Хаатыҥканы киэргэтэн атыылыыр кыыс

15.11.2016
Бөлөххө киир:

Эргэрбит, муодаттан, туһатыттан тахсыбыт таҥаһы-сабы үгүспүт быраҕар. Оттон айар дьоҕурдаах дьон олору ылан саҥардар, киэргэтэр. Кэбээйи улууһун Сангаарыттан төрүттээх дизайнер Айталыына Иванова хаатыҥкаҕа кыраасканан уруһуйдаан, оҕуруону тиһэн, тупсаран атыылыыр. 

—    Айталыына, хаатыҥканы киэргэтиинэн хаһыс сылгын дьарыктанаҕын?

— Хаатыҥка киэргэтиитигэр быйылгыттан ылсан эрэбин. Былырыын бэйэм хаатыҥкабын киэргэтэн кэтэ сылдьарбын дьүөгэлэрим, уулуссаҕа ааһан иһэр дьон сэргии көрөллөрө. Үгүстэрэ кинилэргэ оҥорон биэрэрбин көрдөһөллөрө. Бу иннинэ Дьокуускай олохтоохторо хаатыҥканы сэҥээрбэттэр, куорат дьоно этэрбэһи, соппуосканы ордороллор дии саныырым. Онно тута хас даҕаны сакаас киирбитэ. Дьоҕурбун өссө сайыннараары, дьонтон сакаас хомуйар сыалтан быйыл Instagram социальнай ситимҥэ бөлөх арынным. Маҥнайгы хаатыҥкабын ийэбэр бэлэхтээбитим.

— Хаатыҥкаҕын тугунан киэргэтэҕин?

— Сүрүннээн Америкаҕа оҥоһуллубут таҥаска аналлаах бөҕө кыраасканан уруһуйдуубун. Оттон оҕуруону, стразалары эбэн өссө ордук дьэрэкээн ойуулуубун. Бастаан хаатыҥкабын этэрбэс билэтигэр майгыннатан киэргэппитим.

whatsapp-image-2016-11-02-at-21-03-50

— Дизайнердыырыҥ таһынан уруһуйдуур, хоһоон айар эбиккин дии. Өссө дьоҕус бизнестааххын.

— Ийэм уруһуйдуур. Оскуолаҕа кыргыттарга куруһуок ыытара. Оҕолору таҥас тигэргэ, уруһуйдуурга үөрэтэрэ. Аҕам эмиэ уруһуйдуур уонна уһанар. Ол да иһин буолуо, оҕо эрдэхпиттэн ону-маны айан, киэргэтэн тигэрбин олус сөбүлүүбүн. Холобур, оҕо сылдьан оонньуур куукулаларбар таҥас арааһын тигэрим. Кэтэ сылдьар таҥастарбын оҕуруонан, араас киэргэли тиһэн ойуулуурум, тупсарарым. Онтон тохсус кылаастан саҕалаан араас быыстапкаларга, куонкурустарга кыттан саҕалаабытым. Эһэм, самодеятельнай артыыс, режиссер Аркадий Новиков уруһууйдурга уһуйбута. Кини идэтнэн декоратор-худуоһунньук этэ. Оскуолабын бүтэрээт, дизайнер идэтигэр туттарсан киирбитим. Дизайнер үөрэҕин бүтэрээт билигин ХИФУ Хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтугар үөрэнэбин. Литературнай үлэһит идэтин баһылыахтаахпын. Кэпсээннэрбин, хоһооннорбун мунньан кинигэ бэчээттэтиэхпин баҕарабын. Айымньыларым үксэ дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэлэр.

Дьокуускай куорат киин пааркатыгар аҕыйах аттракционнаахпын. Бу бизнескэ 2014 сыллаахха холоммутум. Бастаан эмиэ кыраттан саҕаламмыта. Барыта илии оҥоһуга этэ – дротигынан шаригы тэһии, сыал ытыыта, бааҥка охторуута. Билигин номнуо кэҥэттим.

Розита Попова, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0