Ийэ — эн ким да буол — сокуон үлэһитэ, хаайыылаах — барыбытыгар саамай күндүттэн күндү киһи. Хатыылаах боробулуоха нөҥүө өттүгэр буруйдарын боруостаан олорооччуларга ийэҕэ таптал өссө күүһүрэргэ дылы.
Дойдуга Ийэ күнэ сэтинньи бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньыгы көрсө, Үөһээ Бэстээххэ баар 3 №-дээх уопсай эрэсиимнээх уонна Мохсоҕоллоохтооҕу 6 №-дээх кытаанах эрэсиимнээх холуонньаларга анал тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Буруйдарын боруостааччылар үөрэтэр-консультациялыыр пуун учууталларын кытта бииргэ кэнсиэрдэргэ уонна литературнай көрсүһүүлэргэ кытыннылар. Онно ийэҕэ анаммыт, ийэҕэ таптал туһунан ырыалары ыллаатылар, хоһоон аахтылар.
Ону сэргэ, ити тиэмэҕэ анаммыт уус-уран киинэ көрдүлэр, эркин хаһыатын куонкуруһугар кытыннылар.
Маннык тэрээһиннэр бу күннэргэ холуонньаларга барытыгар ыытыллыахтара.
Бу туһунан РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата.