Михаил Колесов эргэ төлөпүөнүгэр суруна сылдьар хоһооннорун биир үтүө күн суруйааччылар Арассыыйатааҕы сойуустара ыытар куонкуруһугар «Стихи. Ру» сайтка ыыппыта. Ол туһунан таһыччы умна сылдьыбыта. Арай күһүн ыстаадаттан кэлэн электроннай аадырыһын арыйбыта, аата-ахсаана биллибэт сурук, сэҥээрии кэлбит этэ. 13 тыһыынча номинантан талыллан-талыллан, 10 киһи иһигэр хаалбыт этэ.
— Михаил, кыратык кэннибит диэки эргиллэн ыллахха, 2014 с. «Сыл бэйиэтэ» Национальнай литэрэтииринэй бириэмийэҕэ тиксииҥ хайдах этэй?
—Москваҕа бириэмийэни ыла барар кэм тирээн кэлбитэ. Биир дойдулаахтарым, ол иһигэр, сорох салайааччылар «албын дьыалаҕа кыбыппыттар быһыылаах ээ, Интернет сымыйа дойҕоҕо буолуо» диэн санаабын түһэрэ сылдьыбыттара. Мин дьолбор, ити бириэмэҕэ СӨ Ил Дархана Егор Борисов Эбээн Бытантай улууһугар кэлбитэ. Кинини кытары көрсүһүүгэ ала-чуо миэхэ чугаһаабытыгар кэпсээбиппэр (баҕар, үрүҥбэргэһэлээх буолан, киһи хараҕар быраҕыллыбытым буолуо) сэргээбитэ. Тута дьонугар дьаһал биэрэн, Москваҕа бириэмийэбин ыла барар кыахтаммытым. Ону сэргэ бар дьонум, улууһум дьаһалтата, норуоттар дьыалаларыгар департамент, Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ улаханнык көмөлөспүттэригэр махталым улахан. Москваҕа Бырабыыталыстыба дьиэтигэр ыытыллыбыт улахан тэрээһиҥҥэ хоһооннорбун аахпытым. Таһырдьа тыһыынчанан киһи буола турар түгэни улахан экранынан көрөн турар эбит этэ. Хоһооннорбун аахпыппар «Молодец, охотник!» диэн хаһыытаабыттара.
— Ыллыҥ да хоһоон суруйан барбатах буолуохтааххын.
— Оҕо сылдьан наһаа ыарыһах этим. Арыый да буолбут кэммэр ыстаадаҕа тугу көрбүппүн араас өҥнөөх таастарга уруһуйдуурбун сөбүлүүрүм. Уруһуйдаабыт т
аастарбын кыыраттахпына уонна тэйэ-тэйэ баралларын көрдөхпүнэ, туох эрэ дьикти иэйиилэр киирэр, бэйэм ис турукпуттан тугу эрэ ылан үөһээ дойдуга тириэрдэр курдук сананар быһыылааҕым. Эбээ-эһээ оҕото буоларбынан, кинилэр күннээҕи да кэпсээннэрэ, былыргы да үһүйээннэрэ, бэйэм да билбэппинэн, суруйар алыпка ылларарбар бэлэмнээбиттэрэ, олук уурбуттара буолуо. Ийэм-аҕам иккиэн учууталлар этэ. Аҕам Петр Колесов бэйэтэ ырыа, мелодия айар, поэма суруйар этэ. Тоҕо эрэ, оччотооҕу салайааччылар сөбүлээбэккэлэр, рукопиһын суох гыммыттара, кинигэ бэчээттэтэригэр кыһалҕалары көрсүбүтэ. Аҕам онтон муунтуйар быһыылааҕа, айбыт хоһооннорун кимиэхэ эрэ иһитиннэриэн наһаа баҕарара. Ол иһин түүн ортото миигин, биэстээх-алталаах оҕону, туруоран хоһооннорун ааҕара. Ону оҕочоос бэйэм олох сөбүлээбэт этим. Уутугар аҥаарыйа сылдьар оҕо хайа аанньа буолуомуй?
— Быйыл «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Мне снилось: я был снег…» кинигэҕэр нууччалыы хоһооннор киирбиттэр. Толкуйуҥ, өйүҥ-санааҥ эмиэ нууччалыы дуо?
— Мин бэйэм эбээммин, оттон толкуйум сахалыы. Ол эрэн, нууччалыы суруйдахпына, ордук табыллар курдук. Сахалыы тылынан эмиэ киһи кыбыстыбат хоһооннордоохпун. Эбээннии мөлтөхтүк билэбин. Маҥнайгы кылааска киирэрбэр эбээн тылын оскуолаҕа үөрэтиини тохтотон кэбиспит этилэр. Эбээннэр пааспардарыгар сахабыт диэн суруйтараллар этэ. Ыстаадаҕа кырдьаҕастар эбээн тылынан кэпсэтэллэрин истэрим уонна өйдүүрүм
— Бастакы хоһооҥҥун туохтан саҕыллан суруйбуккунуй?
— Биллэн турар, үгүс киһи тапталга уйдаран хоһоон суруйар. Биир саастыылаахтарбын, ол иһигэр миигин, милициялар хаайбыттарыттан соһуйан уонна абаран бастакы хоһооммун суруйбутум. Дууһа кыланыытыттан таҕыстаҕа
— Биир көрсүһүүгэ оҕону уон сааһыгар эрэ диэри иитиллэрин туһунан этэн тураҕын
— Оҕону төһө кыалларынан мөхпөккө, хаайбакка иитэр ордук дии саныыбын. Хоту дойду олоҕо онто да суох ыарахан, ону кини көрө-билэ сылдьар. Табаһыттар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бэйэлэрин кытары илдьэ сылдьаллар. Онно күһүн дьиэлэригэр айанныахтарыгар диэри айылҕа кэрэтин, күн-дьыл уларыйыыларын барытын эттэринэн-хааннарынан көрөн-истэн тиийэллэр. Кыра эрдэхтэриттэн булчут, табаһыт үгэстэригэр үөрэнэллэр, тымныыттан толлубат, ыарахаттары туоруур буоларга үөрэнэллэр. Ити эбээн норуотун олоҕун уратыта дии саныыбын.
