«Хаарыан хампа» онус театральнай бэстибээлгэ өрөспүүбүлүкэттэн 11 тыйаатыр кыттар. Бэстибээл бастакы күнүн СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра уонна А.С.Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатыра саҕалаабыттара.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Таал-таал» уонна «Щелкунчик и крысиный король» испэктээкиллэри көрдөрдө. Тыйаатыр бэйэтэ туспа эйгэлээх, ураты тыыннаах, көрөөччү интэриэһин тардар. Тыйаатыр дириэктэрэ Алексей Павлов тапталлаах көрөөччүлэрин көрсөн, саалаҕа атаарда. Оҕо тыйаатыра буолан, сүрүннээн оҕолор уонна тэрээһин кыттааччылара кэллилэр.
Бэстибээл бастакы күнэ бу тыйаатырынан саҕаламмыта сөптөөх дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, бу испэктээктэр кэннилэриттэн киһиэхэ сырдык, чэпчэки, үөрүүлээх иэйии киирэр.
“Щелкунчик” көрөөччүлэри остуоруйа дойдутугар киллэрдэ, оҕо сааспытыгар төнүннэрэн ылла. Артыыстар оонньуулларын көрөргө олус интэриэһинэй, таҥастара даҕаны көрөргө астык. Артыыстар көрөөччүлэри кытары биир ситимҥэ киирэн, үҥкүүнэн сэргэхсиппиттэрэ ураты көстүүнэн буолла. Оҕолор олус астынан, испэктээк бүппүтүн да кэнниттэн артыыстар хамсаныыларын хатылыылларын биир бэйэм испэктээк ситиһиитинэн аахтым. Испэктээк – туспа истииллээх, аныгы ноталардаах, көрдөөх-күлүүлээх уонна саамай сүрүнэ, көрөөччү чэпчэкитик ылынар. Оҕо – норуот кэскилэ, онон бу тыйаатыр кэлэр кэскил үүнэн-сайдан тахсарыгар улахан суолталаах.
Ольга СТЕПАНОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru cайтка анаан