Былыр кырыыһа хаптаһын эрдэҕинэ, ыал барыта хаар түһэрэн кэллэҕэ. Мин кэммэр хаптаһын кырыыһалаахтар син бааллар этэ. Сайдыы хаамыытынан, үгүс ыал шиферинэн бүрүммүт кэмнэрэ да буоллар. Биир кырдьаҕас эдьиийим кыһыны быһа үлэһэн, биир мааны сааскы өрөбүл күҥҥэ болдьоһон, биир аллар атаспын кытта хаар түһэрэ бардыбыт.
Тиийээппитин кытта эдьиийбит барахсан, чэйдиигит дуо диэн аны чэйдиир буоллубут. Дьиэлээх бэйэтэ хам-түм да буоллар, кыратык сып гынарын сөбүлүүр чүөчэ. Остуол ортотугар биир иһити туруоран кэбистэ. Биһиги үөрэн айахпыт хам буолбат. Атаһым барахсан иһити көрдө да, иһэ да илигиттэн эппэт кэлэҕэй буолан хаалааччы. Үс киһи өр гымматыбыт, түгэҕин начаас көрдүбүт уонна таһырдьа тахсаары туран эдьиийбитин маҕаһыыҥҥа ыыттыбыт. Эн кэлиэххэр диэри аҥаар өттүн хаарын түһэрэн бүтэриэхпит эҥин дэстибит. Аны быһа айгыстан үөһэ тахсыах буолбуппут, кирилиэспит хас үйэтинээҕи эбитэ буолла, аҥаар уһун маһа уонна үктэллэрэ эмэҕирэн, тосту бара сылдьар буолбуттар. Инньэ гынан кыайан үөһэ тахсыбакка бытакаайдана сырыттахпытына, эдьиийбит тиийэн кэллэ. “Хайа, үөһэ тахсыбакка да сылдьаҕыт дуо” диэн соһуйаахтаата. Биһиги кыһалҕабытын кэпсээтибит. Эдьиийбит, “чэ-чэ киирэн чэйдиэххэйиҥ” диэтэ. Киирэн эттээх миин иһэ-иһэ «тэп» гыннарабыт. Кэпсээммитинэн кырыыһа хаарын түһэрэн бүтэрбиппит быданнаата.
Эдьиийбит элэстэнэн сүр буолбут. Ыалларыттан кирилиэс уларсан соһон иһэр эбит. Биһиги сүүрэн тиийэн көмөлөһөөрү кирилиэһиттэн тардыалаабыппытыгар, эдьиийгит билигин да үчүгэй эҥин дэтэлиир. Дьэ сыһан-соһон кирилиэспитин өрө астыбыт уонна аҥаар өттүн антыанаҕа өйөннөрөн кэбистибит. Киһим тугу эрэ тардыалатан саҥаран эрдэҕинэ, мин быһа түһэн, чэ эн бастаа диэн дьаһайан кэбистим. Киһим саҥата суох үөһэ ыттан барда, арай өйдөөн көрбүтүм, антыанабыт истиэнэттэн тэйэн эрэр эбит.
Санаабар антыананы өйөөн көрдүм да миэхэ бэриммэтэ. Киһим тугу эрэ саҥаран тардыалата-тардыалата, антыананы кууспутунан барса турда. Мин нэһиилэ туораан, тэйэн биэрээппин кытта, ыалларын хоспоҕун шиферэ өрө умайыктана түстэ. Киһибин антыана кэдэрис гынна да ыраах элээрдэн кэбистэ. Атаһым көтөн иһэн тугу эрэ эмиэ саҥара сатаан, тардыалаппытынан тиийэн уонча миэтэрэ тэйиччи тоҥуу хаарга батары түһэн көстүбэт буолан хаалла. Оо дьэ маат-муут бөҕөтө буоллубут. Тыаһы истэн хоспохтоох ыалбыт эҥин кэллэ. Киһим хата тугун да өлөрбөтөх, хаары бүрүнэн тиийэн кэлээхтээтэ. Дьэ быһаарсыы кэннэ аны хоспоҕу кырыыһалыыр буоллубут, ону тэҥэ антыана туруорар буоллубут. Миэхэ тобох шифер баар эҥин дэһии буолла.
Атаһым, табыллыбатыбыт, сарсын эҥин кэлиэхпит дэтэлээбитин, эдьиийбит олох быһаты саҥарталаан, хаарбытын түһэрэр буоллубут. Киһим олох куттанан үөһэ тахсыан баҕарбат буолан хаалбыт. Чэ эн быаны тутаар, мин түһэриэм диэн уоскутан, киһибин эмиэ бастакы ытыннардым. Дьэ үөһэ тахсан бастакы күрдьэх хаары түһэрэн, үлэбит саҕаланна. Киһим холуочуйан кырыыһа төбөтүгэр олорон эрэ киһиттэн ордон, миигин күлүү гынан ыллыыр эҥин. Кэлэҕэйдээбэккэ бэркэ ыллыыр. Киһибэр быаны курданарыгар бэйэм баайбыт буолан, эрэх-турах сылдьабын. Сороҕор быатын ыытан тардан испэт, эттэххэ биирдэ тардар ыытар. Ол буолан кырыыһабыт биир өттүн аҥаардаттыбыт. Олорон табахтаатыбыт. Антыанабыт ханна бараахтыай, хоспоҕу туора миинэн сытаахтыыр. Киһибин сыҕарыйан биэр диэн баран, бэйэм сыҕарыйан иһэн, киһибин көрбөккө эрээри, быабын күүскэ соҕус, ыыта түс диэн баран, тартыа-аам, арай киһим лүһүгүр-лаһыгыр тыаһаата да мин аттыбынан сирилэтэн ааста. Киһим сирэйин элэс көрөн аһардым. Сирэйин моһуона көнөн хаалбыт. Миигин хата, сиирэ-халты харбыалаан ааста. Мин эмиэ аллараа сайыһан барсар буоллум диэн санаа элэс гынан ааста. Хата турба биир өттүнэн баран турбаҕа быабыт иҥнэн, онон өрүһүннүм.
