Хаар оҕус болҕомто киининэн буолла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө дьон-сэргэ хаар, муус оҥоһуктары нэһилиэктэригэр, тэрилтэлэрин, дьиэлэрин иннигэр, оҕо оонньуур былаһааккаларыгар оҥорор.  

Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин светооператора Уйусхан Степанов салайааччылаах кэлэктиип эр дьоно Саҥа дьылы көрсө, Ытык Күөлгэ, сыл бэлиэтин — Оҕуһу хаарынан оҥордулар. Хаар оҕус 4 миэтэрэ уһуннаах, 2,5 миэтэрэ үрдүктээх, 1,5 миэтэрэ кэтиттээх, сүүнэ буолан таҕыста.

«Сылаас тыыннаах хаар оҕус дьаҥы-дьаһаҕы кыйдыа. Кэлэр сылбыт элбэх үөрүүнү аҕалыа» диэн норуот айымньытын дьиэтин кэлэктиибэ санаатын тиэрдэр. Оттон дьон-сэргэ хаар оҥоһугу көрөн сөҕөр, хайгыыр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0