Аҕыйах хонуктааҕыта биир биллэр социальнай ситимҥэ хаартыскаҕа абааһы түһүспүт диэн сонун тарҕана сылдьыбыта. Онуоха үгүс дьон итэҕэйбэтэх этэ. Кырдьык, аныгы сайдыылаах үйэ оҕолоро дьээбэлэнэннэр, төлөпүөҥҥэ баар араас муодунай сыһыарыылары туһанан кими баҕар уруһуйдаан биэриэхтэрин сөп курдук.
Ол тарҕаммыт хаартысканы киһи сыныйан көрдөҕүнэ, биир уол таһыгар кыыс күлүгүн курдук туох эрэ барыйан турар. “Фотошоп” диэхпитин, сахалыы киэргэллээх кыыс турарын курдук. Оттон, манна диэн толкуйдаатахха, көмпүүтэри баһылаабыт дьоҥҥо ол киэргэллээх кыыһы бэлэм хаартыскаҕа сыбаан биэрии дьыала аҥаара буолуо.
Сатабыллаах эмэрикээнис
Америкаҕа 19-с үйэҕэ олорон ааспыт Уильям Мамлер диэн хаартысканан үлүһүйээччи киһи сир үрдүгэр бастакынан абааһыны хаартыскаҕа түһэрбит киһинэн биллэр. 1860-с сылларга кини түһэрбит хаартыскатыгар өлбүт быраата көстүбүт. Ол даҕаны буоллар, дьыала иһэ хараҥа эбит.
Эмэрикээнистэр абааһыттан олох куттамматахтар, хата, өлбүт аймахтарбытын кытта хаартыскаҕа түһүөхпүт этэ диэннэр, Мамлерга килийиэн бөҕөтө эбиллибит. Дьон Гражданскай сэриигэ өлбүт аймахтарын кытта хаартыскаҕа түһэллэрэ муода буола сылдьыбыт. Онон бу бүрүкүтэ суох дьыалатынан Мамлер сытыйа байбыт.
Кэлин Мамлеры АХШ экс-бэрэсидьиэнин Авраам Линкольн абааһытын түһэрбитин иһин массыанньыктааһыҥҥа балыйбыттар. Исписэлиистэр Мамлер хаартыскаҕа түһэрэр малын-салын үөрэтэн көрөн баран маннык диэн быһаарбыттар. Хаартыскаҕа түһэрээччи өлбүт киһи хаартыскатын аппараатыгар уган өстүөкүлэҕэ туруоран биэрэр, онтун өссө анал уокка даҕайан сырдатан түһэрэр эбит. Урукку хаартыска уонна саҥа түһэриллэр хаартыска силбэһиилэрин түмүгэр “абааһылаах эффект” табыллар диэн буолбут.
Мамлеры сууттаабыттар, ол гынан баран буруйун ситэ сатаан дакаастаабатахтар. Онон Мамлер бу дьыалатынан салгыы дьарыктаммыт. Норуот дьыала иһэ саарбаҕын билэн, киниэхэ хаартыскаҕа түһэ кэлбэт буолбут.
Ол даҕаны буоллар, Уильям Мамлеры бастакынан абааһыны хаартыскаҕа түһэрбит киһинэн билинэллэр. Төһөтө кырдьыга-сымыйата билиҥҥэ диэри сатаан дакаастамматах. Мантан ыла сир-сир аайы абааһы хаартыскаҕа түһүспүт, биллибэт эттик хаартыскаҕа хапсыбыт диэн сурах-садьык тарҕанар буолбут.
19-с үйэҕэ наука улаханнык сайда илик буолан даҕаны буолуо, хаартыскаҕа түһэрээччилэр байар уонна аатырар суолтан араас ньыманы толкуйдуохтарын сөп. Ол иһин оччотооҕу кэмҥэ абааһы түһүспүт хаартыската диэн олус элбэх эбит. Бэл, билигин онон быыстапкалар ыытыллаллар.
Эргэ дьиэҕэ
Бу түбэлтэ 2000-с сыллар ортолоругар өрөспүүбүлүкэбит илин эҥээр баар улууһун түгэх сытар дэриэбинэтигэр буолбут. Нэһилиэккэ биир бастакынан таас дьиэ тутуллар буолан улахан сүпсүлгэн саҕаламмыт. Тутуунан дьарыктанар омуктар кэлбиттэр. Кинилэргэ көмө буола диэн тутар этэрээт оҕолорун Дьокуускайтан тэрийэн ыыппыттар. Кыра нэһилиэккэ барыйан кэлбит сүүсчэ киһини олохтуур уустуктардаах буолбут. Оскуоланан, уһуйаанынан, интэринээтинэн, успуорт саалынан, кулуубунан оҕолору тарҕаппыттар. Ол даҕаны үрдүнэн кырааска сото кэлбит кыргыттарга миэстэ тиийбэтэх. Онон олохтоох дьаһалта өтөхсүйэн турар уонна быраҕыллыбыт дьиэлэргэ кинилэри быстах кэмҥэ олорорго күһэйбит.
