Хаар эһэлэр куораты киэргэттилэр

06.12.2018
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаабыта бэлиэ. Харыйалар араас уотунан күлүмүрдүү умайдылар. Аны хаар, муус оҥоһуктар дэлэйэн эрэллэр. Ол биир туоһутунан, куорат килбэйэр киинигэр хаартан үрүҥ эһэлэр оҥоһуллубуттар. Бу туһунан Дьокуускай куорат уопсастыбаннаһы уонна иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай сириэстибэлэри кытары сибээстээх үлэлиир Департаментан биллэрдилэр. 


Дьокуускай куорат дьаһалтатын иннигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр үрүҥ эһэлэрбит:  Ломоносовпыт, Халымаанабыт уонна Хаарчаанабыт  хаартан оҥоһулуннулар диэн үөрүүлэрин иһитиннэрэллэр. Бу бэртээхэй скульптураны Саввиновтар дьиэ кэргэн чочуйан таһаарбыттар. Аҕа уолунаан тымныыны аахсыбакка, дьон-сэргэ саамай кэтэһэр бырааһынньыгар анаан хас да күн устата үлэлээбиттэр.

Худуоһунньук-скульптор көмөлөһөөччүтэ Айаал Саввинов бу хаар үрүҥ эһэлэр дьиҥнээх эһэлэри кытары тэҥ улаханнаахтарын бэлиэтээбит. «Саха сирин дьоно үрүҥ эһэлэри наһаа таптаабыппыт уонна кинилэр хайдах-туох сылдьалларын барытын билигин да бары кэтээн көрө-билэ олоробут. Ол иһин маннык оҥорор санаа өссө былырыын үөскээбитэ. Хаартан скульптураларбытын аҕыс күн оҥордубут. Аҕам Олег Саввинов профессиональнай худуоһунньук уонна маннык үлэҕэ улахан үөрүйэхтээх буолан ыарахаттары көрсүбэтибит. Оҥоһуктарбытын тыыннаах эһэлэр саҕалар», — диэбит.

Хаартан үрүҥ эһэлэри дьон-сэргэ олус сэҥээрбит, сөбүлээбит. Хаартыскаҕа түһүүлэр саҕаламмыттар. Онон, арааһа, өйдүү-саныы сылдьарга элбэх киһи альбомугар сыһыарара буолуо.

Дьокуускай куорат уопсастыбаннаһы уонна иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай сириэстибэлэри кытары сибээстээх үлэлиир Департамент маастардар үлэлэригэр, арт-эбийиэктэргэ дьону-сэргэни, оҕону-урууну харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар ыҥырар. Саҥа дьыллааҕы хаар скульптуралар аны сааска тиийэ барыбытын үөрдэ, харахпытын сымната, дууһабытын сылаанньыта турдуннар дииллэр.  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0