— Хоту дойду хоһуун дьоно» диэн аллитерацияҕа эрэ сөп түбэһиннэрэн этиллибит кыраһыабай тыллар буолбатах буоллахтара.
— Хотум дьоно хайа да бэйэлээх күҥҥэ-дьылга, буурҕаҕа-силлиэҕэ өлөн-охтон биэрбэттэригэр бүк эрэнэбин. Ала буурҕа түстэҕинэ да, сүүрбэччэ көстөөх сиргэ тыыннаах тиийэр кыахтаахтар. Онтон дойду сир дьоно төһө да бэйэлээх аныгы, сүҥкэн тиэхиньикэлээх, сэбилэниилээх кэлбиттэрин иһин, айылҕа сокуонун, үгэстэрин билбэт буоллахтарына, араас оһолго, алдьархайга түбэһиэхтэрин сөп. Адьырҕа кыыл сүүрэн кэллэҕинэ, хайдах гыналларын да билбэттэр. Оттон хоту дойду хоһуун киһитэ кэмигэр түргэнник туттары, кэмигэр холкутук сылдьары этинэн-хаанынан билэр. Айылҕа оҕолоро буоллахтара.
— Кэргэннии олоххо саамай сүрүнэ тугуй?
— Бэйэ-бэйэҕэ убаастабыл уонна таптал. Орто дойду олоҕор таптал диэн баар, дьахтар баар буоллаҕына эрэ олох баар. Биири бэлиэтээн эттэххэ, 1980-с сылларга дьахтара суох ыстаадаларга табалара өлөн, ыстаада ыстааданан эстэр кэмнэрэ баара. Онтон дьахтар барахсан баар общиналара бигэ туруктаахтар, кинилэри солбуйар дьонноохтор.
— Хартыынаҕа ис туруккун уруһуйдаа дииллэрэ буоллар, холустаҕа тугу түһэриэҥ этэй?
— Бириэмэлээҕим буоллар, кыраасканан уруһуйдуохпун олус баҕарабын. Арааһа, норуотум олоҕун, кинилэр илдьэ кэлбит үгэстэрин. Биһиэхэ ньымаат диэн баар. Ол аата ханнык баҕарар киһиэхэ, бастакы көрсүбүт киһигэр бултаабыт булкуттан бэрсэҕин, күндүлүүгүн. Дьону үөрдэриҥ сэргэ, Байанайыҥ инникитин даҕаны бэрсэ, күндүлүү турар, булт тосхойор. Онон, эбээн норуота тыыннаах хаалбыт өйдөбүлэ – ньымаат. Элбэх үгэспит сүттэ, онон ньымаат сүппэтэҕинэ сатанар.
— Оттон улахан айымньы суруйарыҥ буоллар.
— Санаалар, былааннар элбэхтэр. Мин эһэм Михаил Петрович Колесов – Мыкаа оҕонньор былыргы олоҕуттан кэпсээннэрин, ол эбэтэр кини мындыр өйүн, булка-аска албастарын, кэскиллээх көрүүлэрин, былыргы уонна билиҥҥи олоҕу анаарыытын уо.д.а. кэпсиир айымньыны норуоппар бэлэх уунуом этэ. Эһэм төгүрүк остуолга майгынныыр көхсүлээх этэ. Кыра баҕайы эрээри, олус кыанара. Миигин эһэ баппаҕайынан аһатара. Кыра сылдьан туох эмэ буруйу оҥордохпуна, эһэм хоһугар түһэн саһар этим. Хамса тарда олорор кырдьаҕастан миигин ким да хостоон таһаарар кыаҕа суоҕун билэрим.
«Аатырбыта» буоламмын, дойдубуттан, табаларбыттан икки сыл курдук тэйэ сырыттым. Улаханнык сөбүлээбэтим. Дойдубар, тыабар төннөр санаалаахпын.
Кэргэмминээн дойду тэбэр сүрэҕэр сырыттахпытына, нуучча литэрэтииригэр кылааты киллэрбит суруйааччылары сүрүннээччи Мария Владимировна диэн дьахтар Францияҕа ыҥырбыта. Москваҕа быйыл кулун тутарга эмиэ бастыҥ бэйээттэр куонкурустарыгар ыҥырдылар. Аны сааска диэри Москваҕа кэпсээннэрим кинигэтэ бэчээттэниэхтээх.
— Кириитиктэр, литературоведтар эн айар үлэҕин хайдах сыаналаатылар?
— Улаханнык ырыта иликтэр быһыылаах. Ырыталлара буоллар, сааһыланыам этэ буоллаҕа. Порталга комментарийдар эмиэ араастар. «Куда лезешь, чукча?!» диэччилэр да бааллар.
— Сэмэйгин. Онтон филологическай наука кандидата Ольга Пашкевич эйигин чаҕылхай уобарастардаах, тылы кытта сэрэхтээхтик туттар, тыл көмүскүүр күүһүгэр итэҕэллээх, киэҥ көрүүлээх, норуотугар бэриниилээх бэйиэтинэн сыаналыыр.