ХАБЫРЫЫС ОНДОРООС хоһоон холумтаннаах туйгун тусаһатыгар ыҥырар

Бөлөххө киир:

“Үрдүк Айыылар Үс дайдыга

Үрүҥ өй биитэр, хара дьай

Үйэлэрэ сатыылыырын

Итэҕэйдилэр мин илиибэр —

Иһийдэ, кыл түгэнэ,

Иилии эргийбит улуу буурҕа…”

Күндү биир дойдулаахтарбыт, поэзияны сэҥээрээччилэр, муус устар 13 күнүгэр киэһэ 17 чаастан Былатыан Ойуунускай аатынан Литература мусуойугар бэйиэт, суруналыыс Хабырыыс Ондороос “Кэһэх” диэн хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтэниитэ итиэннэ өрөспүүбүлүкэтээҕи “Култуура аата” күөн күрэс “Идэҕэ кимэн киирии” хайысхатыгар кыайыытын бэлиэтиир хоһоон холумтаннаах, эҕэрдэ эйгэлээх айар биэчэрэ буолар.

Кэлиҥ, истиҥ, сэҥээриҥ, санааҕытын үллэстиҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0