Ааспыт өрөбүлгэ Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар хаар түһэн, бурдук хаһаайыстыбаларыгар улахан хоромньуну таһаарда.
edersaas.ru.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн туорахтаах култуура 9 тыһ. 860 гектарга ыһыллыбытыттан балаҕан ыйын 10 күнүнээҕи туругунан, 949 гектар бурдуга, ол эбэтэр 9,6 %-а быһылынна. Балаҕан ыйын 9 күнэ үүнэр түүнүгэр түспүт инчэҕэй хаар 4 тыһ. 663 гектар иэннээх бурдук бааһынатын хапта. Амма улууһа Покровка, Болугур уонна Эмис бааһыналарыгар холбоон 3 тыһ. 653 гектар ыһыылааҕыттан 3 тыһ. 400 гектара 10 см халыҥнаах хаарга былдьанна. Инньэ гынан, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Ион Кононов иһитиннэрбитинэн, улууска ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэрилиннэ. Санатан эттэххэ, ардах мэһэйдээн, «Амматааҕы» кэпэрэтиип хомууру саҥа саҕалаан испит эбит. Хоромньуну ааҕар хамыыһыйа тэриллэн, бэҕэһээҥҥиттэн бааһыналары кэрийэн көрө сылдьар. Ол түмүгүнэн докумуон оҥорон, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр түһэриэхтээх. Хаһаайыстыбалар сир төһө куурарынан, бурдугу быһарга быһаарыннылар. Хаартан, ардахтан охтубут куолаһы хомуйуохха сөп эрээри, үүнүү толору кээмэйинэн ылыллыбата чуолкай. Билигин ардах тохтоото.
Мэҥэ Хаҥаласка 200 гектар эбиэс хаарга былдьанна. Улуус барыта 1 тыһ. 334 гектар ыһыылаах. Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимигэр бэлэмнээх буолуу биллэриллэн, хамыыһыйа тэриллэн, бааһыналары көрүү-истии саҕаланна. Атын улуустарга хаар билиҥҥитэ биллибэт, ардах Чурапчыга, Тааттаҕа уонна Уус Алдаҥҥа түспүт. Чурапчыга уһун ардахтан сылтаан «Мындаҕаайы» кэпэрэтиип 98 гектар бааһынатын бурдуга сыппыт, онон тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Анна Захарова этэринэн, оттуу хомуллар буолбут. Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарын хаһаайыстыбалара бурдуктарын быһа сылдьаллар. Бу туһунан министиэристибэҕэ ыытыллыбыт силиэктэринэн сүбэ мунньахха этилиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Афанасий Семенов бу күннэргэ Амма, Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас улуустарыгар хомуур үлэтин билсэ тахсыаҕа.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru.