Хаайыллан олорор болдьохторун хаттаан көрүү түмүгэр, 30 киһи холуонньаттан босхолонно, 400-тэн тахса киһиэхэ буруйун боруостуур болдьоҕо кыччаан биэрдэ.
Онно төрүөтүнэн, 2018 сыл от ыйын 3 күнүттэн «РФ Холуобунай кодексатын 72-с ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрии» диэн федеральнай сокуон буолбут. Бу сокуонан, уопсай эрэсиимнээх уонна көс-холуонньаларга буруйдарын боруостаан олорор дьон болдьохторо хаттаан быһаарыллыбыта.
Накаастабылы толорор управление суукка 440 кэриҥэ хаайыылаах матырыйаалын ыыппытыттан, 30 киһи холуонньаттан босхолонно, 400-тэн тахса киһиэхэ буруйун боруостуур болдьоҕо кыччаан биэрдэ.
Бу туһунан РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.