Хабыр тыыннаах кэм

14.10.2017
Бөлөххө киир:

Дорооболоруҥ! Оҕолоор, мин эһиэхэ сыппах быһах курдук аалар санааларбын этээри, балыыһаттан анаан-минээн көҥүллэттим. Ону өйдөнөр гына сааһылаан кэпсиэм суоҕа диэн бу суруйан бооччойдум. Көрүөххүт дуо? – диэн бэйэтин сааһыгар лаппа муодунайдык таҥныбыт, кыл сэлээппэлээх эмээхсин иһирдьэ киириэхчэ-киирбэккэ сээбэҥнии турда.

edersaas.ru

– Киир-киир, баһаалыста, – эрэдээксийэ кыргыттара ыалдьыты иһирдьэ ааһарыгар көрдөстүлэр.

Ааһан-араҕан биэрбэт санааҕа баттаппыта сирэйигэр сурулла сылдьар, лаппыйан ыйыттахха, сэргээн иһиттэххэ, элбэҕи кэпсиир-ипсиир санаалаах кырдьаҕас киһи үөрэ-көтө олоппоско олорунан кэбистэ.

– Мин дьолбор, оҕолорум да, сиэннэрим да бу арыгы баҕайы аһылыгы сэҥээрбэт дьоннор, – диэн эмээхсин астыммыт саҥата хайдах эрэ истиҥ бэйэлээхтик иһилиннэ. – Ол эрээри, дойдум дьонун, ыччатын көрө-көрө утуйар да уубун умнабын. Хоту сытар кырачаан нэһилиэгим дьоно бу алдьархайдаах астан олох иэдэйдилэр! Баҕар, итинник көстүү ханна баҕарар баар дии саныыргыт буолуо эрээри, мин бииртэн олох кэлэйэн сылдьабын. Эһиэхэ ол иһин кэллим. Дьэ, ол тугуй диэҥ. Оҕолорбутун, ыччаттарбытын сырдыкка, үчүгэйгэ сирдиэхтээх учууталларбыт бэйэлээх бэйэлэринэн кистээн арыгы атыылыыллар!

– Уой, ол хайдах? – быйыл эрэдээксийэҕэ саҥа үлэлии кэлбит, сытыытынан, санаатын аһаҕастык этэринэн кэлэктиипкэ номнуо сөбүлэтэн эрэр, бэйэтин Маайыска диэн судургутук ааттатар кыыс соһуйан, саҥа аллайбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла.

– Кистээн диэн ол аата туочукалаахтар буоллаҕа дуу? Эһиги арыгы атыыламмат нэһилиэктэр испииһэктэригэр киирбиккит дии? – диэн отдел эрэдээктэрэ Жанна Алексеевна киирбит ыалдьыты аны «үргүтэн» кэбиһиэм диэбиттии, төһө кыалларынан сымнаҕастык саҥара сатаата.

– Дьэ, оннук! Биһиэнэ хаһан баҕарар биир уһуктан биир уһукка тиийэр идэлээх. Арыгы атыылааһынын боппуттара үчүгэйин үчүгэй да, ол оннугар уора-көстө эргинээччи, харчыга хараҥаран үөрэппит оҕолоругар да атыылыылларын кэрэйбэт учууталлар, ыал ийэлэрэ баалларыттан абарабын. Онон, олох бүргэс үрдүгэр олоробут. Биһиги дьоммут бырабыыталыстыба отчуота кэлэрин иһиттилэр да, үөһээ-аллараа түһүү бөҕө. Бэл, кистэлэҥ туочукаларбыт ханна да суох буолан хаалаллар. Ол аата тойоттор-хотуттар кинилэри билэллэр, наада буоллахтарына, уодьуганныыр кыахтаах буоллахтара эбээт! – эмээхсин эппиэт эрэйэрдии олбу-солбу үлэһиттэр сирэйдэрин кыҥастаста. – Чэ, эһигини үлэҕититтэн аһара аралдьытымыым. Бу сурукпуттан да көрүөххүт этэ, – эмээхсин өҥө-түүтэ сүтэн хаалбыт таҥас мөһөөччүгүн түгэҕиттэн былыр үйэҕэ имиллэн-хомуллан хаалбыт кумааҕытын хостоото. Сэрэйдэххэ, сөп буола-буола ылан көрө, элбэх сиргэ илдьэ сылдьыбыт быһыылаах.

Жанна Алексеевна кумааҕыны эргим-ургум тутан, онон-манан ааҕан баран эмээхсинтэн аатын суруйарыгар, илии баттыырыгар көрдөстө.

– Тоойдоруом, ол ааппын эбэһээт суруйдахпына сатанар дуо? Онтон хаһыакка таҕыстаҕына ааҕан, аны оҕолорбун, сиэннэрбин сойуолаһа сылдьыахтара суоҕа дуо?

– Биһиги ааптар аата суох суруктары таһаарбаппыт ээ! – Маайыс чап гыннарда.

– Таах да аны кэлэн, кэнним уһаабыт, инним кылгаабыт кырдьаҕаспын. Ити туочукалар тустарыттан айдааны тардарбын нэһилиэгим дьоно бары билэллэр, – диэтэ уонна аатын эттэ. – Чэ, бука диэн хаһыаккытыгар таһаараарын. Баҕар, биир эмэ буруйдаах ааҕан, илиитэ тардаарай, түүлээх холбуката оройдотоорой?!

– Барахсан баара кумааҕыта кытта балыыһа сыттаах. Кырдьык, өр толкуйдаан баран суруйан аҕалбыт ээ, – эрэдээктэр эмээхсини аһыммыттыы батыһа көрөн хаалла уонна үөһэ тыынна. Жанна Алексеевна тугу эрэ толкуйдаары гыннаҕына, ачыкытын устан баран түннүгү одуулаһарын курдук, ачыкытын остуолга тыастаахтык уурда.

– Оо дьэ, тоҕо итинникпитий ээ, Жанна Алексеевна?

– Тугу этэҕин?

– Оттон ити эмээхсин балыыһаҕа нус-хас эмтэнэ сытыан оннугар син биир санааҕа баттата сылдьар эбит. Ол гынан баран, кэмниэ-кэнэҕэс кэллэ эрээри, аны бэйэтин аатын этэриттэн куттанар.

– Чэ, хайыаҥый, олоҕу олорбут киһи толкуйа элбэх буоллаҕа.

– Жанна Алексеевна, бырастыы, бэйэм омукпунан киэн туттабын эрээри, биһиги наһаа куттаспыт, кэнэммит. Хаһан даҕаны санаабытын ситэри, аһаҕастык тириэрдибэппит. Наар туохтан эрэ сээбэҥнээн, сэрэхэдийэн тахсабыт эбэтэр биһигини эрэ тыыппатыннар диэбит курдук сылдьабыт. Мин төрөппүттэрим эмиэ оннуктар!

– Чэ, уоскуй, көлүөнэ-көлүөнэ атын иитиилээх, көрүүлээх буоллаҕа. Ити эмээхсин туох да диэбит иһин, сөпкө гынаахтыыр… Кэрээннэриттэн тахсыбыт дьонтон тугу баҕарар күүтүөххэ сөп. Хата оҕолоро, сиэннэрэ арыгы диэҥҥэ сыстыбатахтар эбит. Ити кини дьоло буоллаҕа. Туох да диэбит иһин, биһиэхэ арыгы айдааана, содула таарыйбатах ыала диэн суоҕун кэриэтэ. Маайыс, интервью биэриэхтээх киһиҥ кэлиэн иннинэ баран сып-сап аһаан кэл, – диэн эрэдээктэр кыыһын курдук бүөбэйдэһэр Маайыскатыгар эттэ.

Маайыска ханнык эрэ дьүөгэтин кытта телефонунан кэпсэтээт, чугастааҕы кафеҕа аһыы барар буоллулар. Тахсаары туран:

– Жанна Алексеевна, туох да диэбит иһин, учууталлар арыгы атыылыыллара сиэргэ баппат быһыы! Мин онно баарым эбитэ буоллар, бастатан туран, учууталлары сэмэҕэ тардыам этэ! – диэн баран элэс гынан хаалла.

Жанна Алексеевна кэрэспэндьиэнин саҥатыттан иһигэр күлэ саныы-саныы эмээхсин хаалларбыт суругун эргим-ургум тута олордо.

«Дьэ буоллахпыт, учууталлар! Ити кыыс сөпкө сөҕөн сөллөҥнүүр, биллэн турар, киһи өйүгэр баппат дьыала. Атын дьон хараҕын уутунан байар дьон ханнык да кэмнэргэ бааллара хомолтолоох…», – Жанна Алексеевна кэргэнэ Марк Пахомович кэмсинэр, тыыннааҕар бырастыы гыннарбакка хаалбыт курус түбэлтэтин кэпсээбитин эмиэ санаан кэллэ. Кэргэнэ ыалдьан анараа дойдуга аттанаары сытан: «Балтым кэргэнин дьонун көрсөөр, тыыннаах буоллахтарына, мин ааппыттан бырастыы гыннараар…», – эрэ диэн хаалбыта.

х х х

Ол маннык этэ:

1980 сыллар бүтүүлэрэ, 1990 сыллар саҕаланыылара. Марк Пахомович балта Таанньа атын улуус уолугар кэргэн тахсан, хаһан да харахтаан көрбөтөх дойдутугар барсар буолла. Төрөөбүт тиэргэниттэн тэлэһийбэтэх, үөрэммит Дьокуускайыттан ырааппатах кыыс билбэт дьонугар кийиит буолан тиийэриттэн эмньик сүрэҕэ толугуруу мөхсөр. Эбиитин саахсаламмакка сылдьан оҕолонон хаалан, «мин эһиги сиэҥҥитин аҕаллым» диэн, аҕыйах ыйдаах оҕону көтөхпүтүнэн киирэриттэн кыбыстар курдук. Төрөппүт ийэтэ да туора дьон кинилэр кыыстарын кырыы хараҕынан омнуолуу көрүөн баҕарбат. Онон, ийэлэрэ атаах Таанньата туох-ханнык ыалга кийиит буолан эрэрин илэ хараҕынан көрөргө, эт кулгааҕынан истэргэ бигэтик быһаарынна.

х х х

Сиипсэптэр соҕотох уоллара Һааска кийиит кыыһы уонна сиэн оҕону илдьэ кэлэр буолбутун истэн олус үөрдүлэр. «Чахчы биһиги уолбут оҕото буолбатах да буоллаҕына, туох буолуой? Кылаабынайа, бэйэ-бэйэлэрэ сөбүлэһэн, тапсан эрэ олордуннар», – диэн сарсыардааҥы чэйдэрин иһэ олорон кэпсэттилэр. Кийиит кыыһы көрсөөрү ууга-уокка түстүлэр, бэйэтэ да ыраас дьиэлэрин, тиэргэннэрин хомуйан кэбистилэр. Түптэ унаар буруотугар олорон, аартык суолу маныыллар.

Күүтүүлээх, долгутуулаах күннэрэ кэмниэ кэнэҕэс тиийэн кэллэ. Уоллара Һааска урукку атаах көрүҥэ уларыйбыт, эр киһи киэбин кэппит. Кэргэнэ, хотуна тугу эппиттэринэн сылдьар буолбут. Ийэтэ Балбаара ону көрөн уоһа ыпсыбат буола мичээрдиир, оттон аҕалара соччо иһигэр киллэрбэтэх быһыылаах. Биир сарсыарда: «Уолбут кытаанах хобулук анныгар түбэспит ээ быһыыта», – диэбитин холооонноох доҕор оҥостубут ойоҕо Балбаара саба саҥаран кэбистэ. «Олордуннар эрэ, эн онно орооһума! Киһи бары эн эрэ этэргинэн сылдьыа дуо?» – диэн өс саҕа буолла.

