Табаҕа бөһүөлэгэр баар 7 №-дээх кытаанах эрэсиимнээх холуонньа психологтара буруйдарын боруостааччылары кытта үлэҕэ саҥа ньыманы киллэрдилэр.
Ол курдук, бу холуонньа иһинэн баар көс-холуонньа хаайыылаахтарыгар саҥа арт-терапевтическай тиэхиникэни – өстүөкүлэҕэ уруһуйдааһыны — билистилэр.
Анал мас араамалардаах тааска өҥнөөх биитэр гуашь кырааскаларынан араас тиэмэҕэ тугу баҕаралларын уруһуйдууллар. Ол үксүгэр, дьиэ, чугас дьонноро, айылҕа көстүүтэ буолаллар эбит.
Өстүөкүлэҕэ уруһуйдааһын уус-уран айымньы биир көрүҥэ эрэ буолбакка, психолог хаайыылаах ис туругун билэригэр, иһигэр тута сылдьар кыһалҕаларын быһаарарыгар көмөлөөх ньыма буолар.
Бу туһунан РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата.