Хабараан хапсыһыы

Ааптар: 
25.10.2018
Бөлөххө киир:

Бу быһылаан Сунтаар Күндэйэтигэр буолбута.  Нэһилиэк киэн туттар киһитэ, дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр Күүстээх Күүрүнэбинэн биллэр тырахтарыыс Николай Прокопьевич Гуринов ол кэмҥэ 61 саастааҕа. Ол да буоллар, үлэ үөһүгэр сылдьара.

Кини, чахчы, үлэни өрө туппут киһи этэ. Нэһилиэк фермаларыгар, ыалларыгар от-мас тиэйиитэ барыта кини үрдүнэн барара.  “Элгээйи” сопхуос хас эмэ төгүллээх чемпион тырахтарыыһа, ону ааһан, сопхуос бастакы сылларын көҥүл тустууга 79-87 кг ыйааһыннаахтарга    эмиэ чемпиона. Дэлэҕэ даҕаны, оччолорго Саха сирин саамай үрдүк наҕараадатынан – Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамотатынан үс төгүл наҕараадаланыа дуо?!

Бу быһылааҥҥа киниттэн атын киһи түбэспитэ буоллар, тыыннаах хаалыа, онтон хас эмэ төгүллээх ыарахан эпэрээссийэ кэнниттэн салгыы тырахтарыыстаан барыа саарбаҕа. Чэ, ол туһунан Николай Прокопьевич бэйэтэ кэпсээбитин тиэрдиим.

* * *

—1996 сыл ыам ыйын 16 күнэ. Кус көҥүллэнэн, эр дьон үксэ ырааҕынан-чугаһынан бултуу тарҕаспыта. Мин үс эдэр уолу кытта бирисиэптээх “Беларусь” тыраахтарынан дьиэбититтэн 30 биэрэстэлээх Тараҕай диэн сиргэ киэһэлик  тиийэн, отчуттар балаҕаннарыгар тохтообуппут. Сарсыныгар, ыам ыйын 17 күнүгэр, уолаттарым Сайылык Толоон диэн ходуһа сиргэ уу-хаар төһө тахсыбытын көрөн, дурда туттуох буолан хаалбыттара. Оттон мин бу сиртэн 3-4 биэрэстэлээх ойуур иһигэр сааскы кус саһан түһэр көлүччэлэрэ баалларын билэр буолан, олору көрө бардым.

Уу олох тахсыбатах, кус да суох. Ол иһин төттөрү эргийэн, уолаттарбар бардым. Арай ол истэхпинэ, хаҥас өттүбэр, туох эрэ киҥинэйэрин курдук, саҥа иһилиннэ. Хайыспытым, доҕоор, түөрт эһэ мин диэки түһүнэн аҕай иһэр эбит! Адьас субу кэлбиттэр, арааһа, уонча эрэ миэтэрэ хаалбыт быһыылаах. Бары тэбис-тэҥ улахаттар. Моойдорун туһунан моойторук курдук үрүҥ түү кырымахтаахтар. Ахсааннара элбэҕиттэн дьулайан, саллан, эһэ аһылыга буоллаҕым буолуо диэн санаа охсуллан ааста.

Сүгэн испит саабын илиибэр ылыахпар диэри инники испит эһэ, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр, бу баар буола түстэ. Икки кэлин атаҕар өрө тураат, миэхэ саба түстэ. Мин саабын утары тутаат, ытан саайдым эрээри, чугаһа бэрт. Аны эһэ саам уоһун туора охсон, сыыһан кэбистим. Хата, кэнники испит үс эһэ үрүө-тара сүүрэн эрэллэрин көрөн аһардым. “Биир бииргэ хааллыбыт” диэн санаа кылам гынна, хайдах эрэ чэпчээбит курдук буоллум. Саабынан эһэ охсуолууруттан көмүскэнэ сатыыбын. Уоһунан утары анньан, төбөбүн оҕустарбат, хадьырыйтарбат мөккүөрүгэр сырыттым.

Кыыл аата кыыл. Бастаан  кэтэхпиттэн умса охсон, тыҥыраҕынан куйахабын саралыы тарта. Ынырыктаах ыарыы этэ эрээри, хата, охтубатым, өйбүн сүтэрбэтим. Ол түгэҥҥэ аны сирэйим уҥа өттүттэн хадьырыйда.  Тииһин тыаһа сүрдээх этэ.

