17 кыбаартал иҥнэччи-хаҥначчы түспүт самнархай мас дьиэлэриттэн күн бүгүҥҥэ диэри көһө илик ыал үгүс. Сорохтор үтүө күн үүнэрин кэтэһэ сатаан баран үйэлэрин моҥоон, кырдьаҕас өттө олохтон туораата, кинилэр оҕолоро да сааһырдылар. Бачча сайдыылаах аныгы үйэҕэ кинилэр сууммут ууларын, тобохторун таһырдьа таһааран тиэргэн ортотугар тоҕоллор, уопсастыбаннай туалеттар ааннара тоҕута тэбиллэн, сатаан сабыллыбат буолбуттара ыраатта.
Саахалланар кутталлаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын федеральнай киинтэн ОДьКХ ситимин саҥардыы пуондатын судаарыстыбаннай корпорацията уонна өрөспүүбүлүкэ хааһыната кыра өлүүтүн кыттыгас үбүлүүллэр.
Хаарбах дьиэттэн дьону «Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн көһөрөллөр. Бу национальнай бырайыак иһинэн үс эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир: «Дьиэ-уот”, “Табыгастаах куорат эйгэтин тэрийии”, “Дьон олороругар сөбө суох дьиэ ахсаанын аҕыйатыы». Оттон «Ипотека» диэн төрдүс түһүмэххэ, биллэрин курдук, Уһук Илин эдэр ыалларга бырыһыан ыстаапката 2% диэри түстэ.
Саамай элбэх дьиэ биһиэхэ тутуллар
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2021 сылга – 752 тыһыынча м2, 2024 сылга – 960 тыһыынча м2 дьиэ тутуллуохтаах. Тэҥнээн көрдөххө, 2017 сыллаахха – 634 тыһыынча м2, 2018 сыллаахха 531 тыһыынча м2 дьиэ-уот тутуллубута. Уһук Илин эрэгийиэннэрин кытта тэҥнээтэххэ, дьиэ тутуутугар Саха сирэ бастакы миэстэни ылар. Саамай элбэх дьиэ биһиэхэ тутуллар уонна өссө да кэлэр биэс сылга тутуллуохтаах.
Ыаллар хаарбах дьиэлэрин сыанатын идэтийбит анал тэрилтэҕэ сыаналатыахтаахтар. Өскөтүн саҥа дьиэ сыаната эргэ дьиэ сыанатыттан үрдүк буолар түгэнигэр, сыана араастаһыытын ким төлүүрүн-төлөөбөтүн олохтоох дьаһалта бэйэтэ быһаарар. Холобур, тыа сиригэр бырагыраама бастакы түһүмэҕэр ким да эбии харчы төлөөбөтөҕө.
Эргэрбит-эмэҕирбит дьиэ көтүрүллүбүтүн кэннэ дьаһалта саҥа дьиэ булан биэрбэтэҕинэ, олохтоохтор толуйуу харчытын ылар бырааптаахтар. Ол төлөбүргэ саахалланар туруктаах кыбартыыра ырыынакка олохтоммут сыаната, оҥоһуллубатах хапытаалынай өрөмүөн харчыта, хаһаайынтан дьиэ былдьаммыт ночоото барыта киирэр. Хаарбах кыбартыыра сыанатын баайы-дуолу сыаналыыр тэрилтэ быһаарар.
Икки саҥа дьиэ бэриллибэт
СӨ Тутуутун министиэристибэтин иһинэн тэриллибит Дьиэ-уот тутуутун дириэксийэтигэр этэллэринэн, саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөргө саҥа дьиэнэн хааччыйыы, эбэтэр суох буолбуту толуйар харчыны биэрии туһунан сөбүлэһии дьиэни бас билээччини эрэ кытта оҥоһуллар. Онон биир хаарбах кыбартыыраттан көһөргө икки саҥа дьиэ хайдах да бэриллибэт.
Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын быһыытынан, атын куоракка дьиэнэн хааччыйбаттар. Дьиэ ханна көтүрүлүннэ, ол нэһилиэккэ саҥа дьиэ бэриллэр. Ол эрэн, хаһаайын дьиэнэн буолбакка, харчынан ыллаҕына, дойду хайа баҕарар муннугар дьиэ атыылаһар бырааптаах.
Оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ олорбуппут
Олохтон холобур ылан көрдөххө, Сарыал Егоров ийэтигэр бэриллибит муниципальнай дьиэҕэ Свердлов уулуссатын 18/1 аадырыһыгар баар 53 м2 иэннээх 3 хостоох кыбартыыраҕа 1982 с. көһөн киирбиттэрэ. 1990-с сылларга дьиэни өрөмүөннээн, аныгы олох сиэринэн толору хааччыллыылаах оҥорбуттара, оһоҕун көтүрэн, киин ититиигэ холбообуттара.
