Хааһах Уйбаан анаарыыларын сэргээҥ

25.09.2022
Бөлөххө киир:

Киһи олоҕун устата үөрэнэр. Билбэтин билээри, саҥаны истээри, сүбэлэтээри. Биһиги ортобутугар үгүс үлэни сылыктыыр, тойоннуур, наардыыр, түмэр толкуйдаах аҕам саастаах дьон бааллар.

edersaas.ru

Балаҕан ыйын 21 күнүгэр эйгэни кытта үлэлиир «Тубсаана» бөлөххө саха санаалаахха чахчы киэҥ өйдөөх, дириҥ билиини сомсор, 26 кинигэ ааптара И.И.Каженкин-Хааһах Уйбаан кэлэн ыалдьыттаан, ааҕааччыларын кытта көрүстэ.
Хааһах Уйбаан аҕам саастаах киһиэхэ элбэҕи да анааран, ырытан, архыып кумааҕыларыгар олоҕуран, тирэхтээн суруйар эбит. Ону, ааһан билиҥҥи ааҕааччыга олус туһааннаах сүбэлэрдээх, анаарыылаах суруйуулар. Оҕону иитии, үөрэтии билигин күннээҕи кыһалҕабыт буоллаҕына, бука диэн «Оҕо өйө-санаата, сайдыыта» кинигэни булан аах, кутуү-сүрүҥ ыалдьар эбэтэр уоскуппат, долгутар үс кут диэн тугун билиэн баҕарар киһи «Кут-сүр үөрэҕэ(өй-санаа уратылара) ылан аах. Ыал буолаары сылдьар эдэр дьоҥҥо эбэтэр саастаах да ыалга «Ыал буолуу үгэстэрэ» быйыл сылга тахсыбыт буруолуу сылдьар саҥа кинигэтэ сүбэлиэ.
Биири өссө тоһоҕолоон этиэм этэ. Киһи аймах үөрэх-билии таһымын, өйүнэн баайын баһылаата диибит, оттон баччаҕа диэри арыгы аспыт кыайтарбат. Онно үчүгэй сүбэлэрдээх, холобурдаах кинигэ «Өй көтүүтэ». Бу манна ааптар: «Хайдах да үтүө киһи, хайдах да үрдүк үөрэхтээх киһи арыгыттан өйө көтөр», — диэн этэр. «Атаах оҕо арыгыһыт буолар» диэн этии былыр сахаларга баар эбит. Бу кинигэтигэр ааптар арыгы дьон олоҕо сайдан иһиитигэр ылбыт оруолун табатык сыаналааһыннарынан ааҕааччы болҕомтотун ыларын мэктиэлиир…
Бу кинигэлэр тыллара-өстөрө судургута, киһи ааҕарыгар чэпчэкитэ, оскуола улахан да саастаах оҕото, улахан да дьон судургутук ааҕалларыгар табыгастаахтык суруллубут.
«Сылдьыбыт сыыһы булар» диэн өбүгэ өс хоһоонугар олоҕуран, кэлбит ыалдьыттар тус бэйэлэригэр тугу истиэхтэрин, билиэхтэрин баҕарбыттарын кэһиилэнэн, ыалдьыппыт Хааһах Уйбаан хоммут уоһун өһүлэн сэһэргэһэр, дуоһуйан тарҕастыбыт.


Үгүс ааҕааччы ааптары «Түүл-Үөһээ дойду илдьитэ» диэн бэлиэ кинигэтинэн билэллэр. Бу кинигэ 2014 с. тахсыбытыгар дьон-сэргэ утаппыттыы аахпыта, атыыласпыттара, билигин бу кинигэ уонна да атын эйгэҕэ сыһыаннаах кинигэлэрэ ахсаана аҕыйаҕынан, ис хоһооно чахчылааҕынан, киһи кутун-сүрүн иитэринэн сэдэхтэр. Ааптар бу бастакы кинигэтин тоҕо түүлү тойоннооһунунан саҕалаата? Кинигэ аата да кэрэһэлииринэн, түүл диэн Үөһээ дойду өйө-санаа диир. Ол эбэтэр ааптар чопчулуурунан, «түүлү үөрэтии киһи өйүн-санаатын үөрэтии» диирэ оруннаах. Былыр түүллэрин ойууннарга эрэ этэн, туох ис хоһоонноох түүл буоларын, туох үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буолаары гынна диэн сэрэхэдийэн кэлэн ыйыттаран, буолаары турар түгэҥҥэ өйдүүн-санаалыын бэлэмнэнэн, үөһэттэн сэрэтии эбэтэр бэлэх диэн саныыллар эбит. Оттон күн бүгүн сайдыылаах олохпутугар дьон син биир түүллэрин билгэлэниэхтэрин баҕараллар.
Итинник, түүлбүтүн эрэ буолбакка, Хааһах Уйбаан киһи олох олорорун тухары бары эйгэтин туһунан суруйууларын билиһиннэрдэ.
Манна эбэн эттэххэ, «Тубсаана» эйгэни кытта үлэлэһэр айар бөлөҕө, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн диэн өс хоһооҥҥо олоҕуран, эһиэхэ куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар, оскуола оҕолоругар тылга, төрүт дорҕооҥҥо, уран дьарыктарга, ону сэргэ тыаҕа олорор ханна да иһиллибэтэх, көстүбэтэх сэһэннээх, талааннаах, дьоҕурдаах дьону кытта билиһиннэриэ.
Онон, бар дьоммут  кэлэн ыалдьыттааҥ, сэһэргэһиҥ,сэһэргээҥ! Ким сэҥээрбит бу нүөмэргэ эрийэн билсиҥ 89681626046 (Айгыына)

«Саха сирэ», edersaas.ru Акулина ИВАНОВА- Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0