Кэлин билбитим, үөһээ-аллараа уостарбын ойу тардан ылан, илин тиистэрбин уонна уҥа сыҥааҕым балталарын бүтүннүү көтүрүтэ ытырбыт. Айаҕым иһигэр үөһээ өттүгэр икки, аллараа өттүгэр үс балтаны бүтүн хаалларбыт, уоннааҕытын барытын кумалаабыт этэ. Көр, ол да түгэҥҥэ атахпар тура сылдьыбытым. Санаабар, хайдах эрэ, көтө сылдьар курдугум. Онтон, доҕоор, эмиэ кэтэххэ охсоот, умса түһэн эрдэхпинэ, сирэйим уҥа өттүттэн хабан ылла. Эмиэ итии-тымныы, сырдык-хараҥа буолуталаата. Кэлин билбитим, чэчэгэйим аннынан сирэйим уҥуоҕун дьөлө ытыран, уҥа харахпын тэһэн, муннум уҥуоҕун тосту хадьырыйыытыгар түөрт атах буола түстүм. Эһэм иннибиттэн саба баттаата. Төбөбүн өрө көтөҕө сатаатым, арай уҥа хонноҕун анна сыгынньаҕын көрөөт, хайдах эрэ, быһахпын саныы түстүм.

Эһэ миигин баттыы сытан, эрэһиинэ курумуубун хадьыктыы сатыыр. Мин сиргэ сытан хаалбакка, түөрт атах буола сылдьабын. Тиэриллибит курумуум сототугар угулла  сылдьар быһахпын кыыныттан уҥа илиибинэн нэһиилэ ыллым уонна эһэни хонноҕун аннын диэкинэн үс төгүл астым. Кытаанах мөхсүү, сүрдээх кыланыы бөҕө буолла, онтон эмискэ баҕайы чэпчээн хааллым. Эһэм үрдүбүттэн түстэ быһыылаах, мин сиргэ сытынан кэбистим. Онтон өйдөнөн, тобуктаан турдум. Эһэм көстүбэт, саам сытар эбит. Ону ылан, ордубут түөрт ботуруону ыттым. Санаабар, эһэлэри ыраах кыйдыы сатыыбын. Эбии иитинним уонна ыппатым. Олорон эрэ уоскуйа сатаатым, төбөм ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас. Хата, илиим, атаҕым бүтүннэр быһыылаах. Тэпсибит, сыппыт сирим кыа хаан. Барыта бэйэм киэнэ эбитэ дуу, эһэ киэнэ эбиллибитэ дуу? Ону быһаарыы суох.

Дьонум мантан биэрэстэттэн эрэ ордук курдук ыраахтарын өйдөөтүм. “Чугас да эбит” диэн санааттан эрдийдим, хааман тиийдэхпинэ сатанар. Атахпар турдум, саабын хаалларбаппын, быһахпын кыыныгар уктум уонна хайысхабын быһааран, айаммын саҕалаатым. Мэйиим эргийэр, бэлэһим хатан хаалбыт, уу иһиэхпин баҕарабын. Куйахам тириитин уонна сүүһүм этин эһэ дэгиэ тыҥырахтарынан ньылбырыта уонна хайыта тыыппыта көрөр харахпын бүөлүү саба түһэ тураллар. Аны хааным сүүрэн, эмиэ харахпар киирэр. Харахпын бүөлүү түһэ турар эттэрбин хаста даҕаны быһаҕынан быһыта сотуталаан кэбиһиэхпин баҕаран баран, хааным олус барыа диэн туттуннум.

Ити курдук, хаамар-хаампат курдук бакаалаан, Сайылык Толоон тиит тумулун аттынааҕы көлүччэҕэ, хата, этэҥҥэ тиийдим. Дьонум барыгылдьыһалларын көрөн, хаһыытыы сатаатым эрээри, саҥам испиттэн тахсыбат. Ол иһин саабынан халлааны ыттым. Толя Васильев сүүрэн кэллэ, сонно тута доҕотторун үөгүлээн ыҥырда. Соһуйуу-өмүрүү бөҕө. Дьоммун булан, уоскуйдаҕым дуу, ынырыктаах ыарыы биллэн барда. Тараҕай балаҕаныттан тыраахтардарын аҕаллылар. Сонно миэстэтигэр ханнык да бэрэбээски, эмтиир дьаһаллар ылыллыбатахтара. Түргэнник балыыһаҕа тиийиэххэ наадатын бары өйдөөбүппүт. Бирисиэпкэ тиэллэн, 7 чаас устата айаннаан, киэһэ 9 чаас диэки балыыһаны булбуппут.

Олохтоох балыыһа үлэһиттэрэ Христина Павловна Иванова, Дария Прокопьевна Николаева сууйан-сотон, ыраастаан, эмтээн, систиэмэ туруоран баран, улуус киин балыыһатыгар ыытарга быһаарыналлар. Бииргэ үлэлээбит табаарыһым, эмиэ тырахтарыыс Валерий Иванов “Жигули” массыынатынан Сунтаардаатыбыт. Икки эмчити кытта оҕолорум арыаллаатылар. Суол-иис алдьанан, бадараан бөҕө. Ол үрдүнэн, Валерий уопута бэрт буолан, лигиччи тиэйиллибит кыра массыынаны олох буксуппахха, өрүс үрдүгэр турар Уустуйаҕа тиэртэ.