Эдэр ыал олохсуйан диэн ааттаан кэлбиттэрэ хас да ый буолла эрээри, дойдулаах уолга сөптөөх үлэ көстө охсубата. Эр киһи курдук сарсыарда аайы дьиэттэн тахсан, дьону-сэргэни кытары күө-дьаа үлэлиир оннугар кыра оҕотун көрүү-харайыы түбүгэр умса түстэ. Эбиитин кэргэнин ийэтэ сарсыарда аайы айах адаҕата буолан олорорун туһунан санатара элбээн иһэр.

Һааса дьиэлээхтэр сэмэлиир саҥаларыттан сынньанаары кулууп дьиэҕэ сыбыытыыр идэлэннэ. Кулууп дьиэ да диэхтээн. Манна билигин, урукку курдук, киинэ, кэнсиэр көрөөрү дьон тоҕуоруспат, киинэ кэнниттэн эйэ-дэмнээхтик күө-дьаа буолар саҥалара иһиллибэт буолан турар. Ол оннугар кулууп дьиэтин ааныгар бөһүөлэк эр бэртэрэ мустан, кимтэн да кыбыстыбакка эрэ арыгылыыллар, табахтыыллар. Остуорас дьахтар сарсыарда аайы бу дойдуга былыттаах халлааҥҥа этиҥ эппитинии баар буолан хаалбыт Голландия омук «Рояль» испиирин бытыылкатын хомуйартан соло буолбат. Сотору-сотору: «Абааһы омуктара оҕолорбутун эһэр буоллулар!» – диэн мөҕүттэр саҥатын лааппыга баран иһэр дьон истэн ааһар да, үгүстэрэ кумаардаан да көрбөттөр. Сорохтор бастарын быһа илгистэ-илгистэ ыксалынан килиэп уочаратыгар ааһаллар. Оттон ону-маны билэ-көрө сатаабыттар остуорас дьахтары кытта кэпсэтэн, бэҕэһээ кимнээх арыгылаабыттарын, охсуспуттарын туоһулаһан, соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолаллар. Остуорас кэпсээнин бөһүөлэк хобун-сибин хото таһааччы Даайыс ситиигэ тиспит буоллаҕына, бырастыы гыммаккын. Ол күн эбиллэн, сүрдэнэн бөһүөлэк уһугар иһиллибитэ эрэ баар буолар.

Биир сарсыарда остуорас дьахтар кулуубун таһын ыраастыы кэлбитэ ааны бүөлүү киһи сытар. Соһуйан хаһыытыы биэрбитигэр киһитэ хамныырга дылы гынна. Өйдөөн көрбүтэ Сиипсэптэр соҕотох уоллара киһи билбэт буола хаан билик буолан сытаахтыыр эбит. «Нохоо, Һаасаа, тугу кэбилэнэ сытаҕын?» – диэн ыалын уолун туруора сатаата да, хантан кыайыай? Бэрт ыксалынан сэбиэт дьиэтигэр тиийбитэ киһи билбэт массыыната бөҕө, дьиэ иһэ аалыҥнас киһи. Онно истибитэ бөлүүн кимнээҕэ биллибэт дьон маҕаһыын ыскылаатын алдьатан дьааһыктаах арыгылары уорбуттар. Остуорас дьахтар кулууп ааныгар ыала уола сытарын кэпсээбитигэр аны бары онно сүүрдүлэр. Буруйдаах эрэ моттойоҕо дииллэринии, Һааска муҥнааҕы билиннэрэ сатаан үлтү түнэйдээбитинэн бардылар. Остуорас билбэт дьонун харса-хабыра суох быһыыларын көрөн, мэктиэтигэр «кыайар буолан баран, ыалым оҕотун бэйэм дьиэтигэр соһон да кэбиспэккэбин» диэн кэмсинэ санаата.

Һаасканы ол күн милиция массыынатыгар хаайан, улуус киинигэр илдьэ киирдилэр. Атын буруйдаах ким да суоҕун курдук дьыаланы сабан кэбистилэр, ыскылааты Һааска халаабыт аатырда. Бөһүөлэк дьоно уоллара Һаасаны атын дьон салааскатыгар олордубуттарын сэрэйэллэр да, бардам баһылыктарын утары этэр кыахтара суох, Кэлин сыллар ааспыттарын кэннэ билбиттэрэ, ыскылааты ыаллыы сытар нэһилиэк баһылыгын аймаҕа дьон уоран-талаан ааспыт эбит этилэр.

х х х

Һааска милиция дьиэтигэр 15 сууккалаан тахсыаҕыттан ыла киҥэ-наара алдьанна. Оҕо эрэ, кэргэн эрэ. Дьиэтигэр баар дьахталлар мөҕөр-этэр саҥаларыттан куота көтө сатыыр. Арай ийэтэ муҥнаах хомойбут харахтарын санаан, дьиэтигэр төннүөн баҕартыыр да, ийэ кылына кыбдьырыйа көрсөрүн хараҕар көрдөҕүнэ, атахтара арыгы атыылыыр туочукаҕа тиийбитттэрин бэйэтэ да билбэккэ хаалар.

Бу үөлээннээҕэ Гошалыын кыра эрдэхтэриттэн хардары-таары орох тэпсибит, сүүрбүт-көппүт үтүөкэннээх да сирдэрэ этэ. Бу тиэргэҥҥэ лапта оонньоон сырсаллара, кыһын мас бэстилиэттээх күрдьүк хаарга күөлэһийэллэрэ. Гоша ийэтэ күөстэнэр дьиэтигэр субу аҕай буһарбыт сап-саһархай бэрэскилэринэн күндүлүүрэ. Ол кэмнэр быдан дьылларга хаалбыттар. Һааса билигин оҕо сааһын санатар минньигэс бэрэски оннугар утаҕын ханнараары аһыы ас көрдүү баран истэҕэ. Оо, үчүгэй да кэмнэр этилэр, икки ардыларыгар уу тэстибэт доҕордуулар оччолорго маннык буолуоҕун тымтыктанан да көрбөтөхтөрө. Гошатын ийэтэ кистэлэҥ дьааһыгыттан «Рояль» испиири таһааран биэриэҕэ. Атыылаһааччы ытыһыгар уунан турар харчытын түргэн үлүгэрдик сиэбигэр кистиэҕэ уонна аанын тыастаахтык сабыаҕа. Оскуола учуутала ааттаах дьахтар урукку үөрэнээччитин сэмэлээн, көнө суолга тардарга кыһаллан биир да тылы саҥарбат. Дьиҥэр, Һааса хаһан эрэ Светлана Павловнаттан атыннык ааттаммат учууталыттан толлор да, убаастыыр да этэ. Гошата киин куоракка үөрэнэ сылдьан үөрэҕин бырахпыт, билигин кэммиэрсийэнэн дьарыктанар үһү. «Мальборо» табах, ыстыыр эрэһиинэ, джинсы ыстаан, тирии куурка, хомуллар суумка курдук сэдэх маллары Гоша атыылаан абырыыр аатырар. Бөһүөлэк олохтоохторо ону сыанатын да кэрэйбэккэ атыылаһалларын эрэ билэллэр. Өссө маппыт дьон күннэрэ-ыйдара Светлана Павловнаттан эрэ тахсар курдук буолла. Харчы чэпчэкитик кэлэр суолун «тобулбут» интеллигент ааттаах ыал аны кистии-саба арыгы атыылыыр идэлэммитэ балачча буолла. Ким да сэмэлээбэт, буойбат, бары билэ-билэ билбэтэҕэ, көрө-көрө көрбөтөҕө буолаллар. Сөмүйэлэрин угар сирдэрин кистиир буоллахтара. Уодьуганныыр дьон суоҕуттан тэһиэгирэн, бэл ыаллыы сытар нэһилиэктэргэ тиийэн атыылыыр сурахтара сири-буору аннынан иһиллэн ааһар. Һааска биирдэ эмэ Гошатын туһунан сурастаҕына, учууталтан атыыһыкка кубулуйан, сытыйа байан эрэр дьахтар: «Эн, онно тугуҥ дьыалатай, неудачник!» диэн айаҕын да атыппат идэлэннэ.

х х х

Һааска хас да хонук итириктээн баран, дьиэтигэр кэлбитэ утуйар хоһо тыбыс- тымныы салгынынан аргыйарга дылы гынна. Таһырдьа таҕыстахтара дуу диэҕин, оҕото ытаан бэбээрэр саҥата чугаһынан иһиллибэт. Өйдөөн-дьүүллэн көрбүтэ утуйар оронноҕо биир да таҥаһа суох субу нэлэйэн сытар. Ыскааптарыгар ыйанан турар биэсэлкэлэр кураанах тэйбэҥнэһэ тураллар. Бэл, хамсыырга дылылар, соторутааҕыта аҕай тахсан барбыт быһылаахтар. Уол дьонун сырсыахтыы ойон турда эрээри, эмискэ мэйиитэ эргийэн, аҕыйах ыйдаахха эрэ таптал имэҥин билбит, билигин тымныынан хаарыйар оронугар тиэрэ таһылла түстэ. Биирдэ өйдөммүтэ ийэтэ барахсан уолун улахан чааскытыгар собо миинин кутан, иһэрдэ сатыы олорор эбит.

– … Дьонуҥ хомунан барбыттара… – диэн нэһиилэ саҥа таһаарда.

– Ийээ, дьахтар барыта эн курдук үтүө санаалаах аанньал буолуо дии саныыр этим. Ити дьахталлар миигин сиэтилэр! Туора улуус урдустара! – диэн эмискэ баарынан-суоҕунан хаһыытаата, тимир тиистэринэн тыастаахтык хабырынна.

— Тоойуом, хаһан да атын дьону буруйдаабат буол. Бэйэҥ төбөлөөх киһигин, оҥорбуккар бэйэҥ эппиэттиэхтээххин… – диэн баран, ийэтэ кистии-саба хараҕын уутун сотунна.

Оттон ити эн үҥэр-сүктэр Светлана Павловнаҥ хайдаҕын билэҕин дуо? Миигин билигин ыт курдук көрсөр, уолаттар бары киниттэн арыгы ыларбытын билэҕин дуо, ийээ?! Кини кимий? Өссө Таанньыскам биирдэ киниэхэ бара сылдьыбытыгар биһиги туспутунан сыбыс-сымыйанан ону-маны кэпсии тоһуйбут үһү. Өссө «Һаасаттан араҕыс» диэн сүбэлиир үһү! Дэриэбинэ дьоно бары миигин абааһы көрөллөр. Хайдах буолабын, ийээ? – Һааса ийэтин ньилбэгэр төбөтүн ууран оҕолуу ытаан барда.