Тутар этэрээккэ, биллэрин курдук, устудьуоннар, ыччат үлэлиир. Онон эдэр дьон күнү быһа үлэлээн баран утуйарбытыгар эрэ син биир дьиэбитигэр кэлэбит диэн иннинэн буолбуттар. Баҕар, кинилэргэ үйэ аҥаардыыта кэм өтөхсүйэн турбут дьиэлэргэ киирэн эрэҕит диэн ким даҕаны сэрэппэтэҕэ буолуо дуу? Ону бу диэн чопчу билбэппин.
Үс кыыһы нэһилиэк кытыытыгар турар дьиэҕэ анаабыттар. Кыргыттар дьиэ быылын-буорун тэбии, сууйа түһэн баран олорон саҕалаабыттар. Син сиэр-туом диэни удумаҕалатар буоланнар, алаадьылаан муннуктарга ууран аһаппыта буолбуттар. Тутууга үлэ сарсыарда аҕыстан саҕаланар, киэһэ тоҕус диэки түмүктэнэр. Онон киэһээлик быста сылайан, кэпсэтэр да сэниэтэ суох кэлэннэр ороннорун эрэ булаллар эбит. Оннук икки ый үлэлээн, этэҥҥэ сезон түмүктэнэр кэмэ кэлбит. Кыргыттар бүтэһик күҥҥэ атын биригээдэ оҕолорун дьиэлэригэр ыҥыран чэйдэппиттэр, оонньообуттар-көрүлээбиттэр, ыллаабыттар-туойбуттар. Умнуллубат сайыннарын өйдөөн хааларга диэн хаартыскаҕа түһэргэ санаммыттар. 2000-с сылларга цифровой фотоаппарат киэник тарҕана илик кэмэ буолан, пленкалаах “Кодакка” түспүттэр.
Күһүн кыргыттар куоракка кэлэн хаартыскаларын бэчээттэтэн сыымайдыы олорон көрбүттэрэ, арай, ол дьиэҕэ түспүт хаартыскаларыгар барытыгар оҕонньордоох эмээхсин түһүспүттэр эбит! Үһүө буолан остуолга чэйдии олоророр хаартыскаларыгар төрдүс-бэһис киһинэн оҕонньор уонна эмээхсин олороллор, кинигэлээх ыскаап таһыгар түспүт хаартыскаларыгар эмиэ ол дьон тэҥҥэ тураллар эбит. Кыргыттар олус куттаммыттар, соһуйбуттар уонна ол дэриэбинэттэн сылдьар билэр устудьуоҥка кыыстарын булан хаартыскаларын көрдөрбүттэр, туох дьиэтигэр сайылаабыттарын ыйыталаспыттар.
Кэлин билбиттэрэ ол дьиэ 1950-с сыллартан өтөхсүйэн турбут эбит. Нэһилиэк биир бастыҥ тарбахха баттанар туруу үлэһит дьоно олорон ааспыттар. Хомойуох иһин, сатаан оҕоломмокко үйэлэрин моҥообуттар. Дьиэлэрин кимҥэ даҕаны хааллараллара суох буолан, оннук турбутунан эргэрбит, быстах кэмҥэ даҕаны дьон олоро сылдьыбатах. Олохтоохтор дьиктилээх хаартыскалар туһунан истэн баран, оҕонньордоох эмээхсин сайын оҕолор кэлэн дьиэлэрин сэргэхсиппиттэриттэн эбитэ дуу, сөбүлээбэтэхтэриттэн эбитэ дуу хаартыскаҕа түһүспүттэр диэн быһаарбыттар.
Түмүккэ
Хаартыскаҕа түһүспүт биллибэт эттиги, көстүүнү учуонайдар бу диэн дьүүллээн-дьаһахтаан үөрэтэ иликтэр. Чинчийии кэнниттэн биллибитинэн, үгүс өттүгэр массыанньыктааһын буолан тахсар эбит.
Бэйэбит Сахабыт сиригэр маннык түбэлтэлэр син буолуталаабыттар эбит. Киһи көрөн итэҕэйэр хаартыскаларын көрдүү сатаатыбыт даҕаны булбатыбыт. Аны, кырдьык, биир үксүн дьон аньыырҕаан даҕаны абааһы кыттыгастаах хаартысканы харайбат, тута быраҕар буоллаҕа дии.
Айтана Аммосова.
Хаартыскалар — интэриниэттэн.