Хаарга түспүт сибэккилэр…

28.01.2019
Бөлөххө киир:

75 сыл анараа өттүгэр, 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр Ленинград куораты фашистар төгүрүйүүлэриттэн букатыннаахтык босхолообуттара. Оттон сэрии иннинэ,  1940 сыллаахха, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Саха сириттэн сүүмэрдэммит 34 эдэркээн кыргыттар уонна уолаттар ыраах Ленинград куоракка А.Н.Островскай аатынан театральнай институкка артыыс үөрэҕэр барар дьолломмуттара. …Ким сэрэйбитэ, тымтыктанан көрбүтэ баарай, эһиилигэр Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыа диэн?! 


Бу, саҥардыы тыллан, саҥардыы олох олорон эрэр ыччаттар, тылланан саа-саадах тутан фроҥҥа барбыт аҕыйах уолтан уратылара —  сибэкки курдук кэрэ кыргыттар, 18-тарын да туола илик сытыы-хотуу уолаттар, бука бары Ленинград блокадатыгар түбэспиттэрэ, ач­­чыктаабыттара, тымныы хаарга түспүт кэрэ сибэккилэр, тоҥмуттара-хаппыттара, өлбүттэрэ-сүппүттэрэ, эрэйи-кыһалҕаны түөстэринэн тэлбиттэрэ.  Баара-суоҕа сэттиэйэх эрэ буолан, араас моһоллору туораан, ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдуларыгар —  Сахаларын сиригэр эргиллэн кэлбиттэрэ.

Бу ыччаттар ортолоругар дьүөгэлиилэр —  Чурапчы улууһуттан Анастасия Старостина, Хаҥаластан Пелагея Борисова эмиэ бааллара.

 

Анастасия Старостина

Суруналыыс идэлээх киһи бэйэтин олоҕор бэрт үгүс киһилиин алтыһар. Ааҕан да сиппэккин. Ол иһин, сорохторун, сорудаҕы толорон  бэчээккэ сырдатаат, сонно тута умнаҕын. Оттон ардыгар, ситинник, эмиэ үлэҥ сүнньүнэн билсибит киhигин, тоҕо эрэ олох умнубаккын. Ханнык эрэ түгэннэргэ син-биир киниэхэ, кини уобараһыгар хаттаан эргиллэн кэлэ тураҕын. Ол курдук, бу биир көрсүһүү эн олоххор туох эрэ күүстээх дьа­йыылаах, суолталаах буолар. Анастасия Тихоновнаны, төһө даҕаны, ийэбинэн аймаҕым буолбутун иһин, аан бастаан хаһыакка суруйан эрэ баран үчүгэйдик билбитим.

«Ленинград оборонатын иһин», «1941-45 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин», «Кыайыы 30 сыла» мэтээллэрдээх сэрии, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Ленинград блокадатын кыттыылааҕа, бочуоттаах донор Анастасия Тихоновна Старостина-II (кини курдук ааттаах үтүөкэннээх эдьиийдээҕэ) 1924 сыллаахха Чурапчы оро­­йуонун Аччаҕар нэhилиэгэр төрөөбүтэ.

… Анастасия Ленинграды тууйа сатаабыт өстөөх уот-сэрии биһилэҕиттэн төлө туттаран, дойдутугар эргиллибит үөрүүтүн, хомо­йуох иһин,  ситэ-толору билбэтэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, 1942 сыллаахха Дьокуускайга кэлэн баран, аны Чурапчы холкуостарын, ол иhигэр кини дьонун эмиэ —  хотугу улуустарга күүс өттүнэн көһөрүүгэ ыытан­ ­эрэллэригэр түбэһэ түспүтэ. Хайыай, дьоно, бииргэ тутуһан сылдьыа­­ҕыҥ диэн  көрдөһөннөр, хоту Эдьигээҥҥэ барсар. Онно эмиэ тоҥуу-хатыы, өлүү-сүтүү, аччыктааһын, ыар ыарыыга ылларыы! Бу — кырыыс­таах сэрии эдэр кыыһы хаттаан хабыр охсуута этэ…  Көһөрүүгэ дьонун-­сэргэтин сүтэрэн, соҕотоҕун кэриэтэ тапталлаах дойдутун — Чурапчыны булбута. Хомойуох иһин, көһөрүү сыллара —  кини олоҕун бу кэрчик кэмэ биһиэхэ биллибэт.

Хотуттан кэлэн баран кини Алаҕарга, Төлөй Дириҥэр, Сылаҥҥа, Түөйэҕэ, кэлин Чурапчыга өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-оскуолаҕа история учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.  Yөрэнээччилэригэр төрөппүт оҕолорун курдук кыhаллара. Оройуонугар биир бастыҥ үлэлээх, киэҥ билиилээх, үчүгэй учуутал быһыытынан биир дойдулаахтарын махталларын ылбыта. Кини олоххо көхтөөҕө. Кэнники сылларга сэрии бэтэрээннэрин кытта үгүстүк нэһилиэнньэни, ыччаттары кытта көрсүһүүлэргэ сылдьара, сэрии, Ленинград блокадатын туhунан кэп­сиирэ. Кини эдэр дьоҥҥо  туһаайан, үөрэхтээх, киэҥ билиилээх, үтүө үлэһит дьон буолан тахсыҥ, эйэлээх олоҕу харыстааҥ диирэ.

Анастасия Тихоновна Старостина иитэн-үөрэттэрэн, киhи-хара оҥорбут кыыhа Саргылаана Николаевна Старостина билигин Дьокуускайга олорор, уоллаах-кыыс оҕолоох ыал ийэтэ, эбээтэ, ийэтин курдук педагог идэлээх. Онон, Анастасия Тихоновна туйах хатарааччылардаах —  олоҕо кыыһыгар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр салҕанар. Блокада ыар кэмнэрин туhунан Анастасия Тихоновна бэйэтэ дневник быһыытынан, халыҥ тэтэрээти  суруйан хаалларбыта кыыһыгар баар. Биир дойдулаахтара түөйэлэр көҕүлээһиннэринэн, Саргылаана Николаевна көрдөһүүтүнэн, мин бу рукопистары эрэдээксийэлээн, биир идэлээхтэрин, үөрэнээччилэрин, аймахтарын, доҕотторун ахтыыларын түмэн, кинигэ хомуйан бэлэмнээбитим 2015 сыллаахха бэчээккэ тахсыбыта.

Анастасия Старостина дневнигиттэн

Траншея хаһыыта

Ленинград обороналанар үлэтин иккис түһүмэҕинэн куораты курдуу тааҥкалары мэһэйдиир траншеяны —  ханаабаны хаһыы буолбута. Бу үлэҕэ бэс ыйын 30 күнүгэр Ленинград  үлэлиир кыахтаах олохтооҕо барыта тахсыбыта.

Гитлер: «Бастаан Ленинграды тыын тахсыбат гына төгүрүктүөхпүт уонна артиллериянан ытыалаан, куораты үлтүрүтэн, күл көмөр оноруохпут, орпутун тиэйэн ылыахпыт, ол кэннэ Нева өрүстэн хоту өттүн финнэргэ биэриэхпит», —  диэн айдаарбыта.

Гитлер чабыламмыта ­туолбатаҕа. Сэбиэскэй Аармыйа хаан тохтуулаах героическай охсуһуутунан уонна ленинградецтар көмөлөрүнэн, өстөөх бэ­­йэтэ үлтүрүтүллүбүтэ. Итинник кэмҥэ куораты тула траншеяны хаһыы саҕаламмыта. Биһиги үлэбитин Красное Село туһаа­йыытынан саҕалаабыппыт, онтон Песочная станция аттынан хаспыппыт. Салгыы Русско-Высоцкое, Большой Колпат диэн 4 дэриэбинэнэн үлэбитин түмүктээбиппит.

…Буор хаһа сылдьан, өстөөх сөмөлүөтүн уонна бэйэбит киэнин тыастарыттан эндэппэккэ билэрбит. Өстөөх сөмөлүөтэ аастар эрэ кыһыы-аба, үөхсүү буолара. Оттон биһиги зенитчиктэрбит от-мас төрдүттэн барытыттан ытыалыыр курдуктара…

Бу үлэлээн муҥнана сырыттахпытына, фашистар истребителлэрэ кэлэн, траншеябыт үрдүнэн иҥнэри-таҥнары көтө сылдьан, пулеметунан ытыалыыра. Сигнал бэрилиннэр эрэ траншеяҕа, ытыалыыр сөмөлүөт диэки өттүгэр, оттон траншеябыт чычаас буоллаҕына, тахсан аппаҕа, от-мас төрдүгэр хорҕойорбут.

От ыйын саҥата Песочная станция таһыгар фашист истребителэ намыһаҕынан көтөн иһэн, листовкалары тамнаабыта. Барытын хомуйан, умаппыппыт.