х х

Балбаара уола утуйбутун билэн, сүүрэр-көтөр быластаах бөһүөлэк уһугар турар «кырыыстаах» дьиэҕэ тиийдэ. Сүөһүлэрин эһэн, кэммиэрсийэнэн дьарыктанар буолбут ыал бэл тиэргэннэрэ кураанахсыйбыт, курсуйбут курдук көһүннэ. Урукку курдук онно-манна тыраахтар, массыына көлүөһэлэрэ төкүнүһэ сыталлара көстүбэт, хороҕор муостаах аһыыр-сиир дала сэтиэнэх отунан сабыта үүнэн, көстүбэт буолаахтаабыт. Балбаара ону көрөн дириҥник үөһэ тыынна. Хаһаайын хайдаҕа тиэргэниттэн көстөр дииллэрэ кырдьык эбит. Ыал аҕа баһылыга Макар Петрович суох буолбутуттан ииппит-аһаппыт ийэ тиэргэннэрэ кытта курутуйбукка дылы буолбут. Саатар дьахтар киһи сиэринэн биир эмэ дьэрэкээн сибэккини олордубута да көстүбэт. «Хайыахтарай, харчыга үлүһүйэн, харахтара бүөлэммит дьон онно эрэ наадыйбаттар ини» – диэн саныы-саныы Балбаара аа-дьуо дьиэ аанын аста. Аан аһыллыбытын истэн, хос иһиттэн Светлана Павловна тахсан кэллэ. Гоша ийэтэ кэлбитин көрөн олох да соһуйбата.

– Хайа, уолгун сураһыаххын билигин эрдэ. Киэһэ кэлээччи! – диэн саҥара тоһуйбутуттан Балбаара айахха бэрдэрдэ. Кэпсэтиини хайдах саҕалыыр туһунан толкуйга түспүтэ олох да кураанахха буолан биэрбиттэн бэйэтэ да бэркиһээтэ.

– Светлана Павловна, эн нэһилиэк ытыктанар киһитэ, ити хайдах буолан бэйэлээх бэйэҥ ыччаттаргын аһыы утахха умса анньан эрэҕин?

– Ээ, бэрт киһи айахтарыгар тоҕо кутан биэрэҕин диэ! – дьиэлээх дьахтар эҕэлээхтик саҥаран барда. — Итинник боппуруоһу эн эрэ биэрэр буолбатаххын. Онуоха эппиэттииртэн мин хал буоллум. Мин эрим өлбүтэ. Хамнас кэлбэт. Дьиэ кэргэммин соҕотоҕун иитэн сордонобун. Эһиги ону билэҕит дуо? Олох уларыйда, ырыынак үйэтэ, сатабыллаах саһыл саҕаланар кэмэ кэллэ, Балбаараа-аа. Онон ким хайдах сатыырынан олорор кэмэ. Хата, эн эмиэ тугу эмэ толкуйдаа. Ити Һааска, дьиҥэр куһаҕана суох уол этэ. Оҕоҕун атаахтык ииппиккэр, кэргэнэ илэчиискэлээбитигэр мин тугум буруйай?

Учуутал киһиттэн итинниги эрэ истиэм диэбэтэх Балбаара мах бэрдэрэн, чочумча саҥата суох турда.

– Учуутал киһи өйүҥ-санааҥ уларыйбыта тугун түргэнэй? Эн да оҕолордоох, ыччаттардаах киһигин, уһуну-киэҥи толкуйдуоҥ этэ. Алдьархайтан ас таһаарынар аньыы буолаарай? – Балбаара уку-сакы туттан тахсан барда.

Саатар сааһыран истэҕин аайы хараҕын уута ыга анньан тахсар идэлэннэ. Уруккута буоллар, бэйэтин көмүскэнэр тылы булан этиэ этэ. Оттон билигин бэйэлээх бэйэтин дьонун эрбэх үрдүгэр эргитэр идэлэммит сиэмэх дьахтарга хараҕын уутун көрдөрүөн баҕарбата. Этиһэ, айдаарса сатаабакка тахсан барбытыттан да кэмсиммэтэ. «Үөрэхтээх киһи эппит тылларбын син өйдөөтө ини, аны уолбар арыгы атыылаабат ини», – диэн эрэх-турах сананааахтата уонна кыайбыт-хоппут киһилии төбөтүн өрө көтөҕөн, уулусса устун хаама турда. Ийэ санаатыгар уолчаана итии миин иһээри кинини күүтэ сыттаҕа…

х х х

Сайын ортото. Уулуссаҕа ыт охсор киһи көстүбэт. Турар-турбат бары окко, сир аһыгар үлүмнэһэр. Бэл, уулуссаҕа кырачаан оҕолор да көстүбэттэр. Өҥүрүк куйаастан саһан, бэлэм сылтах дьиэлэригэр видеомагнитофоннарын холбоон баран, атахтарын өрө тэбэн сыттахтара. Сорох-сорохтор дьонноро суохтарынан туһанан, төрөппүттэрэ кистии уурбут кассеталарын уоран ылан эргитэн эрдэхтэрэ. Саҥа улаатан эрэр оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар ханан да сөп түбэспэт киинэлэр диэтэҕиҥ! Арааһынай «Камасутралары», түүннэри-күнүстэри ынах курдук ыас ыстаан ынньаҥалатар омуктар таҕылларын ханнара сатыыр түүҥҥү дьайыыларын аһаҕастык көрдөрөллөр. Индия киинэтэ диэн сымыйа – хас хардыы аайы охсуһууну, хаан тохтуутун хото көрдөрөллөр. Дьикти, хабыр тыыннаах кэм кэлэн иһэр быһыылаах. Ама да «демократия» диэн кулгаахтаах истибэтэх дьикти тыла тэлэбиисэри, араадьыйаны толорбутун иһин, кыра ычалаах, ырааҕы ыараҥната сатаабат дьон өйүн-санаатын сүүйэр, бэҕэһээҥини кэлтэйдии буруйдуур бардам дьон кинилэр эрэ баар курдук тутталлар-хапталлар.

