Бу күннэргэ халыҥ хаар түһэн, куорат уонна тыа олохтоохторун түбүккэ түһэрдэ.
Хата, Дьокуускай куорат дьаһалтата уонна хомунаалынай сулууспа үлэһиттэрэ түргэнник дьаһайаннар, хаары ыраастааһын уонна тиэйии үлэтэ үчүгэйдик ыытылла турар. Хаары толору тиэммит улахан массыыналары, күрдьэхтээх суолу ыраастааччылары көрдөххө, бэл, субуотунньугу санатар. Үлэ күнүстэри-түүннэри ыытыллар дииллэр. Тэрээһин барыны быһаарар дииллэрэ кырдьык. Тиэргэн ыраастааччылары, суол үлэһиттэрин, суоппардары хаары ыраастаан бүтэрдэхтэринэ, кыра да буоллар бириэмийэлээн, санааларын көтөҕүөх баара.
Уонна маннык ыксаллаах араас кыһалҕаларга күүстээх-уохтаах устудьуон уолаттары кытыннарар киһи олус көмөлөөх буолуо этэ.
Ньукулай Федоров
Хаартыска: интэриниэттэн
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1