Биир киһи олоҕор син уһун кэмҥэ санаа сүгэһэрэ буолан, ол кэми хайдах өйдөөбүппүнэн, баарынан кэпсииргэ сананан суруйдум. Бу түгэнтэн эрэ буолбатах, бэйэм син онно-манна түбэһэн, көстүбэт күүстэрдиин алтыһан, чахчы биһиги бу баар олохпутун көрө-истэ үөһээ, аллараа дойдулар айыыһыттара, хараҥалара кэлэр-барар кэмнээхтэрин эппинэн-хааммынан итэҕэйэн, айылҕабар сүгүрүйэбин.
Урукку кэмҥэ оскуола оҕолоро бары кэриэтэ ким пиэрмэҕэ, сайыҥҥы сынньалаҥҥа звеноҕа үлэлээн кэлбиттэрэ. Мин кырдьаҕас таайбар иитиллибит кыыс буоламмын, сайынын от үлэтэ, кыһын таһырдьа хаар күрдьүүтэ, ынах уулатыыта, мас кыстааһына, муус ылыыта, хаар уулааһына — барыта мин күннээҕи үлэбинэн буолара. Үлэҕэ баттаппытым диэбэппин, хата олох үөрэтиитин оннук ааспытым. Манна эбии, үс сыл үөрэх быыһыгар, субай сүөһүнү бостууктаан, көрөн-харайан сылдьыбыппыт. Атынан көҥүл көтүтэн, саанан бултаан, оттоон, билигин санаатахпына, дьоллоох оҕо саас ааспыт эбит.
Таайым дьоһуннаах, киэҥ көҕүстээх киһи этэ. Дойду балаһыанньатын араадьыйатын тута сылдьан истэрэ, хаһыат сонунун барытын баһыттан-атаҕар диэри миэхэ аахтаран истэрэ. Онно мин сүрэҕэлдьиирим ханна барыай, үөрэҕэ суох кырдьаҕас наһаа да муударайдык толкуйдаабыт, бу билигин киниэхэ махтанабын эрэ. Ол да буоллар, мин оҕолору кытары сылдьыахпын олус баҕарарым, ол иһин, сэттиһи бүтэрэн баран, бууннаан турдум. Биир сайыҥҥы үрүҥ түүн: «Мин оҕолору кытары звеноҕа оттуу барсабын», — диэн, өр да өр ытаатым. Таайым: «Эн кыраҕын, өссө миигин кытта бостууктаа», — диэхтиир. Ол кэмҥэ үс оҕото араас куораттарынан үрдүк үөрэххэ үөрэнэллэр этэ, онно хамнас аахса сатыыр эбит. Мин, саҥабын улаатыннара-улаатыннара, ытаа да ытаа. Сарсыарда диэки кини да сылайда быһыылаах: «Бар, бар!» — диэтэ. Оҕотук санаабар, таайым иннин ылан, олохпор бастакы кыайыым буолла дии санаабытым.
Дьэ, отчут оҕолору кытта сылдьар чиэскэ тигистим. Хантан, үлэ ыараханыгар түбэстим. От мунньааччынан ат от мунньарыгар олордон кэбистилэр.
— Лаана, атыҥ бу баар, көрөҕүн-истэҕин, эн бас билэҕин, — диэн буолла.
Күнү быһа тимир олбоххо имиллэҥнээн, кыраабылы аҥаар илиинэн көтөҕөн баттаан, киирсэбэй саппыкынан аллараа ырычааҕы үктээн, киэһэнэн олох сылайан, оҕолору кытта сэлэһэр кэлиэ дуо, утуйар аакка эрэ бараҕын. Арай ким-хайа иннинэ туран аппын көрдүүрүм, баҕам хоту хонууну-ойууру, дьэ, тэпсэрим.
Биир сарсыарда кураанах оттоох үрүйэнэн киирэн, баран истим. Көрдөхпүнэ, томтор курдук сиргэ киһи уҥуохтара көстөллөр. Уруккуттан да соҕотох сылдьа үөрүйэх буоламмын, чугаһаан көрүөх санаам киирэн кэллэ. Ол саҕана, санаабар, томтор тэллэҕэр хантайан туран көрбүт курдук саныыбын: биир киһи уҥуоҕар хараҕым хатанна, кыһыл кырааскалаах араама иһигэр кырдьаҕас эр киһи төгүрүччү көрбүт харахтаах хаартыската турар. Ээ, бу үрэх да баһыгар хаартыскалаах киһи уҥуоҕа баар эбит дуу дии санаатым. Улаханнык соһуйбатым, оннук ааһан хааллым. Кэлэн баран, олохсуйан олорор дьонтон ээр-сэмээр ыйыталастым, оннугу көрдүм диэн эттим. Дьон саҥата суох иһиттилэр: «Ээ, ити ааттаммат кырдьаҕас сытар сирэ. Эн онно мээнэ барыма», — диэтилэр. Оҕо буолан, ээ сөп диэбитинэн, ити түгэн умнуллубута.
