Ырыаҕа ылламмыт, тойукка туойуллубут, кэрэ-нарын айылҕалаах, үлэһит, көхтөөх дьоннордоох “Хаарыан дойду — Хаатылыма” быйылгы быыбарга эмиэ түмсүүлээҕин көрдөрдө.
Бу соторутааҕыта, Мэҥэ — Хаҥалас култууратын үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн, бары нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт, улуус олохтоохторун биир санааҕа түмэр «СОМОҔОЛОҺУУ САЛАМАТЫН» баайыыга, Ким Попов баһылыктаах Хаатылыма бөһүөлэгин олохтоохторо, биллэн турар, олус көхтөөхтүк кыттыбыттара.
Онон, балаҕан ыйын 9 күнүгэр быыбарга, нэһилиэнньэтин 94, 805 % быыбардыыр учаастакка кэлэн, улууска саамай үрдүк көрдөрүүнү ситистэ. Быыбар түмүгэ көрдөрбүтүнэн, Ил Дарханы быыбардааһыҥҥа хаатылымалар 91,78 %-ра Айсен Николаевка куоластаата. Бу эмиэ үчүгэй көрдөрүү.
Хаартыскаҕа: Сергей Гаврильев быыбардыыр учаастакка бастакынан кэллэ.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru