Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү тоҕо бытаарда?

29.03.2017
Бөлөххө киир:

Бырагыраамаҕа 2012 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри докумуоннара оҥоһуллубут эргэ дьиэлэр хабыллыбыттара. 2017 сыл кулун тутар ый туругунан, хаарбах дьиэлээх 18887 киһи саҥа дьиэнэн хааччыллыбыт. Маны олоххо киллэрэргэ барыта 22 млрд солк ороскуоттаммыт. Быйыл 3,5 тыһ. киһи саҥа дьиэҕэ малааһынныахтаах.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Сайабылыанньа ирдэнэр

Сорох улуустар дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү уочарата хайдах оҥоһулларын билбэттэр эбит. Холобурдуур буоллахха, киһи син олорор туруктаах дьиэтэ көтүрүүгэ хабыллыбыт, оттон ууга турар, иҥнэри барбыт эркиннээхтэр бырагыраамаҕа хабыллыбатахтар. СӨ тутуу уонна архитектура министиэристибэтин дьону көһөрүүгэ отделын салайааччы Михаил Костенко: «Дьиэ туругун муниципальнай тэриллии анал хамыыһыйата быһаарар, хаһаайыннартан сайабылыанньа киирбит буолуохтаах. Анал хамыыһыйа дьиэни көрөн-истэн баран, саахалланар туруктаах диэн быһаарар. Өскөтүн, дьиэ сөптөөх докумуона суох буоллаҕына, реестргэ киирбэт уонна бырагыраамаҕа хапсыбат. Бастаан утаа муниципальнай тэриллии бырагыраамата оҥоһуллан, ол салгыы өрөспүүбүлүкэ киэнигэр киирэр», – диэн эппиэттээтэ.

Бытаарыы баар

Бырагырааманы олоххо киллэрии бытаарбытын туһунан былырыыҥҥыттан кэпсэтии тахсыбыта. Маны быһаарса Москваттан РФ ОДьКХ-тын реформалааһыҥҥа пуондатын генеральнай дириэктэрэ Константин Цицин былырыын от ыйыгар кэлэ сылдьыбытын түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын хонтуруоллуурга анал оробуочай бөлөх тэриллибитэ.
СӨ тутуу уонна архитектура министиэристибэтин дьону көһөрүүгэ отделын салайааччы Михаил Костенко этэринэн, бырагыраама быйыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх эрээри, бүгүҥҥү туругунан, киинтэн ыраах сытар улуустарга тутуу матырыйаалын тиэрдии уустуктардааҕынан, бытаарыы тахсар туруктаах. Онон дьону саҥа дьиэнэн хааччыйыы ахсынньыга диэри ыытыллыаҕа. Итини таһынан, 2018 сыл олунньу, кулун тутар ыйдарга ситэрии буолуоҕа. Бу ордук хоту улуустарга сыһыаннаах. Билигин манна аһы-үөлү, уматыгы, оттугу тиэрдиигэ кэккэ ыарахаттар үөскүүр буоллахтарына, тутуу матырыйаалын туһунан этэ да барыллыбат. Итини үрдүнэн, хас биирдии муниципальнай тэриллиигэ бырагырааманы быйыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр олоххо киллэрэр кытаанах сорук турар. Тутуу матырыйаалын тиэрдиигэ абаанса харчы хойутатыллыбакка төлөнүөхтээх. Маны тустаах министиэристибэ кытаанах хонтуруолга ылан олорор.

Тимир тулааһыннаах дьиэни тутуу

 Сорох дьону тимир тулааһыннаах (каркас) дьиэҕэ, сорохтору таас дьиэҕэ көһөрөллөрүн өйдөөбөттөр бааллар эбит. Кэлиҥҥи кэмҥэ тимир тулааһыннаах дьиэлэри тутуу элбээтэ.
Мас эбэтэр тимир тулааһыннаах (каркаснай) дьиэлэри киинтэн ыраах сытар хоту улуустарга тутар барыстаах. Тоҕо диэтэххэ, хоту улуустарга бетон сыбаайалары, цемени тиэйии ороскуота быдан улахан. Ол иһин, хоту түргэнник тутар ньыманы туһанарга күһэллэллэр.
Маннык саҥа ньыманан Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр тимир тулааһыннаах хас даҕаны дьиэ тутулунна.

Тутааччы этиитэ

Иван Полушкин, «Стройкон» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ:
Саҥа тутуллубут дьиэлэр хаачыстыбалара мөлтөх, турбалара тоҕо бараллар дииллэр. Манна биири өйдүөххө наада. Уу тоҕо барыыта турба хайдаҕыттан тутулуга суох. Тымныы сүрүн оруолу оонньуур. Тымныыга турба синньиир уонна алдьанар. Биһиги Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр хас даҕаны саҥа дьиэни туттубут.
Манна дьиэни көрүү-истии туруга мөлтөх. Икки саҥа дьиэҕэ кыбартыыра ылбыттар билигин да кыайан көспөккө сылдьаллар. Бу дьиэни коммунальнай өттүнэн көрүү-истии мөлтөҕүн туоһулуур.
Тимир каркааһынан туппут дьиэбит үйэтэ 35 сыл гарантиялаах. Маныаха биһиги туһанар каркаастарбыт собуокка оҥоһуллар буоланнар, хаачыстыбалара үчүгэй.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0