Хаартан — үрүҥ эһэ!

Ааптар: 
05.04.2020
Бөлөххө киир:

Уһун өрөбүллэр кэмнэригэр үгүспүт дьиэтигэр олорон туһалааҕынан дьарыктанар: ким уруһуйдуур, ким суруйар, ким хаарынан араас оҥоһугу оҥорон таһаарар.

edersaas.ru

«Кэбээйи улууһугар  хаарынан бэртээхэй үрүҥ эһэлэри оҥорон таһаарбыттар» диэн батсаапка тарҕанна.

Биир өттүнэн, хаар туһаҕа барбыт. Иккиһинэн, туһугар, дьарык, хамсаныы. Үсүһүнэн, бэртээхэй скульптура хараҕы сымнатар буоллаҕа. Сахабыт сирин улуустарыгар тимиринэн, маһынан, ноһуомунан, кумааҕынан, мууһунан, хаарынан киһи сөҕө көрөр оҥоһуктарын оҥорон таһаарар талааннаах да дьонноохпут!

Айылҕа оҕолоро хаар оҥоһук буолан тахсыбыттара, баҕар, «Орто Дойду» зоопаарка олохтооҕо Колымаана бу күннэргэ оҕотун кытта сааскы күнү көрсүбүттэрин кытта ыкса сибээстээҕэ буолуо…

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат», edersaas.ru

Хаартыска — батсааптан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0