Бүгүн сарсыарда Дьокуускай – Хабаровскай маршрутунан 96 пассажирдаах Sukhoi Superjet-100 сөмүлүөт иннинээҕи шасситын сигнала үлэлээн, авиапорка төттөрү түһэргэ күһэлиннэ.
«Якутия» авиахампаанньа пресс-сулууспатын үлэһитэ Инна Спиридонова иһитиннэрбитинэн, сөмүлүөт сарсыарда 7 чааска көппүт. Көтүөхтээх үрдүгүн дабайан истэҕинэ, иннинээҕи шасситын сигналката эмискэ үлэлээбит. Хамандыыр төннөргө быһаарыныыны ылынан, уматыгын бараан баран, 8 ч 55 мүн авиапорка этэҥҥэ түстэ.
Сөмүлүөтү анал хамыыһыйа көрө сылдьар. Билиҥҥи быһаарыынан бу рейс Дьокуускай бириэмэтинэн 13 ч 15 мүн Хабаровскайга көтүөхтээх.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1