Болҕомто хааччахтаныыттан хаайтарбат

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Эдьигээҥҥэ кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор интэринээт дьиэлэригэр болҕомто улахан.

СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ бу интэринээккэ 32-ттэн 90-гар диэри саастаахтар олороллорун бэлиэтиир. Манна олорооччулары пандемияттан харыстаан, кинилэр этэҥҥэ буолалларын туһугар кэлэктиип бары кыһамньытын уурар диэн суруйаллар.
Эдьигээҥҥэ кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор улуустар икки ардыларынааҕы интэринээт дьиэлэрэ муус устар 14 күнүттэн хааччахтанан олорор. Үлэһиттэр симиэнэнэн, иккилии нэдиэлэ буола-буола кэлэллэр.
«Коронавирус дьаҥын бохсууга үлэлиир суһал ыстаабы уонна СӨ Үлэ социальнай сайдыы министиэристибэтин кытта ыкса сибээһи тутабыт. Атын тэрилтэлэри кытта ыраахтан интэриниэтинэн, төлөпүөнүнэн үлэлэһэбит. Бу уустук кэмҥэ, былырыын кварцевай лаампалары ылбыппыт улаханнык абыраата. Онон эбии итинник тэриллэри уонна дьаҥтан харыстанар сириэстибэлэри  ылбыппыт», — диэн дириэктэр Матрена Харбаева кэпсээбит.
Интэринээт дьиэҕэ санитарнай-эпидемиологическай ирдэбил кытаанахтык тутуһуллар. Социальнай үлэһиттэр, медиктэр, интэринээт үлэһиттэрэ сырыы ахсын тест туттараллар. Икки мэндиэмэн тухары бары хосторго изоляция тутуһуллар, хантаактаспаттар. Күҥҥэ биэстэ аһыыллар, ол барыта хосторугар аҕалыллар. Санитардар дезинфекцияны иккилии чаас буола буола оҥороллор. Быраас барытын хонтуруолга тутар. Санэпиднадзор ирдэбилинэн, коронавирус дьаҥын бохсон, култуурунай-маассабай тэрээһиннэр ыытыллыбаттар. Дьаҥтан харыстаан уонна чуҥкуйбатыннар диэн мэдиссиинэ, өй-санаа, уйулҕа өртүттэн көмөлөөх үлэлэр ыытыллаллар, сынньалаҥнарыгар болҕомто ууруллар диэн  sakha.gov.ru суруллар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0