Син балайда өр эдьиийбитин хаһыытаан ыҥырдыбыт. Эдьиийбит тахсан хаһыы-ыһыы бөҕөтө буолаахтаата, тиийэн кирилиэһи тардыалаан көрөөхтөөтө да, киһим охтуу кэннэ тоһоҕолоон кэбиспит эбит. Эдьиийбит хоспохтоох ыалыгар көмө аҕала сүүрдэ. Тоһоҕо туурардаах кэллин диэн хаһыытаан хааллыбыт. Мин көлөттөн, киһим ыйанан, оннук балайда кэтэстибит. Киһим истиэнэттэн тэбинэн, киһини хаста да хаһыытата сырытта. Турбабыт сыыйыллан кэлээри куттаталаата. Эдьиийбит барахсан ыалын батыһыннаран аҕалаахтаата да тоһоҕо туурара суох кэлбит эбит. Аны киһибит төннөр буолла. Гарааспар баар, күлүүһэ дьиэбэр эҥин диэн тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу төттөрү барда. Эдьиийбит холуочугар тэптэрэн ыйанан турар атаспын тылынан ыыстыыр. Тыал хантан үрэрин билгэлээн, тэйбэҥнии тураҕын дуу эҥин диэн күллэртээтэ. Быам испэр быһа киирдэ эҥин дэтэлиир.
Дьэ кэтэстэххэ уһуна, өрө. Арааһата, уонча мүнүүтэ буолла быһыылаах. Ыалбыт аҕылаан-мэҥилээн дьэ кэллэ. Кирилиэһинэн тахсан иһэн тоһоҕо туурарын мүччү тутан төттөрү түһэн ылла. Тоһоҕобут уон иккилээх. Балайда өсөһөн баран сыыллан кэллэ. Аны быыһааччыбыт өйө бааллан, кирилиэһи мин диэки сыҕарыта охсубут. Кирилиэһин төттөрү көһөрөн, киһибин дьэ быыһаата. Мин турбаттан тутуһан олоробун. Ол олордохпуна турбам сыылынна да турбабын кууспутунан аны мин аллараа бардым. Хата аллараа баран иһэн, ситэ көһө илик кирилиэстэн аҥаар илиибинэн тутуһан өрүһүннүм.
“Ээ чэ, олох сатамматыбыт, киирэн уоскуйан чэйдээҥ” диэн эдьиийбит ыҥырда. Киһим олох кэлэҕэйдээбэккэ саҥарар буолбут эбит. Хайа аанньа буолуой, син балайда салгыҥҥа ыйанан турбут киһи. Итирбит да киһи өйдөнөр балаһыанньатыгар киирэн таҕыстаҕа. Эдьиийбит кутаттыы олорон, бүгүн олох хайаан да бүтэрэҕит диэн кытаанах-кытаанахтык этитэлээтэ. Биһиги сөпсөһөн тоҥхоҥноһобут эрэ. Эмиэ биир иһити бүтэрэн баран хомунан таҕыстыбыт. Аны мин хаары түһэриэм диэн, хаары түһэрэрдии хамнанан көрдөрдө. Эмиэ тардыалатар буолбут эбит. Киһим миигиттэн быдан эттээх-сииннээх, быаттан тутуһан аллараа түһэн иһэн, аны киһим эмэҕирэн бэйэтэ да нэһиилэ сытар хаптаһыны дьөлө үктээн, атаҕа кыбыллан хаалла. Аллар атаһым аҥаар атаҕын сулбу тардан ылаары эккирээбитигэр, кырыыһабыт ис тутулуктара уйбакка, кырыыһабыт ааҥар өттө иҥнэс гынан хаалла да, киһим бэйэтэ да сүрэҕэ бааһырбыт киһи, өлөр хаһыытын кыланаат, курданарыгар диэри батары түһэн хаалла. Мин «оо» эрэ диэн саҥа аллайан хааллым. Киһим эмиэ кэлэҕэйдээбэккэ саҥарар буолан хаалаахтаата. Дьэ бу сырыыга ким да көмөтө суох бэйэтэ босхолонно.
Аны кырыыһа көтүрэн кырыыһа эмиэ оҥорор буоллубут. Дьэ ол буолан, хаарбытын түһэрэн бүтэрэн, турбабытын оннун булларан, кырыыһатын алдьаппытын эппэккэ дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Эдьиийим кэлэрин кэтэһэн, туох диирбин сааһылана сыттахпына, тиийэн кэллэ. Мин саҥата суох олоппоһу ыйабын. Саҥата суох миигин көрөн олорон баран тахсан истэҕинэ, “өйдөөтүм, оҥоруом, эдьиий” диэтим эрэ.
Сарсыҥҥытыгар дэриэбинэ туолбут. Ок, хаар түһэрээччилэр эҥин дэһэн күлсэр буолбуттар этэ. Биир толору саас үлэлиир үлэлэммиккит эҥин дэһэллэр. Дьэ оннук хаар түһэрэн турардаахпыт.
«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан
Анатолий ГАБЫШЕВ-УРУТ.
Хаартыска youtube.com саайтан.