Госпиталлары, балыыһалары тугу да кэрэйбэккэ буомбалыыллара. Зажигательнай буомба чаастатык түһэрэ. Ону баһаарынай байыастар улахан сыпсынан кумахтаах, биитэр уулаах буочукаҕа уган умуруораллара. Бу ­буомбалары умуруорсубут дьонтон биһиги устуудьуйабыт усту­дьуона, билигин Дьокуускайга олорор Будищева уонна хоргуйан өлбүт оҕолорбут Гоша Чусовской, Миша Бурнашев, Миша Климентов буолаллар. Балаҕан ыйын ортотун ааһыыта туох да тыыннаах дууһа тулуйбат алдьархайдаах буомбалааһын, ытыалааһын, өлүү-сүтүү буолбута.

Ленинграды көмүскүүр сэ­­риилэрбит, көмө киирбэтин үрдүнэн, дьоруойдуу охсуһаннар, бэрим­мэккэ олорбуппут.

Хаанымсах фашистар иирбиттии атаакалаабыттара, ахсаана суох артиллериянан ытыалаан, күҥҥэ 30-40 төгүл 300-чэкэ сөмөлүөттэрэ буомбалаан, салгыҥҥа ыйанан тураллара. Куорат киһи кыайан ойуулаабат ыарахан балаһыанньаламмыта. Баар суох аспыт саппааһа — бурдуктаах ыскылааттар үлтүрүтүллэн умайбыттара. Маассабай аччыктааһын саҕаламмыта. От ыйыттан карточканан аһаабыт дьон, нуормабыт өссө кыччаабыта.

Аҕыйах грамм килиэптэн ураты туох да ас суоҕа. Арай хартыыһа уонна туус баара. Бу ­нуорма бэрт кыратык, 1942 сыл тохсунньу 24 күнүттэн эбиллибитэ. Ити биһиги героическай сэриилэрбит Ладога күөл соҕуруу өттүнэн сылдьыһыы суолун, элбэх киһи тыынын толук ууран, сэ­­риилэһэн ыланнар, уот биһилэх иһигэр олорор куоракка тыын укпуттара. Килиэп, сэрии сэбэ таһыллар суос соҕотох суол буолбута. Бу суол «Дорога жизни» —  “Олох суола” диэн ааттаммыта.

Биһиги 2-с кууруспут бырагырааматынан үөрэхпит тохтуу-тохтуу барара. Аллараа ­этээскэ саамай киэҥ аудиторияҕа, ха­­каастар, кареллар, финнэр, нууччалар, сахалар буолан олорбуппут. Уубутун уочаратынан хаһыа да буолан баһарбыт. Бу улахан хос тымныыта, уораана олус этэ.

Олунньу саҥатыттан аһара буорай­быттары ста­ционарга сытыаран барбыттара. Биһи­гиттэн 5 оҕону ылбыттара: Поля Борисованы, Ксения Гаври­льеваны, Миша Бурнашеву, Миша Ермолаевы, Миша Климентовы.

2 -3 хоноот, Таня Монастырева бараахтаабыта. Кини күһүҥҥүттэн лип сыппыта, бүүс бүтүннүү дүлүҥ курдук иһэн, кыайан эргийбэт да буолаахтаабыт этэ. Дьүөгэлэрэ Вера Павлова, Настя Ларионова түүннэри-күнүстэри аттыттан арахсыбакка ыарыы­лаабыттара. Таня 5 ый сыппыта да, билигин өлүө диэбэтэх эбиппит, наһаа соһуйбуппут, аймаммыппыт.

Онон, олунньу иккис ­аҥаарыгар 4 оҕобутун сүтэрбиппит: Таня Монастыреваны, Гоша Чусовскойу, Миша Климентовы, Миша Ермолаевы.

… Биир киэһэ институт парткомун сэкирэтээрэ Серебряков киирэн: «Институт бүттүүн Энгельс куоракка эвакуацияланар буолла. Сарсыарда барабыт. Бэлэмнэниҥ», — диэтэ.

Сарсыарда турбуппут, Мишабыт барахсан олорбутунан көһүйэн хаалбыт этэ, хараҕа эрэ хамсыыра. Сарсыарда массыынаҕа тахсарбытыгар завхоз Николай Ивановиһы Мишаны таһаарарыгар көрдөспүппүт, ону кини: «Бүппүт буолбат дуо?!» — диэбитэ. Онтон хонноҕун анныттан ылан өрө таппыта, биһиги сүһүөхтэрин хамсата сатаабыппыт —  кыратык да хамсаабат гына илиитэ-атаҕа көһүйэ охсубут этэ. Ити икки ардыгар таһыттан суоппар киирэн: «Тахса охсуҥ, массыына күүппэт», — диэтэ. Биһиги ытаһа-ытаһа кирилиэс устун нэ­­һиилэ ыттан, массыынаҕа тахсыбыппыт…

ЭВАКУАЦИЯ

Саха 8 кыыһа уот биһилэххэ олорор Ленинградтан эвакуацияланан, бириһиэн сабыылаах массыынаҕа олорон айаннаабыппыт:  Поля Борисова, Мария Будищева, Ксения Гаврильева,   Мария Захарова, Настя Ларионова,  Вера Павлова,   Настя Старостина,   Таня Ядрихинская.

Баҕар ким эмэ, тоҕо 8 диэтэҕэй, 7 буолан тахсыбыттар этэ дии, 1 дьүөгэлэрэ эмкэ хаалбыт этэ диэҕэ, дьиибэргиэҕэ. Онуоха мин эппиэттиэҕим: суох, сыыспатым, инникилэр алҕаһаабыт этилэр… Сэбиэскэй бырабыыталыстыба кыһамньытынан, төгүрүктээһиҥҥэ олорор куораттан тахсан, тыыннаах буолаары, айаҥҥа туруммуппут…

Бу киһи аймах историята билбэтэх унньуктаах уһун төгүрүктээһин 900 түүннээх-күн салҕанан, 642 000 киһи аччыктаан, ыалдьан өлбүтэ, сиэртибэ буолбута, 21 000 киһи өстөөх снарядыттан олоҕо быстыбыта.

Аны маннык хаһан даҕаны хатыламматын!

Пелагея Борисова

Ийэбитинэн киэн туттабыт

 Мин ийэм Пелагея Дмитриевна Борисова 1920 сыллаахха Орджоникидзевскай оро­йуон 1 Малдьаҕар Булгунньахтааҕар  төрөөбүтэ.

1940 сыллаахха 7 кылааhы бүтэрээт, Ленинградтааҕы театральнай институкка оҕолору ылаллар үһү, диэн сураҕы истээт, үөрэххэ туттарса барбыт. Онно быраатын Георгий Иванович Борисовы көрсүбүт, ик­­киэн устудьуон буолбуттар. Георгий Иванович режиссер үөрэҕэр киирбит эбит.

Ленинградка диэри, бастаан борохуотунан, онтон тимир суолунан балтараа ый устата айаннаан тиийбиттэр. Үөрэхтэрин олус сөбүлээн, бастакы кууруһу бүтэрэр эксээмэннэрин туттаран,  дьиэлэригэр кэлээри үөрэ-көтө  сырыттахтарына,  сэрии саҕаламмыта…

Фашистар куораты буомбалаан киирэн барбыттара. Устудьуоннары куорат тулатыгар тааҥкалары утары траншея хаһыытыгар ыыталаабыттар. “8 миэтэрэ усталаах, 4 миэтэрэ дириҥнээх траншеялары 20 чаас устата хаhар этибит”, —  диэн кэпсиирэ ийэбит.

Кааска, бириһиэн үтүлүк кэтэн, дьиэҕэ түһэр умайбыт буомбалары уһун уктаах сыпсынан ытыттаран ылан, дьааһыкка уган иһэллэрэ. Госпитальга тиийэн бааһырбыт байыастары ыарыылыыр эбиттэр. Ытыалаһыы кэмигэр бомбоубежищеҕа куотан киирэллэрэ.

Уулуссаҕа өлбүт дьону үгүстүк көрөрбүт, диирэ ийэм.

Итиэннэ, ийэм кэпсииринэн,  Настя Старостина, Настя Ларионова мэлдьи хааннарын туттараллара, донордыыллара эбитэ үһү. Элбэх байыас, үгүс киһи олоҕун быыһаабыт буолуохтаахтар.

Ол сылдьан, иккис куурустара саҕаламмыт. Буомбалааһыны  аннынан үөрэнэллэрэ. Түннүктэрин сырдык киирбэт гына таҥаһынан ыга бүрүйэллэрэ.

Бастакы кууруска курдук үөрэнэр кыах, сэниэ суоҕа. Кыһын сочуот туттарбыттар —  Гоголь, Островскай, Чехов айымньыларыттан монологтары аахпыттар.

