Оччолорго мин биир хоту оройуон прокуратуратыгар соҕотох оперативнай үлэһит этим. Билиҥҥи курдук солбуйааччы, көмөлөһөөччү, силиэдэбэтэл штаттара көрүллүбэттэрэ. Арай кэнсэлээрийэ үлэһиттэрэ диэн бааллара. Онон бары барыллааһын силиэстийэни бэйэм бооччойон ыытарым, суукка холуобунай дьыалаларга государство аатыттан буруйдуур, оттон гражданскай (материальнай хоромньулаах, ирдэбиллээх, үлэтэ хаттаан киирэр, арахсар, оҕоҕо алимены төлөөһүн туһунан о.д.а.) дьыалаларга көрүүлэрбин этэрим.
Кыһын, тохсунньу саҥата. Өрөбүл күн күнүс дьиэбэр оҕобун кытта дьарыктана сырыттахпына, милиция дьуһуурунайа: «Военкоматтан собуоннаатылар, кимэ биллибэт киһи өлүгэ көстүбүт», — диэн төлөпүөнүнэн биллэрдэ. Аны оройуон байыаннай комиссара эрийэн, улаханнык долгуйбут куолаһынан хонтуоратыгар быһылаан тахсыбытын эттэ.
Суһаллык хомунан, военкомакка түһүннүм. Наада буолуо диэн, урут соччо туттубат бэйэм, үс батарейкалаах банаарбын ыллым. Кыһын хоту дойдуга күн бэрт кылгас кэмҥэ көстөн ааһар буолан, сүрдээх түргэнник хараҥарар. Үлэҕэ барарга-кэлэргэ сарсыарда-киэһэ банаарыктанаҕын. Ол эрээри үгүстэр банаарыгы соччо туһаммат этилэр. Хараҥарда да бөһүөлэк иһин остуолба уота, «Ильич лаампатын уота», сырдатан сөп оҥорор быһыылааҕа.
Байыаннай комиссариат дьиэтэ бөһүөлэк кытыытын диэки, Индигир өрүс үрдүнэн, милиция отделыттан өссө ыраах турара. Эргэ да буоллар, сэнэх соҕус көрүҥнээх, үрдүк кирилиэстээх мас дьиэ этэ. Тула чааһынай ыаллар дьиэлэрэ баар. Ордук элбэх дьиэ суол нөҥүө аллара, кытылы кыйа бэрээдэгэ суох тутуллубуттар, сорохтор олбуордара суох. Үгүстэрэ самнархай соҕус эргэ тутуулар.
Маҥнай милиция отделын начальнига М.С.Степановтан бастакы информацияны билэргэ соруннум. Кини маннык түгэҥҥэ кабинетыгар куруук баар буолааччы. Киирбитим, киһим үлэһиттэрин кытары кэпсэтэн, хайыы-үйэ сорудахтары биэрэ олороро, миэхэ аҕыйах тылынан военкомакка тахсыбыт быһылаан туһунан кэпсээтэ. Дьэ ол кэнниттэн иккиэн военкомакка бардыбыт.
Военкомат үлэһиттэрэ уонна милиция оперативнай сулууспата, ол иһигэр холуобунай ирдэбил инспектора В.М.Бельскэй биһигини күүтэ сылдьаллара. Оройуоннааҕы балыыһа хирура эмиэ баара. Муостаҕа кыһыҥҥы тас таҥастаах эр киһи өлүгэ сытара.
Дьуһуурунай, сирэйэ-хараҕа турбут, долгуйбута билигин да ааһа илик прапорщик, боппуруос биэрэри кэтэспэккэ, буолуохтааҕын курдук байыаннайдыы, улаханнык, лоп бааччы уонна чуолкайдык туох буолбутун быһаарда. Соҕотоҕун олордоҕуна, күнүс 12 чаас ааһыыта аан эмискэ тэлэччи аһыллыбыт да биир билбэт эдэр киһитэ атаҕын нэһиилэ соһон, улахан итирик киһи курдук байааттаҥнаан киирбит. Итиэннэ дьуһуурунай остуолугар кэлэн:
— Өлөрдүлэр, сиэтилэр! — диэт, охтон түспүт.
