Хаарга ыспагааттыыр Любовь Власова

Ааптар: 
26.12.2016
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун олохтооҕо Любовь Власова кыс хаарга купальниктаах тахсан, хаарга шпагат олорбут хаартыската ааспыт өрөбүлгэ батсаабы толорон кэбистэ. Мин Любовь Власова төлөпүөнүн булан, киниэхэ анаан эрийэн, кэпсэттим.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

— Любовь Константиновна, били хааһын уруһуйдаан аатырбыт кыыс курдук, эн бу хаартыскаҕынан эмиэ аатыран эрэҕин, ээ?

— Аньыы даҕаны. Уопсайынан биллэ-көстө сатыырбын олох сөбүлээбэт киһибин. Дьүөгэлэрим хаартыскабын ыыппыттаргар соһуйдум аҕай. Саха саастаах дьахтара итинник сыгынньах түһэрэ – сиэрэ суох быһыы дии саныыбын. Хаартыскам батсаапка тарҕаммытыттан кыбыста олоробун.

— Оччоҕо тоҕо хаартыскаҕа түспүккүнүй?

— Ити хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэр учуутал түһэрбит хаартыскалара батсаапка “күүлэйдииллэр”. Дьарыктана сырыттахпына, соһуйа көрөн, түһэрбитэ хас да сыл буолла. Фотографтар группаларыгар ыытаары гыммыта да, хаачыстыбата мөлтөх диэн, өр сытыарбыта. Сотору саҥаттан түһүөхтээх этим.

— Биир группаҕа барда да, тута тарҕанара биллэр буоллаҕа дии.

— Батсаапка ким ыыппытын сэрэйэ сатыы олоробун. Дьиҥэр олох ханна биллибэт да “дэриэбинэ баабыскатабын” ээ.

— Ама, “баабыска” буоллаххыный? Эдэр баҕайыгын дии!

— 63 саастаахпын. 1988 сыллаахтан ыла 28 сыл буолла маннык дьарыктаммытым. Быраастар өлөргө “уураахтаабыт” киһилэрэбин. “Син биир тулуйуоҥ суоҕа. Өлөҕүн. Чэ, санааҕын эрэ толорон…” – дии-дии үстэ эпирээсийэлээбиттэрэ. Биэс уорганым, очоҕоһум суох. Холобура, хабахпын суон оһоҕоспуттан оҥорбуттара. Өрөспүүбүлүкэттэн итинник эппэрэсээйини биэс эрэ дьахтарга оҥорбуттара. Абытайдаах ыарыыны тулуйбутум. Ол иһин ыксаан дьарыктаммытым. Тута саҕалаабатаҕым. Сыыйа-баайа дьарыктаммытым. 7 сыл дьарыктанан баран, бэттэх кэлбитим. Биир да күнү көтүппэппин.

— Быраастар сүбэлэрин туһанаҕын дуо?

— Мин бэйэм эмчиппин — медицинскэй сиэстэрэбин. Доруобуйам туох дииринэн дьарыктанабын. Үс оҕолоохпун, сиэннэрдээхпин. Хаһаайыстыбалаахпын. Хотоммун бэйэм көрөбүн.

— Режимиҥ хайдаҕый? Хаска утуйаҕын-тураҕын?

— Киэһэ 9 ч. 30 мүн. сытабын. Сарсыарда 5 ч. турабын. Уһуктаат, сытан эрэ илиибин-атахпын «угуннарабын» — массаастанабын. Онтон таһырдьа тахсан хаарынан суунабын. Урут ойбоҥҥо уу баар эрдэҕинэ сөтүөлүүр этим. Билигин Эбэ уолан хаалан, хаарга күөлэһийэбин.

— Хас мүнүүтэ дьарыктанаҕыный?

— Түргэн. Биир-икки мүнүүтэ.

Любовь Власова: «Саха киһитэ — айылҕа оҕото. Онон хаар уонна тымныы — доруобуйаҕа туһалааҕын өйдөөн, төрүт айылҕабыт босхо эмин сатаан туһаныахха эрэ наада»,— диир.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0