Хаандыга маҕаһыыннарыгар киһи санаата көнньүөрэр

Ааптар: 
28.03.2020
Бөлөххө киир:

Томпо улууһун олохтоохторо Саха сиригэр коронавирус дьаҥын балаһыанньатын  туһунан истэ-билэ олороллор.

edersaas.ru

Улуус киинин Хаандыга олохтооҕо Мария Федорова Томпоҕо сыстыганннах дьаҥы утары туох үлэ ыытылларын туһунан бу курдук кэпсиир:

Улахан долгуйуу суох да буоллар, араас иһитиннэрии, сэрэтии үлэтэ ыытылларын болҕомтоҕо ылан, Хаандыгаҕа мааска кэтэ сылдьар киһи үгүс. Аптекаҕа мааска атыыга суох. Ол иһин буолуо, бэйэ тигии мааскалаах дьон элбэх. Маҕаһыыннарга  ирдэбили тутуһан, барытыгар сууйуу, сотуу бөҕө.

Ханна тиий — киһи санаата көнньүөрэр гына сибиэһэй, ыраас. Уһун өрөбүллэр саҕаланан, дьон наадалааҕын ыксаабакка атыылаһар.

Онно-манна толору суумкалаах киһи үгүс. Сыана үрдээбэккэ турар, ас-үөл дэлэй.

Оскуола оҕолорун каникуллара буолан, үөрэх тэрилтэлэрэ бары кураанахтар.  


Тэрилтэлэргэ дистанционнай үлэни көҥүллээннэр, киһи үксэ дьиэтигэр олорон үлэлиир. Саастаах дьон харыстанан, таһырдьа быкпаттар. 


Аныгы үйэ буолан, интэриниэтинэн, социальнай ситимнэринэн өрөспүүбүлүкэ салалтата тустаах балаһыанньаны күҥҥэ иккитэ сырдатара, кэпсиирэ үчүгэй. Барытын истэ-билэ олорор буолан, туох да аймалҕан суох. Бары ирдэбил кэмигэр тутуһуллар. Сыыйа маннык кытаанах бэрээдэккэ үөрэнэн хаалларбыт, олус бэрт буолуо этэ.

Ити курдук, улуустарга дьон коронавирус эпидемиятын утары ыытыллар ирдэбиллэри сөптөөхтүк тутуһар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0