Хата, дьолго, Бүлүү өрүс мууһун бэҕэһээҥҥиттэн эрэ  уһуннаран, билигин даҕаны бөлөх-бөлөх муус бара турар үһү. Ону мин билии-көрүү суох. Валерий Олимпиевич Уустуйаҕа массыынатынан төттөрү-таары сүүрдэн, өрүһү туоратар киһини көрдөөтө. Ким да сөбүлэспэт, халлаан хараҥаран эрэр,  бары муустан куттаналлар. Хата, урут  экспедицияҕа үлэлээбит биир сааһырбыт нуучча киһитин булан, мотуордаах оҥочонон түүн 12 чаас саҕана  өрүһү  туораттылар.  Оҥочоҕо миигин соҕотохтуу эрэ ылбыта, нөҥүө биэрэккэ  “Суһал көмө” массыыната кэтэһэн турбут. Ол хорсун уонна үтүө санаалаах нууччаҕа  тылынан эрэ махтаммытым, туох да утары уунарым суох буолаахтаатаҕа…

Хирургическай балыыһа быраастара Жанна Эдуардовна Попова, Василий  Васильевич Саввинов ити түүнү быһа били тырыта-хайыта тыытыллыбыт сирэй, төбө тириилэрин оннуларын буллартаан тигэн, эмтээн-томтоон баран, сарсыныгар сөмөлүөтүнэн Дьокуускайга ыыппыттара.

Мин, эмтэнэн-томтонон, сып-сылааска, ип-итиигэ сытан, тугу да билбэт буолан хаалбыппын. Биирдэ өйдөммүтүм, тэлиэскэнэн үтэн иһэллэрэ. Онтум – Дьокуускай балыыһата эбит! Ыйтан ордук эмтэнэн, ол быыһыгар харах балыыһатыгар эмиэ сытан, бэс ыйын иккис аҥаарыгар дьиэбэр кэлбитим. Тэстибит уҥа хараҕым оннугар искусственнай таас хараҕы олордубуттара. Онтум наһаа ааларын иһин уонна хараҕым оннун син биир быһа симэ сылдьар буолан, таас харахпын бэйэм ылан кэбиспитим. Миигин оннооҕор табаарыстарым билбэтэхтэрэ, сирэйим, туттарым-хаптарым оннук уларыйбыт этэ.

Оттон били быһахтаабыт эһэбин уолаттар булбатахтар этэ. Ыараханнык бааһыран, ырааппатах буолуохтааҕа. Кырдьаҕас булчуттар “Эһэлэр бэйэ-бэйэлэрин харайсаллар” диир буолаллара. Онон, били куоппут үс эһэ эргиллэн, дьаһайбыт буолуохтаахтар дии саныыбын.

Николай Прокопьевич дойдутугар кэлэн, ДТ-75 тыраахтарынан үлэтин салҕаабытынан барбыта. Кини аҕата Прокопий Николаевич Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрииттэн эргиллибэтэҕэ, ийэтэ эрдэ өлбүтэ.

Онон тулаайах иитиллэн, үлэни өрө тутан, киһи бэрдэ буолбута. Кэргэнэ Татыйааналыын тоҕус оҕоломмута. Түбүктээх үлэлээх буолан, элбэх бириэмэни, күнү-дьылы эрэйэр тайах, эһэ булдугар анаан-минээн хаһан да сылдьыбатаҕа. Ол да буоллар, кинини баартаах булчутунан билинэллэрэ. Саха киһитин быһыытынан, сааскы, күһүҥҥү куска сылдьара. Аны тыаттан бэрэбинэ тиэйэригэр кэлэ-бара туһахтаан, тайаҕы, кыыл табаны туттаран,  мас кэрдээччилэри, дьонун-сэргэтин  үөрдэрэ.

Айылҕаҕа  хоромньуну оҥорботох, улахан кыылга аньыыта-харата суох Николай Прокопьевич Гуринов, эр киһи быһыытынан, хорсунун, уолуйбатаҕын, бэйэтин көмүскэнэргэ быһаарыныыны түргэнник ылыммытын түмүгэр ардай аһыыттан, дэгиэ тыҥырахтан тыыннаах хааллаҕа…

                           Николай Лазарев 1997 с. суруйуутунан  Александр Васильев-Көрдүгэн бэлэмнээтэ.

        Хаартыскаҕа: Н.П. Гуринов күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьан.  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0