Кыһын ортото мөлтөөн, нэһиилэ хаамар буолбуттар.

Олунньуга ийэм биир сарсыарда сатаан турбатах. Ларионова Настя, Старостина Настя чааскы тугэҕэр уулаах килиэбинэн хааһы курдук оҥорон, ытаһа-ытаһа, күүстэринэн аһаппыттар…

Онтон Таня Монастырева өлөөхтөөбүт.   Сотору буолаат, Гоша Чусовской, Миша Климентов, Миша Ермолаев сырдык тыыннара быстыбыт.  Бу уолаттар 17 саастаах буоланнар, фроҥҥа барбатахтар эбит.

Хосторун иһигэр онтон-мантан тардыһан нэһиилэ хаамаллара. Буржуйка оһох аттыгар олорон, сэрии бүттэҕинэ дойдубутугар тии­йэн тото-хана аһыахпыт диэн ыраланаллара.

— Төһө да буорайдарбыт, ­уҥуох-тирии буолларбыт, өлүүгэ ким да бэриммэт этибит. 1942 сыл кулун тутарга эвакуациялаабыттара. Ол күн бары ытаспыппыт, түүн долгуйан утуйбатахпыт, —  диэбитэ ийэм.

Ийэм кэпсииринэн, Ленинград олохтоохторун, ким тыыннаах хаалбыты, Таҥара дьиэтигэр аҕалбыттар. Онно институт преподавателлэрэ кэтэһэн олороллор эбит. Ас бөҕөнү биэрбиттэр —  соһуйан үөрүү үрдүгэ үһү. Ириис хааһы уонна маҕан килиэп аҥаара.  Хата, преподавателлэрэ, эмискэччи олус элбэҕи аһаамаҥ диэн, ааттаһа-ааттаһа, сэрэппиттэр эбит. Поеһынан айаннаан иһэн көрдөхтөрүнэ, сорох ленинградецтар эмискэ истэрэ ыалдьан, охтубуттар… Онон, ийэм учууталларыгар өргө диэри махтана саныыра.

Дойдутун Булгунньахтааҕын сайын булбута. Аҕата ат сыарҕатыгар от быраҕан, онно сытан айан­наан кэлбитэ. Ийэм олус үчүгэй майгы­лааҕа. Сэрии мэһэйдээн, артыыс идэтин ылар баҕата туолбатар да, сыанаттан түспэт дэгиттэр талаан­нааҕа. Ийэм Лениград  блокадатыттан тыыннаах ордон кэлэн, ыал буолан, 9 оҕону төрөтөн, 19 сиэннэнэн, 12 хос сиэннэнэн, дьоллоох олоҕу олорбута. Аҕабыт Андриан Тимофеевич Соловьев Чурапчы Мырылатыттан төрүттээх, Аҕа дойду сэриитин уонна Япония сэриитин кыттыылааҕа. Төрөппүттэрбит уоттаах сэ­­рииттэн тыыннаах ордон кэлбиттэригэр, кэнчээри ыччаттара, махтанабыт, кинилэр олохторун салгыыбыт.

Бу суруйуубун ийэм аччыгый кыыһа Лена Максимова истиҥ тылларынан түмүктүүрбүн көҥүллээҥ:

Мин сиппэтэх ыра санааларым

Көттүннэр кый ыраах салгыҥҥа,

Тиийиэҕэ хайаан да салгыным

кутугар.

Мин ситэ оҥорботох

Ымыы тойуктарым

Көттүннэр кый ыраах сулуска,

Син биир кэнэҕэс кэнчээрибэр

Кэлиэхтэрэ айар талааннар.

Оччоҕо иккистээн эргиллиэм

дойдубар

Ыра санаам ситимин быспакка,

Сиппэтэх санаабын дьэ толоро.

Оксана Григорьева, Дьокуускайдааҕы

2 №-дээх политехническай

оскуола технологияҕа учуутала,

СӨ үөрэҕириитин

 туйгуна, педагог-маастар.

 

  

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Сүрүн хаартыскаҕа: 1940 сыл. Ленинградтааҕы А.Н.Островскай аатынан театральнай институкка Саха сириттэн сүүмэрдэнэн үөрэнэ тиийбит I куурус устудьуоннара. Анастасиялаах Пелагея маҥнайгы кэккэҕэ уҥаттан иккис уонна төрдүс олороллор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0