Манныкка эрэ түбэһиэм дии санаабатах военкомат дьуһуурунайа куттаммыт, соһуйбут. Өйүн-төйүн булунан, байыаннай комиссарыгар тілөпүөннээбит, киһитэ милицияҕа тыллыырыгар сүбэлээбит.
Өлүөхсүт, быһа холуйан, 30-ча саастаах, туох да докумуона суох, ханна олороро, туох дьарыктааҕа биллибэт эбит. Быһата, хайа-хайабыт да билбэт киһитэ буолан биэрдэ, балык собуотугар үлэлиир балыксыт буолуон сөбүн сэрэйдибит эрэ. Сүрэҕин туһунан кыра сурааһын баарын буллубут, быһах суола буолуон сөп диэтибит. Муостаҕа хаан таммахтара тохтубуттар. Боротокуолбун толоро олорон, киһини соруйан өлөрүү курдук ыарахан буруй оҥоһуллубутун биллим. Киинэҕэ көрдөххө, милиционердар ытынан ирдэтэн буруйдааҕы сүрдээх түргэнник уонна сыыспакка булаллар. Оттон миэхэ туохтаахпыный? Кумааҕылаах уруучукам уонна түүлээх холбукам эрэ.
Өссө боротокуол суруйа олордохпуна, Бельскэй сибигинэйэ былаан таһырдьа хаан таммахтарын кѳрбүттэрин эппитэ. Салгыы хайдах туох үлэлиирбитин сүбэлэһэн, хаарга тохтубут хаан таммахтарын батыһан барарга быһаарынныбыт. Иккиэн банаардаахпыт, киһим киэнэ араас өҥнѳѳх уоттаах, оттон миэнэ ыраахха диэри сырдатар.
— Тыын сиригэр, сүрэҕэр, быһаҕынан анньыллыбыт киһи төһө ѳр тыыннаах барыан сөбүй? Уонна төһө сири халбарыйыан сѳбүй? — эксперт-хируртан ыйытабыт.
— Доруобай, эдэр киһи биэс да мүнүүтэ буолуон сѳп уонна 200—300 миэтэрэни барыан сөп, — диэтэ хирург.
Иһирдьэнэн-таһырдьанан хаарга атах суолун, хаан таммахтарын көрдөөтүбүт. Банаарыгы араастаан уматан, чугаһатан, ыраатыннаран көірдөххө, хаарга туох эрэ кыракый хара көстөр курдук. Хаан таммаҕа буолуон сөп. Ити икки ардыгар хараҥаран барда, банаарыга суох кэлбит ѳттѳ сыыйа-баайа туораан, уһугар тиийэн Бельскэйбинээн иккиэйэҕин хааллыбыт.
Өлүөхсүт хантан кэлбитин быһаараары, военкомат аннынан ааһар уулуссаҕа таҕыстыбыт. Массыына бөҕө сылдьар сирэ эбит. Банаарбытынан тыктаран, тобуктаан кэриэтэ сылдьан суоллаатыбыт. Төттөрү-таары мэскэйдэнэн военкомат дьиэтиттэн сүүрбэччэ миэтэрэ кэриҥин тэйдибит. Хаан таммахтарын сүтэрдэхпит ахсын төннөн кэлэн саҥалыы суоллуубут уонна буллахпытына эрэ салгыы барабыт. Ити курдук хаста эмэтэ хатайданан син иннибит диэки түһэн, военкоматтан тэйдэр-тэйэн истибит. Хаарга таммалаабыт сап курдук сип-синньигэс хаан утаҕын батыһабыт. Туох баар болҕомтобутун барытын онно уурдубут, ньиэрбэбит күүрдэ. Бу таммахтар чопчу быһылаан буолбут сиригэр тириэрдибэтэхтэринэ даҕаны, сатаатар, өлүөхсүт кэлбит сирин сабаҕалыыр наада. Атынын күүспүт кыайарынан сордоһуохпут турдаҕа.
