Саҥа дьыл — оҕо-аймах, дьиэ кэргэн долгуйа күүтэр бырааһынньыга.
Бу кэтэһиилээх кэрэ бырааһынньыгы көрсө, ыал ахсын харыйа туруоруллар. Ону симииргэ, киэргэтэргэ дьиэ кэргэн бүттүүн кыттыһара, көмөлүүрэ үөрүүнү өссө үксэтээччи. Оттон манна бэйэ оҥорбут оонньуура ордук сонун буолан, болҕомтону тардар. Онон, оҕолоргутун кытары куруһуба нарын хаар кырыйыҥ, араас өҥнөөх фонариктары, бэртээхэй оонньуурдары, Хаарчаананы, Тымныы оҕонньору оҥоруҥ.
Саргылаах Саҥа дьылы, Саҥа сылы көрсө, биһиги ааҕааччыларбытыгар анаан, Уус Алдан улууһун Мындаабатааҕы 12-с №-дээх “Күнчээнэ” уһуйаан иитээччититтэн Ньургуйаана Портнягинаттан маастар-кылаас ыытан үөрэтэригэр көрдөстүбүт. Ньургуйаана Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы оҥорорго үөрэтэр. Көрүҥ-истиҥ, сэргээҥ, кыттыһыҥ.
Наада буолаллар: фоамиран арааһа, төгүрүк пенопластар, кыптыый арааһа, резак, акрил кырааскалар, килиэй (супер, момент), боробулуоха (эбэтэр суши сиир мас палочка), тимир илиниэйкэ, араас киэргэллэр (тесьма, страза, оҕуруо).
1.Куукулаларбытын төбөлөрүттэн саҕалаан оҥоробут. Мээчик курдук төгүрүк пенопластарбытын тутарга-хабарга табыгастаах буоларын курдук, ыстакаан үрдүгэр уурабыт. Фоамираны өтүүккэ таҕайан ититэбит. Төгүрүкпүтүн ортотугар диэри бүрүйэбит, килиэйдиибит.
2. Төгүрүкпүт маннык буолар. (Харанан өйдөнүмтүө буоларын курдук кыраскаланна). Ордуктарын кырыйан ылан иһэбит. Манна фоамираны талан, баттах оҥорон килиэйдиибит.
3. Хаарчаанабыт суһуоҕун бу ойууга көстөрүн курдук кырыйабыт, килиэйдиибит.
4. Илиилэрин-атахтарын оҥорорго боробулуохаҕа сырдык өҥнөөх фоамираны эрийэ тардан килиэйдиибит. Ол кэнниттэн илиигэ атын өҥнөөх (таҥастарын өҥүнэн) фоамираны өтүүгүнэн сылытан баран сыһыарабыт.
5.Кыра уонна ортоку пенопласт шаардары ортолорунан аҥаардыыбыт, ойууга көстөрүн курдук килиэйдиибит.
6. Атах таҥаһыгар фоамираны, киэргэллэри талабыт. Манна наада буолаллар араас быһыылаан кырыйар кыптыыйдар. Фоамиранынан өтүүккэ сылытан баран, атахтарын таҥаһын оҥорон килиэйдиибит, ордугун кырыйталаан, тупсаран иһэбит.
7. Хаарчаанабыт, Тымныы оҕонньорбут сүрүннэрин оҥоробут. Икки төгүрүгү холбуубут. Биирэ улахан, иккиһэ арыый кыра. Килиэйдиибит. Хаарчаана дьууппатыгар үс араас төгүрүк быһабыт. Дьууппата хос-хос буолар, тэрэйэр. Саҕынньаҕын кылабачыгас фоамиранынан оҥоробут. Киэргэллэрин эмиэ бэйэбит баҕабытынан талабыт.
8. Хаарчаанабыт уонна Тымныы оҕонньорбут сирэйдэрин-харахтарын акрил кыраасканан уруһуйдуубут. Сирэйдэрин тэтэрдэбит.
9. Фоамиран замшаҕа майгынныыр, сымнаҕас эрэһиинэ курдук. Итиигэ туттаххына, баҕарбыт киэпкин оҥороҕун уонна оннук туттуохха диэри ууран кэбиһэҕин. Илии сылааһынан киэби оҥоруохха эмиэ сөп. Ол гынан баран, өтүүк эбэтэр баттах фена үлэни чэпчэтэр, түргэтэтэр.
Барыгытыгар үтүөнү, кэрэни, көрдөөх-нардаах Саҥа дьылы!