Өбүгэлэрбит биэс кыһыҥҥы ыйы быһа кытаанах усулуобуйаҕа олорбут буолан, чысхаан тымныыны ыраах Хотугу Муустаах акыйаантан кэлэр Дьыл оҕуһун тыынын кытта ыкса сибээстииллэрэ.
edersaas.ru
Ол да иһин күн бүгүҥҥэ диэри саха норуота кыһын кэлиитин уонна тымныы намырыйыытын Дьыл оҕуһун кытта сибээстиир. Бу күннэргэ Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга олоҕун анаабыт, бу эйгэҕэ сонунтан сонун сүүрээни киллэрэр, “Атласовтар уһаайбалара” этнографическай туристскай комплексы төрүттээччи Василий Атласов бэрт сонун бырайыагы олоххо киллэрэн эрэр. Биһиги бүгүҥҥү кэпсэтэр тиэмэбит ол туһунан.
– Василий Николаевич, дьэ, туох уочараттаах интэриэһинэй бырайыагы толкуйдаатыҥ?
– Кэлиҥҥи сылларга туризмы сайыннарыыга Чысхаан уобараһа айыллан, Саха сирин тымныытын сирэйдиир брендинэн буолла. Бу олус бэртээхэй таба тайаныы дии саныыбын. Маныаха ааптарга, модельер-дизайнер Августина Филипповаҕа уонна бу бренди сайыннарыыга үлэлэһэр Өймөкөөн улууһун муниципалитетын салалтатыгар махталбын биллэрэбин. Биллэн турар, туризмы сайыннарыыга саҥаттан саҥа саҕаҕы толкуйдаан иһии – билиҥҥи кэм ирдэбилэ. Ол инниттэн мин Чысхааны кытта сэргэ Саха сирин тымныытын сирэйдиир өссө биир персонаһы – Дьыл Оҕуһун — Аар Мууc уобараһын айдым.
– Аар Муус Чысхаантан туох атыннааҕый?
– Чысхаан – тыал, оттон Аар Муус, аата да этэрин курдук, муус. Тымныыны кытта тыал, муус, хаар сибээстээхтэр. Тыал уобараһа – Чысхаан баар.Кыһын уобараһа – Кыһын хотун баар.
Хаар уобараһын Хаарчаананы модельер Августина Филиппованы кытта кэпсэтэн эмиэ айбыппыт. Бу көстүүмү патеннаппытым.
Оттон мууска сыһыаннаах уобарас суох эбит. Дьэ, ол иһин мин Аар Муус уобараһын айдым. “Толкуйдаатым да, олоххо киллэрдим” диэн санаа тутах. “Атласовтар уһаайбалара” этнографическай комплекстарын тутуу туристскай эбийиэк быһыытынан оҥоһуллубут сүрүн идиэйэтэ — Аар Муус дойдутун оҥорон олоххо киллэрии. Ол эбэтэр уонунан сылларга бу комплексы тутуум, бырайыагым олоххо киириитигэр бэлэмнээһин этэ. Ол инниттэн сылы эргиччи үлэлиир булууска муус оҥоһуктары оҥорбутум. Булууһум Дьыл оҕуһа моһуоннаах.
Бииртэн биир айылҕа матырыйаалыттан: хаартан, дулҕаттан, хомустан, туойтан, кумахтан араас кыылы-сүөлү, скульптуралары, сэргэни, дьиэ кыылларын оҥорбутум.
Ол оҥоһуктар туристарга, ыалдьыттарга Саха сирин айылҕата баайын, кэрэтин кэрэһилииллэр, сахалыы тыынныыллар.
– Аар Муус уобараһа айыллан бүтэн турар дуо?
– Бу уобараһы айыыга араас толкуйдаах бэйэтэ баҕалаах дьону кытыннарарга сананан, анал куонкурус биллэрдим. Ол эбэтэр тохсунньу 14 күнүттэн олунньу 24 күнүгэр диэри Аар Муус уобараһыгар эппиэттиир көстүүм эскииһин оҥорууга анал балаһыанньалаах куонкурус биллэриллэр. Түмүк кулун тутар 21 күнүгэр тахсыаҕа.
— Ол балаһыанньаны билиһиннэр дуу.
– Аар Муус хоруонатын эскииһэ. Остуоруйа персонаһа кэлэригэр-барарыгар табыгастаах гына хомуллар буолуохтаах.
Хоруона иитэ — үрүҥ көмүс солотуулаах. Аар Муус икки муостара уһуллаллар.
Хоруона ортото —— Чолбон сулус символа: 27 устуука сертификааттаах алмааһынан уонна 200 грамм үрүҥ көмүһүнэн киэргэтиллэр.
Аар Муус Торуоскатын уһуга – түөрт уһуктаах хаар кыырпахтарынан “бүрүллүбүт” сулустуу күрүҥнээх Арктика символа. Торуоска эмиэ уһуллар-кэтиллэр гына эскизтэниэхтээх.
