Дьокуускайга «Волшебство кукольного мира» диэн талааннаах маастар Хаарчаана Баппаҕай быыстапката СӨ Национальнай уус-уран мусуойугар арыллыбытын туһунан СИА иһитиннэрэр.
Хас биирдии куукула хатыламмат уонна атыттарга маарыннаабат гына оҥоһуллубут. Маастар куукуланы кэтэр таҥаһыгар, ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаан оҥорор. Куукулатыгар сөп түбэһэр гына дьиэ-уот иһинээҕи тэрилин эбэн, оччугуйкаан бибилэтиэкэлээн, куукуналаан, о.д.а. хостордоон, барытын сөрү-сөп гына оҥорон таһаарбыт.
Быыстапкаҕа үлэҕинэн оҥоһуллубут, прототип уобараһын толору арыйар куукулалар туруоруллубуттар. Киһи дууһатын таарыйар ис хоһоонноохтор. Ол курдук, «Оҕону ким ытатта» (2020), «Күнчээн» уонна «Ый» (2021) диэн үлэлэрэ киһи дууһатын кылын таарыйаллар.
Маны сэргэ, сүрүн экспозицияны Надежда Федулова сиэлтэн оҥорбут «Оонньуурдара», Сардаана Иванова «Түүн» диэн үлэтэ, Ольга Рахлеева «Балаҕан ыйа» быысыбайа, Владимир Куприянов «Саха дьиэтин тэрилэ» диэн үлэлэрэ ситэрэн биэрэллэр.
Быыстапка ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 20 күнүгэр диэри Дьокуускайга, Киров уулуссатын 9 нүөмэрдээх дьиэтигэр, СӨ Национальнай уус-уран мусуойун уораҕайыгар үһүс мэндиэмэҥҥэ үлэлиир.