«Хаарыан хампа күөх кытылым» XI тыйаатыр бэстибээлин түмүктэрэ
Кулун тутар 27 күнүгэр аан дойду үрдүнэн Тыйаатыр күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү бэлиэтии уон биирис төгүлүн ыытыллар «Хаарыан хампа күөх кытылым» тыйаатыр бэстибээлэ бэйэтин наҕараадаларын туттарда. Жюри быйылгы быһаарыыта үгүс тыйаатыр таптааччыларын соһутта, толкуйдатта. Дьиҥэр, ааспыт икки сылы сыныйан көрдөххө, киһини мунаардыбат түмүктэр тахсыбыттарын тыйаатырга сыһыаннаах дьон үгүстэрэ сөбүлэһэллэрэ чахчы.
Хамсык уонна көрөөччүгэ сыһыан
Сүрүн ыйытыы — хайдах “Бастыҥ испэктээк” номинацияҕа үс аатырбыт тыйаатырбыт туруоруулара киирбэтэ? Саха тыйаатыра, Пушкин аатынан Нуучча академическай тыйаатыра уонна Опера уонна балет тыйаатыра ааспыт сылларга хайаан даҕаны кэриэтэ бэстибээл сүрүн номинциятыгар ахтыллар этилэр. Быйыл маҥнайгытын Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра “Хара саһыл” туруоруута бу номинация сүрүн кыайыылааҕынан ааттанна. Ону таһынан, бу номинация кыайыылаахтарынан Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырын “Дьылҕа” уонна Олоҥхо тыйаатырын «Ойуун түүлэ» туруоруулара ааттаннылар.
«Хара Саһыл»
Дьиҥэр, бу номинацияҕа бастакы, иккис миэстэ диэн анаммат эрээри, туох да саарбаҕа суох, “Хара саһыл” испэктээк XI бэстибээлгэ бастыыра сабаҕаланара. Онно хас даҕаны төрүөт баар. Сергей Зверев-Кыыл Уола сурукка киллэрбит трагедията бутуурдаах, сорох чинчийээччилэр этэллэринэн, сорҕото кэнники кэмҥэ эбиллибит айымньы. Онон туруорааччы режиссерга киэҥ айар кыаҕы биэрэр кыахтаах эрээри, кырдьык, уустук айымньы. Тыйаатырга туруорууга маҥнайгы хардыыларын оҥорон эрэр (ол эрэн, киинэҕэ улахан маастарынан билиниллибит) Костас Марсаан ону толору туһанан, бэртээхэй оонньууну туруорбут. Былыргы обот уонна кырыыс туһунан үһүйээҥҥэ саҥа тыын киллэрэн, үйэлэр тухары уларыйбат дьон-аймах иҥсэтин, билиҥҥи кэм сытыы кыһалҕатын — тулалыыр эйгэ харыстабылын туһунан бэрт сатабыллаахтык туруоруутугар киллэрбит. Онон саҥа көрүү, сонун туттуу дьон болҕомтотун тардыбыта. Иккис сүүйүүлээх өттө — Николай Михеев дьикти муусуката. Саха омук ох саа – кыл, мас-хомус, айаан, хомус курдук төрүт үнүстүрүмүөннэрин туһанан, аркыастыр оонньуур муусукатын айбыта испэктээги олус сүүйүүлээхтик дириҥэтэн биэрбит.
«Дьылҕа»
Дьэ уонна испэктээк биир сүрүн сүүйүүлээх өрүтүнэн көрөөччүгэ болҕомтолоох сыһыана буолла. Хамсык хааччаҕын кэмигэр көрөөччү тыйаатырга кэлэрэ бобуллан, бары оонньуулар онлайн эрэсиимҥэ көспүттэрэ. “Онлайн эрэсиим” тугу көрдөрдө? Бастатан туран, дьиҥнээх оонньууну солбуйбата биллибитэ. Иккиһинэн, тыйаатырдар бары кэриэтэ оонньууларын видеоҕа уһуларга туспа болҕомтону уурбатахтара көстүбүтэ. Тыйаатыр аайы киинэни уһулары бэркэ билэр, сатыыр дьон бааллар эрээри, бары испэктээктэр саала биир туочукатыгар туруоруллубут камераттан уһуллубут видеороликтары ситимҥэ уган, “онлайн көрдөрүүлэри” тэрийбиттэрэ. Арай Үҥкүү тыйаатыра “Хара саһыл” испэктээги сатабыллаах видеооператор көмөтүнэн тула өттүттэн устан, тыыннаах оонньууну солбуйарга анаммыт үлэни көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыта.
«Ойуун түүлэ»
Жюри чилиэннэрэ көннөрү көрөөччүлэри кытта хамсык устатыгар биир хаачыстыбалаах испэктээктэри көрдүлэр — хамсаабат камеранан ыраахтан уһуллубут сыананы. Хамсык ааһыа эрээри, “онлайн” үлэ хаалыаҕа — бу кэм ирдэбилэ. Онон тыйаатырдар видеону кытта үлэлииргэ үөрэниэх тустаахтар.
Үҥкүү өрөгөйө
Сүрүн тыйаатырдары олоччу “матардылар” диир сыыһа. Биир сүрүн номинацияны, “Бастыҥ режиссер” аатын Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар үлэлиир Арассыыйа үтүөлээх артыыһа Екатерина Тайшина сүктэ. Кини туруорбут «Платформа. История одного вокзала» балета сонун көрүүтүнэн, чэпчэки тыынынан тыйаатыры таптааччылар сүрэхтэрин ааспыт сезоҥҥа сүүйбүтэ. Contemporary dance уонна классическай хореография силбэһиилэригэр туруоруллубут үлэ үҥкүү нөҥүө таптал өрөгөйүн туһунан кэпсээбитэ. Бу балетка үҥкүүлээбит эдэр артыыс Никита Рогов “Эрэл” номинация хаһаайына буолла.
«Платформа. История одного вокзала»
Номинация эридьиэстэрэ
Жюри үлэтин сүнньэ — тыйаатырдар бэйэлэрэ номинацияҕа таһаарбыт үлэлэриттэн уһулуччуларын сүүмэрдээһин. Сороҕор, күүстээх үлэ буоларын бэлиэтээн да туран, сөптөөх номинацияҕа киирбэтэх буоллаҕына, жюри бэйэтин баҕатынан атын сүүмэрдэнэр бөлөххө көһөрөр бырааба суох. Холобур, жюри үгүс чилиэннэрэ “Үс түүннээх кэпсэтии” биир сүрүн оруолун толорбут Вячеслав Лаверновы бэркэ хайҕаан бэлиэтээбиттэрэ эрээри, кини “Эрэл” эрэ номинацияҕа туруоруллубут этэ. 2013 сылтан тыйаатырга үлэлээбит, дьон биһирэбилин ылбыт үгүс оруоллардаах артыыһы тыйаатыра эдэр артыыстарга туттарыллар номинацияҕа туруорбута мунаардар.
«Үс түүннээх кэпсэтии»
Хата ТЮЗ артыыһа Георгий Бессонов “Костюмер” испэктээккэ оонньообут оруола сөптөөх номинациятыгар туруоруллан, “бастыҥ эр киһи оруола” номинация статуэткатын тутта. Бэриниилээх Норман уобараһын Бессонов гротеск ньыматын туһанан көрдөрбүтэ, кырдьык, сонун, итэҕэтиилээх буолан тахсыбыт, артыыс биир күүстээх оруола бэйэтин номинациятыгар туран, кыайыыны ситистэ.
«Костюмер»
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра кэнники сылларга бэйэтэ тыйаатыра суох буолан, атын сыаналарга дьукаахтаһа да сырыттар, көрөөччүнү сэҥээрдэр туруоруулардаах. Холобур, Максим Горькай эдэр эрдэҕинээҕи айымньытынан “Кэргэннии Орловтар” диэн аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит хамсык тиэмэтигэр сыһыаннаах, аныгы кэм кыһалҕатыгар чугас тыыннаах испэктээги туруорбуттара. Мария Иванова туруорбут сценографията уран толкуйдааҕа харахха быраҕыллар этэ эрээри, кырдьык, бэйэ сыаната суох туруоруллубута мэһэй буолбута көстөр этэ. Онон сценография номинациятыгар улахан соһутар түмүк суох — Михаил Егоров Олоҥхо тыйаатырыгар оҥорбут «Ойуун түүлэ» үлэтэ кыайбыта. Манна диэн эттэххэ, “Кус көҥүлэ” испэктээк сценографията эмиэ бэртээхэй этэ — маастар аата маастар буоллаҕа.