Онтон 2000 сылларга дьиэ аллараа түһэн, муостатын анныгар уу киирэн, улаханнык тымныйан барбыта, кыһын канализация хам тоҥор буолбута, ол иһин саахалланар туруктааҕынан билиммиттэрэ. Хаарбах дьиэ диэн ким да өрө тарда, оҥоро сатаабат этэ.
Эбии харчы төлөөбөтүбүт
«Уочараппытын наһаа өр күүппэтэхпит, сорох ыаллар үйэлэрин тухары хаарбах дьиэҕэ олороллор. Биһиэхэ Дьокуускай куорат Дьиэҕэ-уокка департаменыттан эрийбиттэрэ уонна сөбүлэһэр буоллахпытына, олохтоохтору Лермонтов уулуссаҕа тутуллубут саҥа дьиэҕэ көһөрөллөрүн туһунан эппиттэрэ.
Ордер ийэм аатыгар сурулла сылдьара, онтон кини олохтон туораабытын кэннэ ол быраабын миэхэ көһөрбүттэрэ. Эргэ дьиэни көтүрбүттэрин кэнниттэн Лермонтов уулуссатын 26/1 тутуллубут саҥа дьиэҕэ эмиэ оччо 55 м2 иэннээх 3 хостоох кыбартыыра биэрбиттэрэ. Саҥа дьиэбитигэр 2019 сыл сэтинньитигэр көспүппүт, күлүүспүтүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга куорат баһылыга Сардаана Авксентьева туттарбыта.
Бэйэбит биир да солкуобайы эбии төлөөбөтүбүт. Өскөтүн улахан иэннээх 3 хостоох кыбартыыра биэрбиттэрэ буоллар, биллэн турар, сыана араастаһыытын төлүөм этэ. 55 м2 иэннээх кыбартыыра үс киһилээх дьиэ кэргэҥҥэ сөп түбэһэр, биһиги биир оҕолоохпут. Урут быраатым биһигини кытта бииргэ олорбута, онтон кэтэх дьиэ туттан көспүтэ. Билигин сокуон быһыытынан, биир дьиэҕэ хас да ыал олордун, барыларыгар кыбартыыра биэрбэттэр», — диэн кэпсиир кини.
Өрөмүөннэммит бэлэм дьиэҕэ көстүбүт
Егоровтар өрөмүөннэммит, обуойдаммыт, хоско ааннара барыта туруоруллубут сылаас дьиэҕэ суумкалаах малларын, миэбэллэрин эрэ илдьэ кэлбиттэр. Оттон ипотеканан ылбыт дьон бетон эркиннээх кураанах кыбартыыраҕа киирэн, барытын бэйэлэрэ оҥостоллор.
Бу дьиэҕэ хаарбах дьиэттэн көһөөччүлэр эрэ буолбакка, умайбыт дьиэттэн көспүт ыаллар эмиэ бааллар. Саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрөр бырагыраама иккис түһүмэҕэр хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан үп-харчы көрүллэн, элбэх ыалга туһалаан эрэр.
“Дьокуускай намыһах инчэҕэй сиргэ турар буолан, иккилии этээстээх мас дьиэлэр эргэрдэхтэринэ, аллараа түһэллэр, сорох дьиэлэргэ түннүктэрэ киһи тобугунан. Оннооҕор, Ленин болуоссатыгар баар өтөрдөөҕүтэ тутуллубут “сталинскай” диэн ааттыыр дьиэлэрэ эмиэ түһэн эрэллэр.
Онно холоотоххо, Алдан, Мииринэй, Ленскэй диэки мас дьиэлэр туруктара үчүгэй эрээри, үгүстэрин көтүрэн, олохтоохтору саҥа дьиэнэн хааччыйаллар. Куорат 17 кыбаарталын курдук иҥнэччи-хаҥначчы барбыт самнархай дьиэлэри, дьиҥэр, бастаан көтүрүөх баара”, — диэн санаатын үллэстэр Сарыал Николаевич.
Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр
Санкт Петербург историческай киинигэр турар эргэ дьиэҕэ олохтоохтор түүн утуйа сыттахтарына, дьиэ үрдүн сыбаҕа сиҥнэн, дьиэлээхтэр кыл мүччү ойон турбуттар, дьолго ким да эмсэҕэлээбэтэх. Арассыыйа үрдүнэн маннык түгэннэр тахсаллара иһиллэр. Онон биһиги куораппытыгар ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбатын туһугар, Салайар хампаанньа ааспыт үйэҕэ тутуллубут дьиэлэри кэмиттэн кэмигэр чинчийэ, кэтээн көрө сылдьара ордук этэ. Этэргэ дылы, таҥара сэрэҕи сөбүлүүр.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru