Хаар баабырдар тыаттан субу киирбит курдуктар!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы, Саҥа дьыл аптаах бырааһынньыга чугаһыыр.

Социальнай ситимнэргэ киһи сүргэтин көтөҕөр хаар, муус оҥоһук туһунан хаартыска элбээн эрэр. Ону көрө-көрө дьон сатабылыттан сөҕөҕүн эрэ.

Амматааҕы ОДьКХ хонтуоратын аттыгар хаартан оҥоһуллубут баабыры көрөн баран: «Дьэ, оҥорор да буолаллар эбит!» диэн сөҕөҕүн.

Ол курдук, бу баабыр ааптара Апполлон Захаров сыл аайы хаар оҥоһуктары оҥорон биир дойдулаахтарын үөрдэр эбит. Бу туһунан улуустааҕы  «Амма олоҕо» хаһыат суруйар.

Оттон кэрэ аҥардар хаартан дьикти оҥоһуктары айан таһаарыылара эмиэ сонун көстүү. «Эркээйи» хаһыат инстаграмыгар Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо Татьяна Потапова Саҥа дьыл чугаһаатаҕына сиэннэрин үөрдээри сыл бэлиэтин оҥорорун туһунан билиһиннэрдэ.

Ыал ийэтэ кэргэнинээн Валерий Николаевичтыын уонтан тахса сыл устатыгар сыл бэлиэлэрин оҥорон кэллилэр.

Хаарынан оҥоһуллубут баабырдар олох субу тыаттан тахсан кэлбит курдуктар!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: «Амма олоҕо» уонна «Эркээйи» хаһыаттар инстаграмнарыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0