Дьэ бу киһи хантан, хайа дьиэттэн тахсыбытый, ким эбэтэр кимнээх икки атахтаах күн сиригэр саамай күндүтүн — олоҕун быстылар? Ити курдук санаалаах талан ылбыт идэбит тус үлэтин толоро хоту дойду хараҥаран эрэр халлаанын аннынан тохсунньу ый торулуур тымныытыгар хаары оймоон букунаһа сырыттыбыт. Сороҕор хааммыт утаҕын сүтэрэн, сэрэх хоту баран иһэн булан ылабыт. Сороҕор ончу да сүтэрэн, сыыһа хайысханы тутуһан, кураанаҕы кууһабыт. Оннук түбэлтэҕэ суолу барытын көрүтэлиибит. Хаста да муна сылдьыбыппыт даҕаны, табыллыах быатыгар, хаан таммахтара, бэ-
йэлэринэн кѳ-
мѳлѳһѳр курдук көстөн, таба хайысханы булларбыттара. Ол аайы долгуйуу, астыныы, үөрүү сэмэй иэйиитэ кууһара. Военкоматтан олох да көстүбэт туора ыллыгынан чааһынай ыал олорор эргэ, хаарбах дьиэлэрин быыһыгар киирдибит. Хас да дьиэ баарыттан хаан суола өрүһү өҥөйөн турар күүлэлээх дьиэҕэ тиэртэ. Оһох буруота халлааҥҥа көбүс-көнөтүк унаарыйар. Ити манна дьон олорорун, баарын кѳрдѳрѳр. Күүлэ аана иһиттэн хатааһыннаах. Балайда тоҥсуйбуппутун кэннэ эр киһи саҥата иһилиннэ:
— Кимий?
— Биһиги! Билбэтигит дуо? — Бельскэй хардары ыйытта.
Тохтуу түһэн баран, аан хатааһына аһыллан «халыр» гынна. Дьиэҕэ киирбиппит — хабыс-хараҥа. Арай оһох аанын хайаҕастарынан сырдык кѳстѳр. Уоту аһан, дьиэ иһин көрдүбүт. Икки киһи — ааны аспыт киһини кытары эмээхсин бааллар. Эр киһи Рыбин диэн, оройуон биир тэрилтэтигэр үлэлиир эбит, эмээхсин дьиэлээх хаһаайка уонна былыргыта аатырбыт булчут огдообото буолан биэрдэ. Сиэр быһыытынан дорооболостубут уонна ааны тоҕо тута аспатахтарын ыйыттыбыт. Көрдөххө, остуол ыраас, хомуллубут, арыгылаабыт чинчи биллибэт. Бүгүн тугу гыммыттарын, ким кэлэ сылдьыбытын ыйыппыппытыгар дьоммут тугу да билбэппит, ким да сылдьыбатаҕа дэстилэр. Онуоха хаарга тохтубут хааны суоллаан кэлбиппитин эттибит. Онон тугу эмэ билэр буоллахтарына, кырдьыгы кистиир, мэлдьэһэр бэйэлэригэр эрэ куһаҕанын сиһилии быһаардыбыт.
— Барытын билбиттэр, билиниэххэ, — диэтэ Рыбин.
— Оҥорбут киһи бэйэҥ билин, буруйгар эппиэттээ, — дии түстэ онуоха эмээхсин.
Оччону истибит дьон тута сөрөөн, хардары-таары боппуруос бөҕөтүн биэрэн, ыйытан киирэн бардыбыт. Ол тухары киһи өлбүтүн туһунан тугу да быктарбатыбыт.
Рыбин кэпсээбитинэн, бэҕэһээ киэһэттэн манна үһүө буолан арыгылаабыттар. Эр дьон мөккүһэн турбуттар. Эдэрэ баһыйарын биллэрэн, күүһүмсүйэн, Рыбины охсубут. Айдааны бүтэһиктээхтик остуолга сытар килиэп быһаҕа быһаарбыт. Рыбин быһаҕы харбаан ылаат, бараары таҥнан эрэр киһини түөскэ кибилиннэрбит. Киһитэ ойон турбут да дьиэттэн ыстанан тахсыбыт.
Дьэ, ити курдук, биир кыһыҥҥы күн буолбут киһи өлүүлээх быһылаан ир суолун итиитинэ ирдээн, буруйдааҕы тута булбуппут. Рыбин алта сылга хаайыыга барбыта.
Виталий Слепцов,
«Хаарга тохтубут хаан таммахтара» кинигэттэн ылылынна.
(«Бичик», 2014)