Үөрэнэн, кэргэн тахсан атын сиргэ баран, олоҕум уларыйбыта. Ол да буоллар, хаартысканы көрбүтүм санаабыттан олох арахсыбатаҕа. Онтон, ханнык кэмтэн эбитэ буолла, хаартысканы наар бу баар курдук көрөр буолан барбытым, улааппытым кэннэ түүлбэр эҥин көстөр буолбута. Хайдах баҕайыный диэн испэр саныырым, дьиэ иһинээҕилэрбэр куруук кэпсиирим. Эмиэ кэлэн барда, туту да саҥарбат, көрөр, ол туохха буолуой диэн чугас дьоммуттан ыйыталаһан көрөрүм да, эппиэт ылбатаҕым.
Биир эмэ киһи «хомуһунун биэрээри гынара буолуо» диэччи эмиэ баара.
Чэ, ити курдук элбэх сыл аастаҕа буолуо, биир үтүө киэһэ, үлэ кэнниттэн, эмчиттэр кэлбиттэригэр көрдөрөөрү уочараттаатыбыт, мин утуктаан, быар куустан, олоппоско олордум. Ол олорон кэпсэтэбит, алтыһар чугас дьонум эҥин бааллар. Эмчиттэри кытары саха киһитэ баар, дьоҥҥо быһаарар, манан-итинэн диэн тутан көрөр эҥин. Мин ол олорон: «Бэйэҥ да билэҕин, эмчиккин быһыылаах», — диэн тыл бырахтым. Кэнники диэки сылдьар этэ, онтон кэннибэр кэлэн туран: «Баҕар (түөрт уон сэттэ сыл миэхэ харахпар, санаабар кэлэр улуу кырдьаҕас аатын ааттаата) буолуом, эмчит да буолуом — кини сиэнэ буолабын», — диэтэ. Мин олорон эрэн сууллан түһэ сыстым, элбэх сыл муунтуйбут боппуруоһум эппиэтэ тиийэн кэлбититтэн соһуйдум аҕай. Уолу соһуттум быһыылаах, тула да дьонум соһуйбуттара буолуо, мин онно эрэ наадыйбат турукка киирдим.
«Эн кимҥиний, хантан сылдьаҕын?» диэн боппуруос бөҕө куттум. Барыта сөп түбэстэ. Өссө өйбөр илдьитим киирэн кэлэн этиттэ: «Мин эйиэхэ илдьиттээхпин, эһэҥ уҥуоҕар күһүн, көмнөх сэбирдэх түһүүтэ, бара сылдьар үһүгүн», — диэтим. Уонна испэр саныыбын, түөрт уон сэттэ сыл тухары тыа саба үүммүтэ буолуо, ол иһин көстөөрү гынара буолуо, испэр сүттэ да ини диэн саныыбын.
«Илдьити эттим, дьэ төрдүлэргин кытта бэйэҥ быһаарсаар» диэннээхпин. Ол кэнниттэн кырдьаҕас хаартыската мин харахпыттан сүппүтэ. Кэлин төлөпүөнүнэн билсэ сылдьыбыппар, уол «суох бара иликпин» диэбитэ. Ол дьыл «чэ, бээ, сорукпун толордум» диэн тохтообутум.
Билигин ол уолу кэтээн көрөбүн-истэбин, сахалыы да буолбатар, син биир дьону эмтии-томтуу сылдьар. Дьэ кырдьык эбит атын ситим баара, күүстээхтэргэ бириэмэ диэн суох: син биир булан, соруктарын толортороллор.
Киһи туох эмэ дьиктини биллэҕинэ, өссө сэҥээрэн билиэн-көрүөн баҕарар эбит. Мин бу кэпсээбит түгэним санаабыттан ааһан-араҕан биэрбэтэҕэ. Дойдум дьонуттан кырдьаҕас оҕолоро кимнээх этилэрэй диэн сураспытым уонна, бэйэм кыратык билэрбинэн, иитийэх эрэ оҕолоро өтөҕөр кэлэн олоро сылдьыбыттар, төрөппүт оҕолооҕун туһунан ким да билбэт эбит этэ. Арай, балтым кыыһа, урукку дьон төрөппүт оҕолорун кытта күүс былдьаһан сойуолаһалларын иһин, төрөөтүн кытта түннүгүнэн куоттаран, атын ыалга биэрэллэрин туһунан этэр. Онтон хаалбыт оҕо сыдьаанын миэхэ буллартарбыта буолуо дэспиппит. Били илдьит тиэрдибит уолум: «Дьонум олох кистииллэр этэ, эһэм кыратык тэп гыннардаҕына улуу ойуун сиэнэбит диэн быктарара. Ол иһин билэбин, хаан уруу тардыыта оннук күүстээх», — диэн этэрэ.