“Кэргэннии Орловтар”
Синтез ньымата сайдан иһэр
Тыйаатыр төһө даҕаны уларыйбат, уруккунан хаалар классическай ускуустуба буолбутун иһин, аныгы кэм ситиһиилэрин бэйэтин үлэтигэр туттарын ким да бопсубат. Ааспыт театральнай сезон биир бэлиэ өттүнэн, араас ньымалары биир оонньууга холбоон туһаныы буолбут. Үҥкүү тыйаатырын “Киһи” диэн этнобалета, Олоҥхо тыйаатырын «Ойуун түүлэ» туруоруута видеоэкраҥҥа көстөр ойууларынан үлэлэрин дириҥэтэн, байытан биэрбиттэр. Өксөкүлээх Өлөксөй айымньытыгар экраҥҥа көстөр хараабылга сыанаҕа турар айаннаан иһэллэрэ олус итэҕэтиилээхтик көстөр.
Михаил Шолохов айымньытынан туруоруллубут Куукула тыйаатырын “Дьылҕа” диэн ааттаах испэктээгэр дьон уонна куукулалар тэҥҥэ кэриэтэ оонньоон, дьоруой ис санаатын дириҥник арыйдылар, айымньыны атын өттүттэн көрдөрдүлэр. Соччото суох уһуллубут видеоролик даҕаны бу үлэ сүүйүүлээх өрүттэрин бэрт ырылхайдык көрдөрөр.
Түмүккэ
Олоччу кэриэтэ хамсык кэмигэр ааспыт, киһилии үлэлиир кыаҕы сарбыйбыт кэмҥэ икки тыйаатыр, киһи соһуйуох, бэрт сэргэх үлэлэри көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыт. Ол эрэн, баар таһымы үрдүнэн сайдыыны туоһулуур күүстээх үлэлэр, хомойуох иһин, мин санаабар көстүбэтилэр. Ол да буоллар, уустук да кэмҥэ тыйаатырдар үлэлэрин салҕаабыттара, өй үлэтэ кэхтибэккэ салҕаммыта дьону үөрдэр. Режиссер идэтигэр саҥа холоммут эдэрдэр элбэхтэрэ кэлэр сезоннары күүтэргэ эрэннэрэр.
Ньургуйаана Маркова
Бастыҥ испэктээк
«Хара саһыл» — Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра
«Дьылҕа» — Нерюнгритааҕы куукула тыйаатыра
«Ойуун түүлэ» — Олоҥхо тыйаатыра
Бастыҥ режиссер
Тайшина Екатерина — «Платформа. История одного вокзала» — Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатыра
Бастыҥ көстүүм худуоһунньуга
Сотникова Евдокия — «Мертвые души» испэктээк — А.С. Пушкин аатынан Нуучча академическай тыйаатыра
«Эрэл” бириэмийэ
Рогов Никита – балет солиһа, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Судаарыстыбаннай опера уонна балет тыйаатыра
Бастыҥ дьахтар оруола
Маркова Ньургуйаана— Ийэ, Айыыһыт, Илбис кыыһа «Үс күн” — Олоҥхо тыйаатыра
Бастыҥ эр киһи оруола
Бессонов Георгий — «Костюмер» испэктээккэ Норман оруолун иһин – Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра
Бастыҥ эр киһи оруола (кэтэх көстүү)
(роль второго плана)
Емельянов Александр — «Сильва» опереттаҕа Ферри оруолун иһин — Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатыра
Бастыҥ дьахтар оруола (кэтэх көстүү)
(роль второго плана)
Кондрашова Галина — «Мертвые души» испэктээккэ Коробочка оруолун иһин — А.С.Пушкин аатынан Нуучча академическай тыйаатыра
Жюри туспа бириэмийэтэ
«За новые формы в воплощении классических произведений на сцене»
Дорофеев Роман — “Үс түүннээх кэпсэтии” — Саха тыйаатырыгар уонна “Үс күн” Олоҥхо тыйаатырыгар туруорууларын иһин
Бастыҥ худуоһунньук үлэтэ
Егоров Михаил — «Ойуун түүлэ» — Олоҥхо тыйаатыра
Бастыҥ оҕо испэктээгэ
«Золотой ключик или приключения Буратино” — А.С. Пушкин аатынан Нуучча академическай тыйаатыра
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар тыйаатырдар саайтарыттан ылыннылар.