Уһун кыһын устата сүөһүнү-сылгыны тотоойу уонна иҥэмтэлээх аһылыгынан хааччыйарга от-бурдук хаачыстыбата улахан суолталаах.
Быйыл үгүс улууска кэлэ-кэлэ түһэ турар ардахтаах сайын буолан, уу ылбатах ото диэн суоҕун кэриэтэ, отчуттар оту туустуу-туустуу, кэбиһэргэ күһэлиннилэр. Онон улуустардааҕы бэтэринээринэй-чинчийэр лаборатория исписэлиистэрэ оттооһун саҕаланыаҕыттан от хаачыстыбатын кытаанах хонтуруолга туталлар.
Кэбиһиллибит оттон, бэлэмнэммит сиилэстэн боруоба ылан чинчийиилэри оҥороллор итиэннэ онно олоҕуран отчуттарга хаачыстыбаны үрдэтиигэ сүбэ-ама биэрэллэр, нэһилиэнньэҕэ киэҥ өйдөтөр үлэни ыыталлар.
Раиса Сибирякова, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1