталбын билиммэккэ хаалбытым кыһыылаах. Ол тугу да уларыппатаҕын иһин, санаабар чэпчэки буолуо эбит. Мин киниэхэ бу сирдээҕи олоххо дьолу эрэ баҕарарым. Ол мин киниэхэ тапталым диэхтээн. Бэйэбин сааһырбыт киһи буоларым быһыытынан киниэхэ тэҥэ суохпун диэн сэнэнэ сананарым. Таптал баар эбит дьикти иэйии, ураты күүс. Кырдьар сааспар эппиэтэ да суох буоллар, эрэйдээх тапталы билэн хааллым, – оҕонньор дьиэтин кэриччи көрөн ылла. – Билигин мин урукку олохпунан, ыар сүгэһэр санааларбынан эрэ олоробун.
Уол көхсүн этиппэхтээн ылаат:
– Оттон ол Бойбурдаанап хаайыыга түбэспитэ дуу? – диэн сэрэнэн ыйытта.
– Суут аҕыс эрэ сылы уураахтаабыт этэ. Туох барыта иэстэбиллээх дииллэринии, былырыын сэлликтэн өлбүт диэбиттэрэ.
Охоноос ыараханнык туран хоһун диэки хаамта. Аппанаас туох да диэн булбакка кэнниттэн батыһа көрөн хаалла. Кини бу соҕотох хаалбыт, дьиҥ тапталын сүтэрбит оҕонньору улаханнык аһына санаата. Таҥас сабыы тэлэс гынаатын кытта оҕонньор тугу эрэ туппутунан таҕыста.
Хос-хос хаһыатынан сууламмыты арыйбытыгар араамалаах хартыына буолан биэрдэ. Аппанаас дьиктиргиэн иһин, бу Охоноос бэйэтэ суруйбут хартыыната эбит.
– Кээчии көһөн барарыгар: «Эһэм тэҥэ күндүтүк саныыр киһибэр, умнубакка көрө сылдьаргар», – диэн суруктаах хаартыскатын бэлэхтээн хаалларбыт этэ. Сыттыгым анныгар уктан көрө сылдьан, аны сүтэрэн кэбиһиэм диэн уруһуйдаабытым.
Аппанаас көрдөҕүнэ хап-харанан чоҕулуччу көрбүт харахтаах, хара уһун суһуоҕун ыспыт кэрэ кыыс хачыалга олорор. Кырдьык да киһини бэйэтигэр тардар ис-киирбэх дьүһүннээх.
– Кини хараҕар курус санаа толбоно олохсуйбут этэ, – Охоноос аны хоонньуттан хаартыскатын ороон көрдөрдө.
– Хаартыскаҕа түһэрэн ылбыт курдук уруһуйдаабыт эбиккин дии, – Аппанаас соһуйбутун кистээбэккэ биллэрдэ.
– Суруйарбар көннөрү хаартыскатыттан эрэ буолбакка, харахпар иннибэр олорорун ойуулаан көрөн уруһуйдаабытым. Ардыгар түүнүн эбэтэр халлаан суһуктуйуута иэйиим мунньуллубут кэмигэр суруйарым. Аахтахха тоҕус ыйдааҕы үлэм түмүгэ.
Аппанаас саллан, баһын илгистэн ылла. Хартыынаҕа баар кэрэ кыыс хараҕар кырдьык даҕаны курус күлүк баарга дылы. Хаарыан кыыс оҕо олоҕо быстыбыта кыһыытын!
– Хайдах эрэ илэ олорор курдук дии. Бу үлэни быыстапкаҕа туруордахха хайдах буолуой?
– Билбэтим. Баҕар, сыаналыахтара эбитэ буолуо, – оҕонньор үөһэ тыынаат, Кээчиитин ахтыбыт хараҕынан көрөн ылла.
Ити кэпсэтии кэнниттэн үс сыл ааста. Аппанаас уопсайга көспөккө оҕонньору кытта бэркэ тапсан, киниэхэ доҕор буолан олорбута. Дьаһалтаҕа буҕаалтырынан ананан кэлбит Таня диэн кыыстыын холбоһон, Өлөксөй уонна Охоноос диэн игирэ уолаттардаммыттара. Саҥа дьиэ туттан былырыын эрэ көһөн киирбиттэрэ. Хачыал билигин да оннугар турар. Ардыгар оҕолор оонньууллар, арыт тыал хамсата оонньуур. Оччотугар Охоноос түннүгүнэн Кээчиитэ кэлэн хачыаллыы олорорун курдук көрөн, одуулаан турар буолааччы. Оттон Кээчиитин уруһуйа быыстапкаларга туруоруллан өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр хартыына буолбута. Дьон тоҕуоруһан туран, биллэр биллибэт курус санаа иҥмит харахтаах кыыс оҕону аһыммыттыы көрөрө.
* * *
Кэпсээн “Бичик” кинигэ кыһатыгар “Үргэл” сериянан тахсыбыт “Айар эйгэҕэ айан” диэн эдэр суруйааччылар айымньыларын хомуурунньугуттан ылылынна.
Бу хомуурунньукка айар эйгэҕэ саҥа үктэнэн эрэр эдэр, дохсун ааптардар кэрэхсэбиллээх, уус-уран тылынан чочуллубут, аныгы тыыннаах хоһоонноро итиэннэ киһи дууһатын өрүкүтэр, умсугутуулаах кэпсээннэрэ киирдилэр.
Варя Егорова—Чэмэлиинэ.