Хаарбах дьиэни көтүрэн, 36 саҥа дьиэ тутулунна

Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, сарсыарда 8 чааска Ил Дархан Айсен Николаев “Тэтим” араадьыйаҕа тахсан, дьон ыйытыытыгар хоруйдаата. Олус киэҥ ис хоһоонноох, истиҥ кэпсэтии буолла.

Салгыы хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсэттилэр.

— Саха сирэ хаарбах дьиэлэрэ элбэҕинэн Арассыыйаҕа бастакы миэстэлээх. Бу өттүгэр күүскэ үлэлээн, 2012 сылга диэри хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэри барыларын көтүрэн, олохтоохторун көһөртөөтүбүт. Билигин 2017 сылга диэри билиниллибит дьиэлэри көтүрэргэ үлэ бара турар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1 мөлүйүөн 170 тыһыынча кв.м. иэннээх олорор дьиэ көтүрүллүөхтээх. Бу Арассыыйа хаарбах дьиэлэрин 16 %-нын ылар. Онуоха 110 миллиард солкуобай наада. Ол иһин биһиэхэ болҕомтолорун уураллар, кэлэн көрөллөр, бэрэбиэркэлииллэр.

Бу бачча элбэх үбү булар ыарахана биллэр. Үгүс чааһа (86 миллиард солкуобай) федеральнай бүддьүөттэн, сороҕо өрөспүүбүлүкэттэн барыахтаах. Ол үрдүнэн, быйыл, былырыын бырагыраама хаамыыта туолан иһэр, кыраапыктан хаалыы суох. Жатай бөһүөлэгэр бүтэһик эргэ дьиэни көтүрэн, биир да хаарбах дьиэтэ суох нэһилиэнньэлээх пуун быһыытынан дойду үрдүнэн билиннэ.

Быйыл «Хаарбах дьиэлэри көһөрүү» бырагырааманан куораттарга уонна 14 улууска 36 элбэх кыбартыыралаах дьиэ саҥа тутуллан киириэҕэ. Эһиил өссө кэҥэтиэхпит. Барыта 62 тыһыынча киһи бу бырагырааманан хабыллан, саҥа дьиэҕэ көһүөхтээх. Бу — улахан үлэ.

Билигин саамай ыарахан өттүгэр – хоту улуустарга үлэ саҕаланна. Сэбиэскэй кэмтэн ыла тутуу барбатах. Аны матырыйаалы тиэрдии, сыана өттүнэн ыарахаттардаах. Оннук уустук балаһыанньаны, ыарахаттары быһаарар сорук турар, — диэн өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Айсен Николаев быһааран биэрдэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0