“ Чуумпурбут муораҕа мунньустан,
Хоптолор кылбаҥныы дайдылар.
Мин санаам, сүрэҕим тардыста
Төрөөбүт ийэ-буор дойдубар…
Онно хаар кыыдамныы көттөҕө,
Күөллэргэ күдэрик түстэҕэ…” —
— Леонид Попов. Төһөлөөх саха дьоно, устудьуона соҕуруу сылдьан, сатыыр буол, сатаабат буол, уйадыйа, харах уулана бу ырыаны ыллаабыта буолуой? Хаар биһиэхэ, Бүөтүр Тобуруокаптыы эттэххэ, биһиэнэ, саха киэнэ. Хас хоһооҥҥо холонооччу саха, бэйээппин дэнээччи, ырыа ыллааччы хаары хоһуйбатаҕа, хаар туһунан ыллаабатаҕа суох буолуо. Хаар сахаҕа уонунан араас ааттаах. Ол өйгө баарынан уонна кулгаах истиитигэр. Ону барытын худуоһунньук, фотограф Иннокентий Петрович ПОПОВ, бу саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт “Хаар, хаар. Хаартыскалар” диэн кинигэтигэр, бу баар, диэн уу хараххынан көрөргөр, ытыска ууран биэрэр.
Күһүҥҥү хаары, хаһыҥтан саҕалаан, саас күлүк сиргэ кирийэн хаалбыт чигдигэ, сааскы хаар-ардахха, сайыҥҥы тобурахха тиийэ Иннокентий Петрович уста сатаабыт. Ааптар анал суругар альбом кинигэтин оҕолорго аадырыстыыр. Ол сөп: туох барыта оҕо саастан саҕаланар. Ол гынан баран, аныгы саха бу кинигэттэн тус бэйэтигэр саҥаны, билбэтэҕин элбэҕи булара, арыйара буолуо дии санаатым.
Томороон тымныы кыһыннаах саха, эбээн дьонугар, хамныыр харамайбытыгар, үүнэр үүнээйибитигэр барытыгар да хаар үрүҥ тыыммытын өрүһүйэр сылаас дьиэбит буолар. Аны булдунан айахтарын ииттинэн олорбут биһиги өбүгэлэрбит булт соноругар хаара суох хайдах сатаныахтар этэй! Хоту сир олохтооҕо олоҕун укулаатын айылҕаны, ол иһигэр хаары кытта биир ситимҥэ салайынара. Холобур, Ааллаах Үүн сүнньүн тутуһааччылар сыарҕа хаара түстэ да айаҥҥа туруналлара, оччоҕуна эрэ саас суол алдьаныыта дойдуларын булаллара. Эбэтэр өрүс туруута көлөнөн айан суола аһыллар, өрүс эһиннэ да — уу аалынан айан саҕаланар.
Кырыа хаар түннүккэ түһэрбит оһуоруттан, сааскы ыраас күн хаар эҥин эгэлгэ күлүм чаҕыл тырымыттан, чопчу чоп-чоп таммаҕыттан, көмүрүө хаар анныттан быкпыт ньуолах ньургуһунтан төһөлөөх сырдык, ыраас, сылаас иэйии хас киһи дууһатыгар тиллибитэ, тыллыбыта буолуой! Бу барыта, (бу эрэ буолуо дуо?!) маннааҕар үтүмэн үгүс Иннокентий Петрович кинигэтигэр баар.
Ааптар тыһыынчанан хаартыскаттан сиидэлээн, хаары көрүҥнэринэн наардаан, син биир «Алай күннээх Алаҕар алаастара» диэн фотоальбомугар курдук, саха үгэс буолбут олоҕун кытта ситимнээн, кээмэйинэн ортоку (11,11 бэч.л., 152с.), меловка кумааҕыга хаачыстыбалаахтык, аныгы технологиянан бэчээттэммит , быһаарыы суруктаабытын түмүгэр баай ис хоһоонноох дьоһун альбом- кинигэни норуотугар бэлэх уунна.
Альбом дьоҕус соҕуһа ордук курдук: илдьэ сылдьарга табыгастаах. Бэчээттэнэн тахсыбыт ахсаана кэмчи— 300 эксэмпилээр. Ол эмиэ куһаҕана суох: аныгы үйэҕэ хайа баҕарар көннөрөн, ситэрэн, байытан баран эбии бэчээттэтиэххэ сөп. Холобура, мин бу альбом- кинигэ иккис тахсыытыгар хаар туһунан айыллыбыт бастыҥ хоһооннортон, ырыалартан таҥыллыбыт аудиокассеталаах буолуон баҕарыам этэ. Өссө иккис баҕа санаа: тиэкиһэ, сатаатар сүрүн өйдөбүллэрэ нуучча, английскай, дьоппуон (Японияҕа хаарга аналлаах музей баара биллэр) тылларынан тылбаастаахтара буоллар, киэҥ эйгэҕэ тахсыыта, кэрэхсэбили ылыыта ордук кыайыылаах буолуо этэ.
Хаары хоһуйбут хоһоонньуттар Хаар Хаар ааптарыгар махталлаах эрэ буолуохтара: бары кэрэхсиир хаардарын дьоҥҥо- сэргэҕэ араас өттүттэн сырдаттахтара, ситэрсэн биэрдэхтэрэ.
Өйдүүбүн медицина учуонайа, быраас Петр Маркович Желобцов ис иһиттэн сырдаан, иэйэн куойан, ааптарыгар сүгүрүйэн туран, Бүөтүр Тобуруокап Хаар диэн бэйиэмэтин өйүттэн ааҕарын:
“Хаар! Эн сырдыккын ырааскын
Мин сүрэҕим ылыахтын,
Эн бараммат ырыаҕын
Мин дууһам ыллыахтын!”.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан Наталья ПОПОВА.