Балбаара киэһээҥи күөһүн буһарар кэмэ кэлбит. Һаасата киһи эрэ буоллар, аҕатын кытары оттоспута хаһыс да күнэ. Ийэ барахсан уолум көнө суолга үктэнэн эрэр диэн сэмээр үөрэр. Хотонуттан кэлэн иһэн дьиэ кэлииккэтин аана хачыгыраабытыгар көрө түспүтэ икки билбэт киһитэ тиэргэҥҥэ баар буола түстэ. «Дорооболоруҥ, дьиэлээхтэр!» – дэстилэр уонна итииргээбит дьон курдук ырбаахыларын устан сыбыдахтанан кэбистилэр.

– Таанньа убайдарабыт. Балтыбыт хаалларбыт таҥаһын-сабын ыла кэллибит. Балтыбытын быстах дьылҕалаабыт атаах уолуҥ ханна баарый? – диэн муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан дьон буолан биэрдилэр.

– Хайа, хара ааныттан тылгыт-өскүт тоҕо кытаанаҕай? Ыраахтан кэлбит дьон сылайбыккыт буолуо, дьиэҕэ ааһыҥ! – диэтэ Балбаара.

Хаһаайка эйэҕэстик эйэргээбититтэн арыый сымнаан, бу дойду дьоно өссө харахтаан көрө илик, саҥа үөдүйэн эрэр рюкзак суумкаларын, бейсболкаларын таһырдьа ыскаамыйаҕа уураат, иһирдьэ аастылар.

Балбаара: «Ким кими быстах дьылҕалаабыта өссө биллибэт», – диэн бэйэтэ-бэйэтигэр саҥарбытын истибэккэ хааллылар.

Кэлбит ыалдьыттар ийэлэрэ орто дойдуттан күрэммитин, балтылара Таанньа эмиэ ыарытыйар буолбутун уо.д.а. киһини үөрдүбэт сонуннарын ыһа-тоҕо кэпсээтилэр. Кэлбит соруктара Һааскаттан алимент харчытын туура тутан ылыы үһү.

– Биллэн турар, аҕа оҕотун көрүөхтээх-иитиһиэхтээх эрээри, Һааскам үлэтэ суох. Үлэлээбэт киһи тугу биэрээхтиир үһү? Саатар кэргэнин кытары барыаҕыттан кэпсэппэттэр даҕаны. Тугу эмэ быһаарсан, сүбэлэһэн баран икки аҥыы барыахтаах этилэр. Биир күн хомунаат да куоппуттара, ол айыыта онон… – диэтэ.

– Уолуҥ үлэлээбэт буоллаҕына, биир эмэ сүөһүгүтүн оройго охсон, этин атыылыы охсон, биһиэхэ биэрэн ыытаҕыт!

– Аньыы даҕаны, бу сай ортото дуо? Чэ, киэһэ эр дьонум кэллэҕинэ сүбэлэһиэхпит, ол мин соҕотоҕун быһаарар дьыалам буолбатах! – диэт, Балбаара остуолтан туран, быыс нөҥүө хоско киирэн сытынан кэбистэ.

Ыалдьыттар сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр. Ини биилэртэн кыралара Марк туох эрэ сыыһаны саҥардыбыт дуу диэн убайын диэки көрөн ылла. Онуоха убай киһи сөмүйэтин сөллөстүгэс уоһугар даҕайаат, күтүр бэйэлээхтик көрөн кэбистэ. Ити аата: «Саҥарыма, дьыалабыт сатанаары гынна» диэн имнэнэн быһыыта.

Киэһэ буолуута отчуттар Һааска «Юпитер» матасыыкылыгар мэҥэстиһэн бирилитэн кэллилэр. Ийэлэрэ Балбаара арбы-сарбы буолбут сирэйин көрөн соһуйдулар. «Хайа, ийээ, туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо? Дабылыанньаҥ эмэ да көмөлөспөт буолла дуу?» – Һааска ийэтин диэки куттаммыттыы көрдө. «Саатар бу сатыылаабыт куйаас хаһан ааһар, от-мас барыта куураары-хатаары гынна», – диэн аҕалара эбии саҥалаах буолла.

– Ыраахтан дьон кэлбит! – Балбаара уолун диэки куттаммыттыы көрдө.

– Бай, бу от-мас үлэтин үгэнигэр кимнээх ол саах тэбэ сылдьаллар? Ол эрэн, сиэр быһыытынан ыалдьыттары «астаах» көрсүөҕү лааппыга атыыламмат, ийэм боппуолдьаҥ түгэҕэр төкүнүйэ сылдьар баара дуу? – Һааска кырдьык дуу, дьээбэлээн дуу этэрэ биллибэттик күлэн саһыгыратта.

Балбаара уола маннык ис-иһиттэн күлэрин истибэтэҕэ ырааппыт да эбит. Кини көрдөҕүнэ, кыната сарбыллыбыт, муҥур уһукка тиийбит курдук туттар. Арыгыттан босхолуур атын улуустан кэлбит киһиэхэ күүстэринэн кэриэтэ эмтэппиттэрэ да, Һааска майгыта-сигилитэ өссө алдьанан сылдьар. Аны пиибэ диэн бытыылкалаах ас дэлэйэн, ону кистээн иһэрин ийэтэ сэрэйээхтиир. Этэн көрдөҕүнэ, пиибэ арыгы буолбатах диэн алы гынар.

Дьон көбдьүөрэр саҥатын истэн, күүтүллүбэтэх хоноһолор дьиэттэн тахсан кэллилэр. Һааска түөрт уонча саастаах эр бэртэрин көрөн соһуйда. Кинилэри ханна эрэ көрбүт курдук да, кимнээҕин билбэтэ. Эмискэ бу хаартысканан эрэ билэр дьоно, Таанньа убайдара буолалларын сэрэйдэ. Урутаан илии тутуста. Таанньаҕа тугунан да майгыннаабат бүрэ дьүһүннээх, мунна хаптаччы оҕустарыылаах эр бэрдэ: «Дьэ, күтүөт уол, ир суолгун ирдээн, ааккын ааттаан туран кэллибит. Бачча ыраахтан кэлбит дьону тугунан айах тутаҕын?» – диэт, уол илиитин кытаанахтык ыга тутта уонна сүүһүн аннынан батары-бааччы көрдө. Онтон Марк диэн бу дойдуга суох ааттаах киһи дьиэлээх хаһаайыны кытары илии тутуста.

«Улахан убайдарабын» дэммит эр киһи Һаасканы көрөн туран: «Уол оҕото матасыыкыл көлөлөөх эбиккин. Эр дьон быһыытынан атын сиргэ баран кэпсэтиэх. Айан дьоно ыксыыбыт, дьыаланы быһаарсан баран, суолга турунуо этибит», – диэн көбдьөөрдө.

– Эмиэ тугун атын сирэй? Ыалдьыты киһилии чэйдэтэр, хоннорор ыалбыт, бары олорон сүбэлэһиэхпит, – диэн аҕалара этэн көрбүтүн, Һааска сапсыйан кэбистэ.

– Дойду дьонугар оттуур сирбитин, үүтээммин көрдөрүөм хата, – Һааска хап-сабар матасыыкылын үрдүгэр олорунан кэбистэ.

– Таанньа убайдарабыт дииллэр дуу? Си дьүгээр арахсыбат дьон эбит. Тугу дииллэр? – оҕонньор саҥата суох хаалыахтааҕар ыйыппыта буолла.

– Сиэҥҥитин көрүөхтээххит-истиэхтээххит, алимент төлөөбөт буоллаҕына, сүөһүгүтүн өлөрүҥ дииллэр.

— Бай, хайдах ол?! – оҕонньор сиһэ кэдэҥнээн ылла, эмискэ ойон турда. – Тоҕо эрдэ эппэтэххиний?

Балбаара хаһан да таҥара, сырдык-хараҥа күүс диэннэрин итэҕэйбэт бэйэтэ халлаан диэки көрөн туран, тугу эрэ ботугураабытынан барда. Сайыҥҥы кылгас түүн хараҥара оҕуста. Дьахтар барахсан сотору-сотору хотонун нөҥүө аартык суолу маныыр да, матасыыкыл фаратын уота да көстүбэт, бирилэс тыас да иһиллибэт. Сиипсэптэр олох утуйбатылар, туох эрэ алдьархай тахсыаҕын сэрэйбиттии, көҕүрэттибитэ аатыран, саҥата суох утуу-субуу таһырдьа тахсан киирэллэр.

Кэмниэ кэнэҕэс сарсыарда тыҥ хатыыта билэр матасыыкылларын тыаһа иһилиннэ. Ол гынан баран, тиэргэҥҥэ киирбэккэ, олбуор таһыгар тохтоон хаалла. Оҕонньор ойон туран, түннүгүнэн көрбүтэ уоллара баара көстүбэт, били дьон иккиэн сирэйдэрэ-харахтара турбута сүрдээх. Һаасканы ыйыппытыгар үүтээнигэр утуйа хаалбытын туһунан эттилэр.

– Утуйа сытыаххыт дуо, Таанньа хаалларбыт таҥастарын чөкөтөн биэриҥ. Сэбиэккит дьиэтэ ханна баарый? Онно сайабылыанньа суруйан хаалларыахпыт, оҕотугар алимент төлүүрүн курдук! Оттон балыыһаҕыт? – диэн ыйыттылар.

Дьиэттэн тахсан испит Балбаара «балыыһа» диэн тылы истээт, хараҕа хараҥаран ылла. Ыар ыалдьыкка тэҥнээх дьоҥҥо ыган тиийэн: «Уолбун ханна гынныгыт?» – дии-дии хаһыытаата. «Ханна гыныахпытый, үүтээнигэр утуйан оҥторо сытар», – диэн баран күлбүтэ буоллулар.

Ити курдук, хоноһолор хайдах эмискэ баар буолбуттарай да, оннук түргэнник атахха биллэрдилэр. Киһилии кэпсэтии, эйэргэһии суох дьоно буолан биэрбиттэриттэн дьиэлээхтэр бэри диэн бэркиһээтилэр да, атын улуус дьонун өйүн-санаатын хантан тута таайыаҥый? Киһилии кэпсэтэн хоммуттара буоллар, син дьыаланы эйэ-дэмнээхтик быһаарсыбыт да буолуо этилэр буоллаҕа.

– Туруоҥ дуо, оҕонньор, түргэнник үүтээҥҥэр бар! Сүрэҕим тугу эрэ сэрэйэр, аана суох алдьархай тахсаары гыммытын курдук…

– Чэ, бээ эмээхсин, эрдэттэн куһаҕаны биттэнимэ. Уолуҥ пиибэҕэ көспүтэ ыраатта ээ бадаҕа, кырдьык итирэн оҕунна ини, – оҕонньор кытта кырдьыбытын уоскуппута буолла да, бэйэтэ да сүөм түспүт сирэйин ойоҕуттан кистии сатыыр.

Туораттан көрөр киһи «Сиипсэптэр аҕалара эдэригэр түспүт, элэгэлдьийэн тоҕо сүрэй?» диэн дьиибэргиэ эбит. Ол гынан баран, оҕонньор бэйэтин санаатыгар бүгүн үүтээнэ ыраатан хаалбыт. Сүүрэр-хаамар икки ардынан бадьаалыы сатыыр да, ыксаатахха суола уһаан да биэрдэҕин. Кэмниэ кэнэҕэс үүтээнигэр киирбитэ Һаасата умса түһэн сытар. Сирэйэ-хараҕа сүүлэ иһэн тахсыбыт, хараҕын омооно көстүбэт, күп күөх буолбут. «Ыттар, кэбилээбиттэрин!» – диэн оҕонньор уолун икки дабыдалыттан ылан, нэһиилэ наара оронугар олорто. Дьолго, Һааската тыыннаах эбит…

ххх

Ыарахан сутуруктаах дьон барбытын кэннэ Һаасканы аны сэбиэт дьиэтигэр ыҥыра сырыттылар. Уол кэлэр кыаҕа суоҕун истэн, сэкиритээр кыыс бэйэтэ тиийэн кэллэ.

Хаһан эрэ биир оскуолаҕа үөрэммит, өссө сэмээр сөбүлүү көрбүт уолчаана киһи билбэт гына кэбилэнэн сытарын көрөн, соһуйан өлө сыста:

– Саша Сиипсэп, кырдьык куһаҕан да дьоҥҥо түбэһэҥҥин, олоҕун айгыраабыт эбит. Ити дьон өссө сарсыарда эрдэ сэбиэт дьиэтин аанын астара-астара Һааскаттан кырбаммыт аатыран сайабылыанньа суруйбуттара уонна сиэстэрэ кыыстан ыспыраапка аҕалбыттара. Аата сүрдэрин, бу кэбилээбиттэрин көр эрэ!

Балбаара кыыс ити саҥатын истэн, сүрэҕин тутта түстэ уонна киһи эрэ куйахата күүрүөх өрө уһуутаата:

— Оҕобун ситэри сиэри санаммыт сиэхситтэри туох ситиһиэ баарай? Оо, муҥум да баар эбит…

х х х

Һааска бу орто дойдуттан очурга оҕустаран орто дойдуттан күрэммитэ сүүрбэччэ сыл буолан эрэр. Ийэлээх-аҕата дьиэлэригэр бэйэлэрэ эрэ «бур-бур» буруо таһаарынан олороохтууллар. Улаханнык истибэт уонна көрбөт буолан, ханна да сылдьыбаттар. Биирдэ эмэ ыалларын оҕолоро бөһүөлэк сонунун сэһэргээн ааһаллар.

Биир күн ыалларыгар куораттан кэлбит уолчаан: «Эһиэхэ телеграмма кэлбит» диэн суруктаах кумааҕыны киллэрэн биэрдэ. Оҕонньордоох эмээхсин кинилэри ким сураһыан сөбүн дьиктиргээн уолчааҥҥа аахтаран иһитиннэрбиттэрэ «Бабушка дедушка скоро приеду Вася» диэн суруктаах буолан биэрдэ.

Телеграмма туппуттарыгар сарсыныгар кинилэр тиэргэннэригэр куораттыы мааны таҥастаах билбэт уоллара киирэн кэллэ.

– Мин эһиги сиэҥҥит Вася буолабын. Аҕам туох дьоннооҕун, хайдах сиргэ-уокка төрөөбүтүн билиэхпин баҕаран кэллим. Тугу да биллэрбэккэ кэлбиппин бырастыы гыныҥ! – диэтэ.

Балбаара истибитин итэҕэйбэтэхтии биир сиргэ таалан турда. Оҕонньор көхсүн этиттэ уонна илиитин ыстаанын кэннигэр соттон ылан баран, уолга утары уунна.

– Сиэммитин көрөр күннээх эбиппит. Аата үчүгэйкээнин бу оҕо, – диэн баран Балбаара уолу бэйэтин диэки сэрэнэн тардан, төбөтүн оройуттан сыллаан ылла.

Бу киэһэттэн ыла кырачаан дэриэбинэҕэ Сиипсэптэр саҕа дьоллоох дьон суох. Сүүрбэччэ сылы быһа баалларын-суохтарын биллэрбэккэ сылдьыбыт «кийииттэрэ» уонна убайдара Марк Пахомович киһи эрэ буоллаллар, Васяҕа айбыт аҕатын туһунан кэпсээбиттэрэ бу дьолу!

Вася саҥа билсибит эбэлээх-эһэтигэр биир нэдиэлэни быһа маанылатан олордо. Киэһэ аайы аҕатын Һааска олоҕун ымпыгар-чымпыгар диэри кэпсэттэрэр.

– Эбээ-эһээ, мин дипломнай үлэбэр арыгы саха норуотугар дьайыытын туһунан суруйдум. Оттон ити арыгы атыылаан байбыт учуутал дьахтар кэлин туох дьылҕаламмытай?

– Ээ, ыйытыма, сыллыай. Киһи күннээххэ ахтыбат куһаҕан түбэлтэтэ буолбута. Кэлин уолунаан дьиэлэригэр олорон иһэр буолан хаалбыттара уонна бэйэлэрэ атыылыыр «Роялларыттан» сүһүрэн өлбүттэрэ. Сымыйа, дьааттаах испиир түбэспит диэбиттэрэ. Кыайан быыһаабатахтара. Бука, дьон тыла, хараҕын уута тиийдэҕэ…

— Вот так то! «Куһаҕаны оҥорор иэстэбиллээх» диэн таайым Марк Пахомович мээнэҕэ эппэтэх эбит. Аны мин эһигиттэн хаһан да арахсыам суоҕа, куруук билсэ туруом, – Вася эбэлээх-эһэтин күүскэ да күүскэ кууста уонна эбэтин хараҕыттан тахсыбыт сылаас таммахтары аргыый аҕай имэрийэн ылла. Оттон Балбаара остуолун үрдүгэр турар уолун хаартыскатын ылан: «Тоойуом, Һааса-аа, бэйэлээх бэйэҥ оҕоҥ, биһиги сиэммит биһиэхэ тиийэн кэллэ. Кырдьар сааспытыгар халыҥ хахха, суон дурда буолар уонна онтон көмүс уҥуохпутун көтөҕүөх сиэннэннибит, онтон эн ааккын ааттатар уоллааххын!» — диэн баран, сиэнин сыллаан ылла.

СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ,  edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0