Аны, ити ыйыталаһа сылдьан, биир кырдьаҕас эдьиийбиттэн сураспыппар, сайын оҕолоро, сиэннэрэ сайылыкка таҕыстахтарына, бу сыллар тухары харбаан, көннөрөн хомуйаллар эбит. Ону «убаастыырым бэрдиттэн» диэбитэ. Баран көрүөх санаам өссө күүһүрбүтэ. Аны, урут буойуллубут буолан, туох эрэ көҥүлү толорон баран тиийэр эбиппин диэн санаа хантан кэлбитэ буолла, наар оннук санаалаах сылдьар буолбутум. Ол сайын идэлээх киһини кытта Монголияҕа барсыбытым. Монголия, Бурятия айдарыылаахтарын кытта көрсүһүннэрбитэ, бэйэтэ алгыс түһэрбитэ. Үрдүк айыылартан көҥүл ылбытым.
Барытын ыйан-кэрдэн биэрбиттэрэ. Кэлээт, дойдубар тахсыбытым, биир хоноот, ас-үөл бэлэмнэнэн, күтүөппүнэн илтэрэн, тиийиэхтээх сирбэр тиийбитим.
Тиийбитим — уҥуоҕа мин уон түөрт сааспар хайдах көрбүтүм курдук турарыттан, таастаах араамата, кыһыл кырааската, кырдьаҕас сирэйэ-хараҕа олох бэйэтинэн чоҕулуччу көрөн олороруттан соһуйбутум аҕай. Тиийэн, үҥэн-сүктэн ирдэбили толорон баран, аны хаартыскаҕа түһэрээччи буоллум. Ол — мин сыыһам. Чэпчээн хаалбыт курдук буолан, дойдулаатым. Биир сыыһабынан, хаартыскабын бэчээттэтээри гынным, арай үстэ таһааран көрдүлэр — бүдүк-бадык. Дьэ, ыксаатым, мин тугу эрэ сатамматы оҥорон эрэбин диэн. Онтон ыла ыалдьан бардым: эбиэккэ диэри тилир курдукпун, эбиэттэн киэһэ сэниэм суох сытар буоллум, кыраадыһым отут аҕыска тиийэр. Нэдиэлэ буолан баран, быраастарынан сүүрдүм. Быраас барыта үчүгэйгин дииллэр. Хайдах-хайдах баҕайыный диэн, өссө да өйдөөбөппүн. Онтон кыыһым алаадьылаата: «Маама, эн сыыһаны оҥоро сылдьаҕын. Эн киһи уҥуоҕуттан хаартыскатын төлөпүөҥҥэр түһэрбиккин, көҥүлэ суох таһаартара сатаабыккын. Ол дойду дьоно эйигин буруйдууллар, кэһэтэллэр, үөрэтэллэр», — диэтэ. — Билигин айылҕаҕа тахсан, бу алаадьыны уур, уонна хаартысканы соттор», —диэтэ.
Хайдах хаартыскаттан босхолонооппун кытта, хараҕым сырдаан, сэниэ киирэн, эбиэттэн киэһэ сытыахпын баҕарарым сүтэн хаалла. Дьэ буолар да эбит.
Эһиилигэр эмиэ ол бириэмэҕэ, тоҕото биллибэт, эбиэт кэннэ хааным баттааһына үрдүүр, сэниэм эмиэ суох буолар. Син сэрэйэбин да буоллар, эмиэ көрдөрүннүм.
Эмиэ үчүгэйгин диэтилэр. Айылҕаҕа тахсан алаадьы ууран көрдөстүм — ааста, ыарыым көтөн хаалла. Үһүс сылбар, эмиэ ол бириэмэҕэ, сэниэм эстэн, сөтөл киирэн ыарыйдым. Алаадьы ууран, алҕаспын алы гыныҥ диэн көрдөстүм. Эмиэ ааста, сэниэ киирэн, бу суруйа олоробун. Айылҕа дьиктитэ, үрдүк айыылар күүстэрэ сылыттан-хонугуттан тутулуга суохтарын итэҕэйдим.
Сурукка тиһэн хаалларар бириэмэм кэллэ дии санаан, бу түбэспит түгэммин саҥата суох хаалларар кыаҕа суохпуттан суруйдум. Баҕар, бу кэпсээним салгыыта тахсан кэлиэ… Сир үрдүгэр араас сүдү күүстэр баалларын туоһутун ааҕааччыга тиэртим.
Светлана Данилова.
«Таайыллыбат дьикти күүс»
(«Айар», 2022)
кинигэттэн быһа тардыы.
Хаартыска интэриниэттэн.