Сарсыада алта чаас. Куорат пааркатыгар сүүрэ кэллим. Күһүҥҥү сөрүүн салгыны ордук сарсыарда өттүгэр эҕирийдэххинэ, тыҥаҥ хас биирдии хайаҕаһынан иһирдьэҕэ диэри түһэр курдук. Бэс тыа устун сүүрэн иһэн, күөх мастар быыстарыгар сайыны бүппэтэх да диэх курдуккун. Арай күһүн кэлбитин биирдиилээн үүнэн турар, саһарбыт хатыҥнар биллэрэллэр.
Пааркаҕа сарсыарда дьарыктанар киһи олус элбэх. Ордук хаамар дьон элбээбит. Аҕам саастаах дьон доруобуйаларын көрүнэр, хамсанар буолбуттара киһини үөрдэр. Баҕар, биир эмэ киһи хаамыан наһаа баҕарар эрээри, хайдах, туохтан саҕалыырын билбэтэ буолуо. Оччоҕо салгыы аах.
СКАНДИНАВСКАЙ ХААМЫЫ ТУҺАТА
Хаалыктаах хаамыы көннөрү хаамыыттан уратыта диэн, тобукка уонна тоноҕоско бэриллэр ноҕуруусканы кыччатар. Киһи сүрэҕин уонна тыҥатын дьарыктыыр. Скандинавскай хаамыынан өр дьарыктаммыт киһи көнө быһыылаах-таһаалаах, тулуурдаах, тирэхтээх буолар. Илиитэ-атаҕа ыалдьар дьоҥҥо бу саамай сөптөөх эмтиир дьарык эбит. Хас биирдии бэйэтин көрүнэр, чөл олоххо тардыһар киһи паалкалаах хаамыан сөп.
ПААЛКАНЫ ХАЙДАХ ТАЛАБЫТ?
Аан маҥнай скандинавскай хаамыынан Финляндияҕа дьарыктанан саҕалаабыттар. Бу дойду хайыһардьыттара хаар суох кэмигэр дьарыктарын тохтотумаары, сайынын хаалыктаах хаамар буолбуттар. Бастаан көннөрү хайыһар хаалыгынан хаамаллар эбит. Кэнники элбэх чинчийии үлэтэ ыытыллыбытын кэннэ, паалкалар уларыйдылар. Бастатан туран, паалка уһуна киһи үрдүгүттэн тутулуктаах. Саҥа саҕалыыр буоллаххына, үрдүккүн 0,66 сыыппараҕа төгүллүүгүн, орто тиэмпэлээх хаамар буоллаххына, 0,68, түргэнник сылдьар, үчүгэй физическэй туруктаах буоллаххына 0,70 төгүллээ.
Сорох хаалыктар хомуллаллар, онон илдьэ сылдьарга табыгастаахтар. Ол эрээри, алдьанымтыалар үһү. Алюминийтан оҥоһуллубут паалка сыаната чэпчэки, оттон карбоновай паалка ыарахан эрээри, үйэлээх. Паалкалар сыаналара ортотунан 1 500 солкуобайтан саҕаланар.
ХАЙДАХ ТИЭХИНЬИКЭЛЭЭХ ХААМАБЫТ?
Хаамыах иннинэ быччыҥнары сылытар уонна бэлэмнэнэр сыаллаах чэпчэки эрчиллиилэри оҥороргун умнума. Онтон дьэ хаалыккынан сири таарыйбакка эрэ, көннөрү хаамар курдук хааман көр. Тиэмпэҕин «маннык сөп» диэтэххинэ, хаалыккынан тайанан хаамп. Илиигин инники аҕаларгар наһаа токурута сатаама, кэннигэр ыытаргар хаалыккын көннөрү быраҕар курдук ыытан кээс, быатыттан тутуһан бэйэтэ түһүө. Онтон иннигэр аҕаларгар, хаалыгыҥ тутааҕыттан тутан таһаар. Саҥа саҕалыыргар бытааннык хаамп. Тиэхиньикэҕин чочуйа сатаа, бу – улахан оруоллаах.
ХАЙДАХ ТАҤНАБЫТ?
Эккэр сыстар таҥаһыҥ спортивнай, синтетическэй буолара булгуччулаах. Көннөрү таҥастан оҥоһуллубут маайкалаах хаамтаххына, тиритэр түгэҥҥэр көлөһүнүҥ тымныынан хаарыйа сылдьыа. Ол саастаах дьоҥҥо олус сэрэхтээх. Оттон синтетическэй таҥас киһи көлөһүнүн оборбот. Сүүрэргэ эбэтэр хаамарга аналлаах халыҥ уллуҥнаах атах таҥаһын (кроссовка) кэтэриҥ ордук, тобук уонна атах ноҕуруускатын биллэрдик кыччатыа.
Виктория Бястинова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — СИА, интэриниэттэн.