Аар Муус саҕынньаҕа чэпчэки, тымныыны тулуйумтуо сон буолуохтаах. Сырдык халлаан күөх өҥнөөх эбэтэр муус уонна хаар өҥүн биэрэр сырдык халлаан күөхтүҥү үрүҥ өҥ. Саҕынньах хоту дойду күндү түүлээҕинэн киэргэтиллэр. Дьүкээбили сирэйдиир араас өҥнөөх оҕуруо хото туһаныллар. Аар Муус үтүлүгэ уонна этэрбэһэ – сымнаҕас сарыы.
– Дьыл оҕуһун туһунан остуоруйа-сценарий айыллара буолуо?
– Аар Муус – Дьыл оҕуһа. Остуоруйа-сценарийга модельер-дизайнер Августина Филиппова айбыт Хаарчаана, Кыһын Хотун уонна Чысхаан уобарастара эмиэ киирэллэр. Остуоруйа ис хоһооно күн-дьыл түөрт кэминэн Дьыл Оҕуһун муостарын кытта ыкса сибээстээх буолуохтаах. Онно бу күннэри кытта сибээстээһин оҥоһуллар:
Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп күн – Кыһын кэлиитэ. Аар Муус төрүүр кэмэ. Хаарынан Дьыл Оҕуһун көҕүһэ уонна төбөтө оҥоһуллар. Кыһыны көрсүү сиэрэ-туома.
Сэтинньи 8 күнэ – Дьыл Оҕуһун бастакы муоһа үүнэр. Дьыл Оҕуһун төбөтүгэр бастакы муус муос оҥоһуллар сиэрэ-туома ыытыллар. “Арктика” тиэмэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи муус оҥоһуктар күрэстэрэ саҕаланар. “Муус уонна Тоҥ балык” бырааһынньыга буолар.
Ахсынньы 21 күнэ – Аар Муус иккис мууһа үүнэр. Тымныы Полюһугар Өймөкөөҥҥө Оҕус хаар төбөтүгэр иккис муус олордуллар сиэрэ-туома оҥоһуллар. Аар Мууска хоруонатын кэтэрдиллэр. Бу бырааһынньык “Тымныы Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм чэрчитинэн ыытыллар.
Тохсунньу 31 күнэ – Аар Муус бастакы муоһа түһэр сиэрэ-туома ыытыллар. Муус оҥоһуктарга күрэс биллэриллэр.
Олунньу 24 күнэ – Аар Муус иккис муоһа түһэр сиэрэ-туома ыытыллар. Дьыл Оҕуһа Аар Муус хоруоната Тымныы уораҕайыгар Булууска киллэриллиитин сиэрэ-туома.
Муус устар 7 күнэ – Дьыл Оҕуһун төбөтө туллар. Тымныыны кытта быраһаайдаһыы сирэ-туома.
Ыам ыйын 22 күнэ – Эргэ халандаарга олоҕуран саха Саҥа Дьыла бэлиэтэнэр. Сайылыкка көһүү сирэ-туома.
– Кыайыылаах бирииһэ тугуй?
– Хоруона уонна торуоска эскиһигэр – 50 000 солк. Саҕынньах, үтүлүк, этэрбэс эскизтэригэр — 50 000 солк., остуоруйаҕа – 50 000 солк.
Куонкуруска кыттыбыт үлэлэр төннүрүллүбэттэр. Кыайыылаахтары кытта анал дуогабар түһэрсиллэр. Үлэлэри Дьокуускай к. Вилюйский тракт 6 км аадырыска тутабыт. Билсэр нүөмэрдэргит: 720-709, 89841024446; электроннай аадырыспыт: etno_usadba@mail.ru
– Дьүүллүүр сүбэҕэ кимнээх киирэллэрий?
– СӨ Предпринимательство, эргиэн уонна туризм министиэристибэтиттэн, Дьокуускай к. култуураҕа уонна духуобунаска управлениетыттан, “Атласовтар уһаайбалара” этно-комплекстан, П. Романов аатынан художественнай колледжтан, “Симэх” галереяттан, Өймөкөөн улууһуттан, “Кыталык” үҥкүү ансаамбылыттан, “Уус-Маайа землячествота” уопсастыбаннай тэрилтэттэн, муус оҥоһуктар скульптордарын ассоциациятыттан, С.А. Зверев-Кыыл Уола национальнай тыйаатыр инструменнар оркестрдарыттан биирдии бэрэстэбиитэл, философ А.И. Кривошапкин-Айыҥа киирбит үлэлэри дьүүллүөхтэрэ.
Дьэ, онон, аны Хаарчаана эһэтин Аар Муус уобараһа айылларын кэтэһэр. Күндү ааҕааччыларбыт, Норуоттар доҕордоһууларын уордьан уонна “Хоту дойдуга үтүөлэрин иһин” мэтээл кавалера, Арассыыйатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы туризм академиятын бочуоттаах академига Василий Атласов саҥа бырайыагын дьоруойун Аар Муус уобараһын айыы куонкуруһугар кыттаргытыгар ыҥырабыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.